Арааһынай булчуттар баар буолааччылар
Аҕабынаан үһүө буолан бултаатыбыт. Оҕонньоттор андаатардыыллар. Мин сүрүн булдум тииҥ.
Кыттыгаспыт дьиибэ киһи этэ. Биир үүтээҥҥэ олоробут эрээри, тус-туһунан астанабыт. Арай, кыс ортото килиэппит бүтэн хаалла. Мин, эдэр киһи, килиэбэ суох моһуогурдум. Эт хабарҕаҕа турда. Олох аанньа аһаабат буоллум. Дьэ, килиэп күндүтүн онно биллим. Кыттыгаспыт көрө-билэ сылдьар да, олох бэрсибэт. Санаабар үөннээх баҕайытык көрө-көрө, килиэбин халыҥ баҕайытык арыылана-арыылана, айаҕын чамырҕатан сиир. Дьэ кыһыы. Аҕам эрэйдэнэрбин көрөн дэриэбинэҕэ ыытта. Оо, ол саҕа үөрбүтүм суох этэ. Ийэм барахсан буһарбыт килиэбэ үллэн-баллан, саһарчы буһан, билигин да амтана айахпар кэлэр курдук. Оччолорго бэкээринэ суох. Ийэм никольскайдартан үөрэнэн, килиэби наһаа үчүгэйдик буһарара. Бөтүҥҥэ кини курдук килиэби астыыр дьахтар суоҕа, онон оччотооҕу Бөтүҥ дьоно ийэм буһарбыт килиэбин элбэхтэ сиэн махтаннахтара.
Аны кыттыгаспыт биир дьиктитэ, бултаабыт андаатарын тириитин киэһэ аайы бэрий да бэрий, аах да аах буолар. Арааһа, уоруохтара диир быһыылаах… Төһө да ааспытын иһин, биир үүтээҥҥэ, бииргэ кыттыһан бултуох диэтэххэ, ыарахан киһи этэ. Кэпсэппэт-ипсэппэт, туох былааннааҕын, тугу гыныахтааҕын ким да билбэт. Аҕам сымнаҕас киһи эбит. Хор, биирдэ хатыылаах тылы саҥарбатаҕа, хайдах кыттыгас буолбуттарын сатаан санаабаппын. Арааһа, тойоттор үөһэттэн күүстэринэн сыһыардахтара. Аны дьиибэтэ, ити сыл хапкааммар уон түөрт саһылы үктэппитим. Ол дьыл саһыл наһаа элбээбитэ. Ол эрээри, түүлэрэ-өҥнөрө боростуой баҕайы этэ. Хайа баҕарар булчут үйэтин тухары, хара кырымахтаах саһылы бултуур ыра санаалаах. Кырымахтаах саһылы бултаабыт киһи уос номоҕор киирэр. Миэхэ Байанайым тосхойботоҕо.
* * *
Биһиги Бэтэкээммит үүтээнин ампаарыгар элбэх булчут этин уурааччы. Араас хамаандалар эттэрэ мунньулуннаҕына, бэйэтэ туһунан эт ыскалаатыгар кубулуйар. Ыл да сиэ диэбит курдук. Сороҕор суох кэмҥэр эттэрин уурбут буолаллар, онон кимиэнэ буоларын билбэккин. Булчуттарын көнө бөҕө сүрүннээх дьон буоллахтара. Кыһын сыарҕа хаара түспүтүн кэнниттэн, тиэйэн бараллар. Эккэ балыйсыы суох буолааччы. Ыллам-дьэллэм булчуттар мээнэ аҕалан быраҕан кэбиһээччилэр, сорох дьон бээ, ыбылы суулаан, бэлиэ бөҕө хаалларан киһи биир да ыстал эти ылбат гына оҥороллор. Итинник быһыы үксүн куорат булчуттарыттан тахсааччы. Куоракка олохторун эйгэтэ оннук буоллаҕа… Бултаабытым тухары биһиги ампаарбытыттан эт сүтүүтэ, уоруута тахсыбатаҕа.
Сэбиэскэй кэмҥэ тыа дьоно уокка оттор маһы кэрдиммэттэрэ, от оттооботторо. Звеноҕа сылдьар отчуттар оту эбии төлөбүр курдук ылаллара, былааннаах отторуттан быраһыаннаан. Оччолорго чааһынайгар түөрт-биэс сүөһүттэн ордугу ииттинэриҥ көҥүллэммэт. Онон сүөһүн отун сопхуос атыылыыр, оттук маһы эмиэ. Саха сирин хас дэриэбинэтин аайы мас кэрдээччи нууччалар баар буолааччылар. Дэлээнэҕэ үрдүттэн олорон үлэлииллэр. Билигин санаан көрдөххө, бүттүүн Саха сирин үрдүнэн, элбэх да нуучча тыаҕа бүгэн, үлэлии олорбут эбит. Холобур биһиэхэ, Уус-Алдан Суоттутугар Малышкин Борис диэн нуучча өлүөр диэри олорбута. Уҥуоҕунан кыра, хачаайы гынан баран иҥиирдээх киһи эбит. Күҥҥэ уон кууб маһы бэлэмниирэ. Оччотооҕу «дружба» эрбии лиһигирээн-лаһыгыраан, ыйааһына ыарахана, хаппырыыһа бэйэтин киэнэ буоллаҕа. Дьэ, оннук сэбинэн тоҥуу хаары кэһэ сылдьан, тоҥ маһы суулларан, мутуктаан, мутугун чөмөхтөөн, кэрчиктээн, ортотунан хайытан, аны дьаарыстыах диэтэххэ балысхан үлэ диэтэҕиҥ. Эттэххэ эрэ дөбөҥ. Иҥиирдээх киһи эбит. Ол быыһыгар, бу Малышкиммыт маһы уоран атыылаата диэн, үс сыл хаайыыланар. Суоттуну дойду оҥостубута дуу, ханна да барар сирэ суоҕа дуу, босхолоноот Суоттуга кэлэн, эмиэ дэлээнэтигэр тахсар. Бу барахсаныҥ, кэнники балык уҥуоҕар харан, онтуката ириҥэрэн, ас барбат буолан өлөөхтөөбүтэ.
Итинник курдук киһи Бөтүҥҥэ, Хохол Мишка диэн баара үһү. Бу киһи бултуура биллибэт эрээри, ыт иитиитинэн дьарыгырар уратылаах киһи эбит. Аҕыска тиийэ ыттаммыта биллэр. Ол быыһыгар аттаах. Ити үлүгэр элбэх ыты аһатыах диэтэххэ, элбэх бириэмэни эрэйэр, түбүгүрэҕин. Булчуттар кэлэ-бара таарыйдахтарына наһаа үөрэр, тэһийбэт да буоллаҕа. Кэнники биллибитинэн, бу Хохол Мишкабыт олох даҕаны хаамаайы киһи буолбатах эбит. Аҕата Иркутскайга горкомҥа үлэлиир улахан дуоһунастаах тойон, ийэтэ учуутал эбиттэр. Дьэ уонна туох кыһалҕатыттан түҥ тыа дойдуламмыта таабырын. Хохол Мишка барахсан, күөгэйэр күнүгэр сылдьан, инсуллаан хаалбыт. Аҕата «уолбун сахалар кырбаан ыарыһах оҥордохторо» диэн кэлэ сылдьыбыт уонна сөхпүт. Уолугар Мишкаҕа, балыыһаҕа ас бөҕө аҕалаллар, көрсө кэлэллэр ахан үһү. Бэл, аҕата илдьэ барарыгар, сөмөлүөккэ киирэллэригэр ытаабыт уонна:
— Өллөхпүнэ миигин манна аҕалан, Сахам сиригэр көмөөрүҥ, — диэн кэриэһин эппитин, онно атаарбыт уолаттар хараастан кэпсииллэрэ. Маны тоҕо суруйдуҥ диэтэргит, киһи омугуттан тутулуга суох, айылҕа абылаҥар ылларар күүһүн кэпсээри.
* * *
Мэхээлэттэн ыйытабын:
— Бу сүүрбэ биэс сыл бултаабытыҥ тухары, биирдэ эмэ муммутуҥ дуо?
— Кыылы эккирэтэн, сиргэ хонуу элбэх бөҕө буоллаҕа. Биирдэ даҕаны мумматаҕым. Ол гынан баран, биир дьиктигэ түбэһэн турабын. Кыһын оройо. Ыҥыыр атынан тииҥнии сылдьабын. Ол күн балаах баҕайы күн буолбута, хаар түһэн үлллүктүүр да үллүктүүр. Туох да көстүбэт үлүгэрэ. Эгэ, илини-арҕааны быһаарыаҥ дуо? Ытым үрбүт тииҥнэрин хамыйа-хамыйа баран иһэбин. Күнүһэ-киэһэтэ биллибэт. Киэһэ үүтээммэр быыс булан туоһапкам ботуруоннарын оргуппатаҕым, таах ыҥыырга олоруохтааҕар тирээпкэнэн ботуруоннарым арыыларын сото иһэбин. Ботуруон кураанах хаатын илиим таһынан элээрдэн кэбиһэбин. Эмискэ аттаах, ыттаах киһи суолугар кэтиллэ түһэбин. Испэр саныыбын: «Ээ, Хохол Мишка тииҥниир эбит дии. Оччотугар бу эргин бүтэрдэҕэ», — уонна аппын олох атын хайысханан туора салайабын. Хохол Мишка үүтээнэ мантан наһаа ырааҕа суох буолуохтаах диибин. Дьэ, оннук тоҥуу хаары оймоон баран иһэн, эмиэ аттаах, ыттаах киһи суолун таба тайанабын. Суоллара сибиэһэй, хаар саба түһэ илик. «Бэйи, үөҥҥэ эккирэтэн көрүөххэ, баҕар ситиэм. Киһини кытта кэпсэппэтэх да ыраатта» дии санаат, аны суолу батан барааччы буоллум. Син балайда бараат, хаарга туоһапка ботуруонун хаата сытарын көрдүм. «»Хата диэ, өссө туоһапкалаах эбит» диибин. Аппын түргэтэтэ сатыыбын, киһим ситтэрбэтэ. Хаар бөҕө түһэр. Арай, били туоһапкам ботуруонун хаатыгар эмиэ тиийэн кэллим. Ат, ыт суола элбээн хаалбыт. Дьэ, «бабат» дии түстүм. Онно эрэ өйдөөтүм, эргийэ сылдьарбын. Киһи өйө бааллар да буоларыттан сөхпүтүм. Ат айанныан сүрэҕэлдьээтэҕинэ киһи өйүн сүүйэр эбит. Санааҕар көнөтүк бара турар курдуккун ээ. Биллибэтинэн сыыйа эргийэн эрдэҕэ.
Тус санаа
Мин күннээн түүлээхтиирим саҕана ГОСПРОМХОЗ диэн тэрилтэ баара. Үчүгэй тэрилтэ этэ. Оччолорго Бөтүҥ нэһилиэгэр аҕыс булчут баара. Каадырабай булчут соҕотохпун. Бу тэрилтэ булчуттары таҥаһынан, хапкаанынан, саанан, буулдьанан эҥкилэ суох хааччыйара. Чугас бултааччылары ГАЗ-66 массыынанан, ыраахтары бөртөлүөтүнэн илдьэрэ. Билигин санаан көрдөххө, кыахтаах тэрилтэ эбит. Биир нэһилиэккэ аҕыс булчут баар буоллаҕына, бүтүн Саха сирин үрдүнэн төһөлөөх элбэх булчут баара буолуой? Бу дьон бары бултуур анал сирдээхтэр. Ким да туораттан кэлэн орооспот, онон ампаардаах астарын курдук санаан булка харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Булду имири эспэккэ, булт болдьоҕун олунньуга бүтэрэллэрэ. Оччолорго киис суоҕа. Киис 1990 сыллартан биллэн барбыта. Мин кыратык хапсан бултаспытым. Саҥа булт буолан, бултуурга саҥа сүүрээннэр киирбиттэрэ. Эчи, тириитэ күндүтэ, сыаната сыттаҕа. Киис кыра буолан баран, адьырҕа буолара тута биллэн барбыта. Ол хаан олбохтоох да сырыытыттан биллэрэ. Итиннэ тииҥ кутуруга, манна мас көтөрүн түүтэ бурҕайа сытар буолар. «Манан буоллаҕына, кииспит сайын куобах төрүөҕүҥ эһииһи», — диэн сөхтүбүт. Киис тириитэ күндүтүн аанньа бултуурга наһаа эрэйдээх эбит. Абааһы да атаҕын тоһутар сыбардарынан ыырданар. Ханна утуйан сынньанара биллибэт, анал олохтоох сирэ суох. Булт саҥа ньыматын көрдөөһүн, ыттары үөрэтии саҕаланар. Хата, иҥсэтэ бэрт буолан, мэҥиэҕэ сааҥтаан хапкааны үттүүрүнэн маладьыас эбит.
Мин бултуур кэммэр бөрө суоҕа. Арай биирдэ, айан бөрөлөрө олуктаабыт суолларыгар хапкаан иитэн, биир бөрө икки тыҥыраҕын ылан хаалбытым. Онон тайах бэйэтэ дьаалатынан үөскүүр буолан, кыыл күһүҥҥү хаамыытыгар тииһинэрбит.
1991 сыллаахха, былаас уларыйыытыгар, хаарыан ГОСПРОМХОЗ тэрилтэбит эстибитэ. Булчуттартан туох баар харабыыннарын, туоһапкаларын, булт тэриллэрин барытын хомуйан ылбыттара. Онон, биир да булчут саата суох хаалбыта. Ыһыллыы-тоҕуллуу бөҕө буолбута. Бултанар сирдэр хаһаайына суох иччитэхсийбиттэрэ. Туохтан да иҥнибэт күүстээх тиэхиньикэлэр күөдьүйбүттэрэ, омук күндү саалара дэлэйбиттэрэ. Күннээҕинэн сылдьар быстах «булчуттарбыт» дэнээччилэр хара тыаны сиксигинэн сүүрдэн, сылаас массыынанан сылдьан, сынньалаҥнык бултаан, тоҥору-хатары билбэккэ, кыылы сонордоон эрэйдэммэккэ, сиэри-туому кэһэн, үлүбээй бултуулларыттан киһи хараастар. Итинник дьону «булчуттар» диэхпин тылым тахсыбат.
Урут, булчуттарга болҕомто ууруллар да эбит. Бэл, биир кэмҥэ, Новосибирскайтан лаайка ыттары аҕала сылдьыбыттара. Тоҕо эрэ, бу ыттар ууһаан-тэнийэн барбакка өлөн-сүтэн хаалбыттара. Сааһыран, бултан тохтоон олорон, Айгыр Силик Айылҕам барахсан хара тыатын маһа кэрдиллэн, кыыла-көтөрө үлүбээй бултанарыттан хараастабын. Идэтийбит булчуттар суох буоланнар, ким ханна, тугу бултуура көҥүл. Араас прибордары туттан, хантан баҕарар кэлэн, муммакка чуо бултаан бараллар. «Мин өлөрбөтөхпүнэ, атын киһи өлөрүө» диэн быстах санаалаах дьонтон тугу булан ылыаххыный?! Айылҕаны наһаа айбардыыр дьону айылҕа иэстэһэрин өйдөөбөттөрө хомолтолоох!
Айылҕа — таайыллыбатах таабырын. Киһи билбэтэ үгүс. Баай Барыылаах Байанай сиэри-туому тутуһар, киниэхэ сүгүрүйэр киһини араҥаччылыыр, арчылыыр аналлаах. Ол иһин, билигин оскуола уолаттарыгар, тыаҕа хайдах сылдьарга, кыһын хаары хаһыйан уоту отторго, булт суруллубатах сокуоннарыгар, иитиллэн олорор айылҕабытын таптыырга үөрэтэбин.
Бэйэм төрөппүт икки уолбун, маһы-оту алдьаппакка, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэппитим.
Түмүкпэр этиэм этэ, хойутун хойут, бултууру этэҥҥэ дьаһайдахтарына, «Булчут» диэн бултаан айаҕын ииттинэр киһи, халыҥ сис тыаттан хаары санныгар бүрүнэн, туут хайыһарын сыыйа тэбэн тахсыа диэн эрэнэбин.
Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах,
Суотту, Уус Алдан.
Хаартыска ru.dreamstime.com ылылынна