БУЛТ МУЧУМААННАРА

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Булка сылдьан, киһи эҥин арааска түбэһэрэ элбэх буоллаҕа дии. Дьэ, араас быһылааҥҥа, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах түбэлтэлэригэр түбэһэҕин. Дьиибэлэр-дьээбэлэр даҕаны ханна барыахтарай? Уонна кыһыылаах-абалаах даҕаны түгэннэр баар бөҕө буоллахтара.

* * *

Бу түбэлтэ аҕыс уонус сылларга Бэрдьигэстээхтэн соҕуруу, Дьоло диэн, Куорунай оройуона Хаҥалаһы кытта силбэһэр сиригэр буолбута. Бу сир дьоҥҥо-сэргэҕэ эмиэрикэлэр аатырдар «Дуглас» сөмөлүөттэрэ Дьолоҥкуй үрэҕэр суулла сытарынан биллэр. Аҕа дойду сэриитин эрэ кэнниттэн ол сөмөлүөт дьон бөҕөтүн толору тиэнэн көтөн испит. Саахалланан баран, син салаллар эҥин эбит бадахтаах. Онон кэҥэс соҕус үрэҕи бата, уҥа кынатынан синньигэс соҕус хара мас быыстаах бэс ойууру солоон, хата, этэҥҥэ олорбут. Пилоттара сатабыллаах дьон буолан биэрбиттэр. Оҥоһуута суох сиргэ сөмөлүөтү этэҥҥэ олордуу — бу туһугар эмиэ ураты хорсун быһыы буоллаҕа эбээт. Ол гынан баран, бу дьон туһунан туох да сурах-садьык иһиллибитин тоҕо эрэ билбэппин, истибэтэҕим. Улахан эчэйии, дьон өлүүтэ тахсыбатах. Биһиги аҕыс уонус сылларга бултуу сылдьарбытыгар сөмөлүөт куорпуһа, мотуордарын сэмнэҕэ син баар этилэр.

Дьэ бу сир эргин мин үчүгэйдик билэр киһим Дьөгүөрэп Лэгэнтэй Сэргиэйэбис бултуур. Дьон-сэргэ кинини Сирэй Киэсэ диэнинэн билэллэр. Эдэр сылдьан, оройуонугар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэ сылдьыбыт тустуук, гиирэни анньыыга Манчаары оонньууларын хас да төгүллээх призера, оройуон хас да төгүллээх чөмпүйүөн суоппара.

Кини балаҕан ыйын бүтүүтэ бултуу сылдьыбыт, ыттара сис оройугар үрэн киирэн барбыттар. Бултуу сылдьар киһи, ыттарын саҥатын истээт даҕаны, бастаан хайа диэки үрэллэрин, тыала хантан үрэрин, билэр сирэ буоллаҕына, ханан уонна хайдах түргэнник тиийэрин, ыттарын үрэллэриттэн сылыктаан, туох, ханнык кыылы үрэллэрин эндэппэккэ билэр. Ыт мас көтөрүн туспатык, тииҥи эбэтэр саарбаны эмиэ атыннык, улахан кыылы букатын уратытык, эбиитин соҕотох тайахтан хаайсыылаах тайахтары эмиэ араастык үрэр буоллаҕа дии.

Бу сырыыга Киэсэ бэркэ мунаарбыт, ыттара биир сиргэ хамсаабакка үрэллэр эрээри, уордара-кылыннара сүрдээх эбит.

Хата, чугас соҕус сиргэ үрэллэр гынан баран, сиһи өрө сүүрэн тахсарыгар, кыанар соҕус киһибит балачча илистэн, үөһэ-аллара тыынан тиийэр.

Ыттара иккилээх эһэ оҕотун тииккэ таһааран үрэ сылдьаллар эбит. Онно киһи дьиктиргиирэ туох даҕаны суох эрээри, кыылын бултаан баран көрбүтэ, эһэкээнин муннун куобах туһаҕа, томторуктуу, ыйыллары тардыллан, ыбылы ыла сылдьар эбит. Бэл диэтэр, тириитигэр быһа киирэн, сыҥааҕын алын өттүнэн хааннаммыт. Улаханнык бааһырбатах, ириҥэрбэтэх. Онон сылыктаатахха, туһаҕын кэтиитэ соторутааҥҥы буолан биэрбит. Кини бэйэлээх, хайаан кыайбакка, тыҥыраҕынан төлө тардыбатаҕын Киэсэ бэркиһээн бөҕө буолан кэпсээн турар.

* * *

Күһүн. Балаҕан ыйын бүтэһик күннэрэ. Мин соҕотоҕун «ИЖ-Юпитер 3» матасыыкылынан мас көтөрдүү, куобахтыы диэн ааттаан, Дьахтар Охтубут үрэҕин баһыгар тиийэн эрдэхпинэ, суол кытыытыгар туох эрэ обургу соҕус, күрүҥ дьүһүннээх үллэрэҥниир баар. Бастаан ыт дуу дии санаабытым. Чугаһаан баран көрбүтүм, атын күтүр, бүтэй бүлгүн, таас таҥалай, тиэрбэс харах, боруллуо кырдьаҕас илэ бэйэтинэн олорор эбит. Бастаан, кырдьаҕас, кыаммат буолбут хотой бэйэтин дьаһайтараары гыннаҕына киһи суолун быһар, хаайар дииллэрин санаталаан ыллым.

Оттон мин улуу көтөрүм, моонньун түүлэрин сахсатан, төбөтүн тиэрэ быраҕан, түөһүн мөтөтөн, дьаҕыллаах күрүҥ түүтэ күн уотугар килэбэчийэн, хайдах эрэ мордьооттуохтуу, көҥөнөрдүү туттар-хаптар. Өйдөөн көрбүтүм, тумса хааннаах эбит. Оо, онно эрэ, дьэ, таас оройбор таба тутан өйдөөтүм, улуу тойон кыыл бултаан баран, онтуттан көҥөнөн, буолан-хаалан аҕай олорор эбит.

Тугу бултаабытын көрүөх санаам батарбата. Саабын туппутунан чугаһаан иһэн көрбүтүм, улахан баҕайы бэйэлээх куобаҕы баттаан олорор. Салгыы чугаһаары гыммыппар, куобаҕын аҥаар атаҕынан кытаахтаабытынан, дьэ, көтөн күөдэллэнэн тахсан, аттыгар турар суон бэс алын төргүү мутугар олорунан кэбистэ. Аҥаар атаҕар тута сылдьар куобаҕа мэһэйдээн, аҥаарынан эрэ тутуһан олоро сатаан, ыйааһынын кыайан тэҥнээбэккэ, балачча өрө даллаахтыы түһэн баран, хаҥас кынатынан бэскэ өйөнөн кэбистэ. Ол тухары булдун туох да иһин ыһыктыбат мөккүөрдээх.

Эбии чугаһаары гыммыппар, хомпоруун кыылым сүр хатаннык чаҥкынаата. Уонна үүн тиэрбэһин курдук уоттаах харахтарынан мин диэки турулус-ирилис көрүөлээтэ. Куобаҕа аллара намылыйан, хаана таммалыыр. Мин улуу көтөр киһиттэн улаханнык куттамматын, бултаабыт булдун туох да иһин хаана-бааһа суох биэрэр санаата суоҕун өйдөөммүн тыас хомуннум.

Кырдьык даҕаны, көтөр кынаттаахха муҥур ыраахтааҕы буоларын билинэн, бултаабыт булдуттан көҥөнөн туттара-хаптара, көрөрө-истэрэ адьас атын сирэй-харах, дьүһүн-бодо буоларын илэ чахчы көрөн, киһи эрэ салла-чаҕыйа уонна ытыктыы-сүгүрүйэ көрүөх көтөрө эбитин өссө төгүл итэҕэйбитим.

* * *

Аҕыс уонус сылларга Эргис, Дугда, Араҥастаах эргин элбэхтэ сылдьан бултаан турабын. Биир күһүн табаарыстарбынаан ини-бии Бүөтүр уонна Уйбаан Сэмэнэптэри кытта тайахха хаама сылдьабыт.

Биир түгэҥҥэ ыттарбыт сэтиэнэх быыһыгар тугу эрэ тутан биликтииллэр, ыр-ар бордурҕаһаллар. Сырсан тиийбиппит, биһиги төрөөн баран харахтаабатах, хап-хара, түүтэ-өҥө суох бүтүннүү мырчыстыбыт сыгынньах тириилээх, ыт курдук уһун кутуруктаах, сиһэ бөкчөйө сылдьар, эмиэ даҕаны койот дуу, шакал дуу курдук кыылы тутан кэбиспиттэр.

Биһиги, сэрэнэ-сэрбэнэ соҕус туттан, кыылбытын көрөбүт, чинчийэбит. Аны иирэн ыалдьыбыт кыыл буолуо диэн куттал, ол гынан баран, билиэх-көрүөх санаа баһыйар бөҕө буоллаҕа эбээт. Үчүгэйдик сирийэн көрдөххө, тириитигэр кырымахтаах түүлэр баар курдуктар. Аара суолбутугар сылгыһыттар олохторо баар этэ, онон олорго илдьэн көрдөрөргө диэн буолла.

Ол тиийэн, балачча мөккүһэ түһэн баран, хара саһыл эбит диэн быһаардыбыт. Оччолорго солоҕотторго саһыл фермата баар этэ. Ол саһыл, быһыыта, онтон куотан баран, дьиэ кыыла буолан, ойуурга кыайан бултаан аһаабакка ыран-быстан, түүтэ-өҥө баранан, сутаан өлөөрү сылдьарын ыттар туппуттар.

* * *

Анды булдугар сүүрбэттэн тахса сыл бииргэ бултаабыт табаарыстарым Мааркап Дьөгүөр, Бөтүрүөп Оппуонньа, Дьөгүөрэп Киэсэ алтынньы саҥатыгар, УАЗ массыынанан айаннаан иһэннэр, Алаҕаччы үрэҕэр суол кытыытыгар туох эрэ хап-хара өрө мөхсө олорорун көрбүттэр. Тохтоон, массыыналарыттан бадаҥхалаһан тахсан көрбүттэрэ, тииҥ буолан биэрбит. Бу сордооҕуҥ баара, сор быатыгар диэххэ дуу, суол кытыытыгар быраҕылла сыппыт тыраахтар тиһилигин үрдүгэр тахсан ииктээччи буолбут. Онто баара, биир кэлин атаҕа иигин кытта тоҥ тимиргэ хам тоҥон хаалбыт. Дьэ, туһугар эмиэ сэдэх түбэлтэ диэтэҕиҥ.

Уолаттар, күлсэ-күлсэлэр, тииҥнэрин хам баттаан баран, быһах төбөтүнэн тимириттэн арааран босхолообуттара, баһыыба-дыраастый суох, буута быстарынан хаарыаннаах ойуурун диэки быыралыы турбут. Бу сырыыга, дьол быатыгар дииргэ тиийэбит, дьон түбэһэ кэлбэтэҕэ буоллар, ол тииҥ барахсан бүтэһик­тээх уурааҕа ууруллара хааллаҕа.

Михаил Гоголев— Долгун, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ

Уруһуй: интэриниэттэн

* * *

Михаил Гоголев— Долгун кэпсээннэрин, сэһэннэрин «Кыыл кырыыһа» кинигэҕэ сиһилии ааҕыҥ. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0