Булт мучумааннара (Кэпсээн салгыыта. Иннин 16.02.18 көр)

Ааптар: 
20.02.2018
Бөлөххө киир:

Бу сырыыга дьикти, эриэккэс ытыылар тустарынан кэпсиим.

Куорунай оройуонун Тыымпынай диэн сиригэр, Сиинэ үрэх уҥуор, билигин Канадаттан аҕалыллыбыт бизоннарын тутан турар сирдэрэ баар. Онно алта уонча бизон көрүүгэ-харайыыга турар. Былыр бу сири Солоҕон нэһилиэгэ бас билэн, холкуос саҕана киһи-сүөһү бөҕө тоҕуоруспут сирэ.

Ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар балаҕан ыйын бүтүүтэ ити сиргэ көлө-илии звенотун салайбыт, мин кэргэмминэн аймаҕым Сэмэнэп Дьарааһын Ньукулаайабыс, оттообут отун туттараары, оччолорго хонуу биригэдьииринэн үлэлии сылдьар убайынаан Сахаар Ньукулаайабыстыын икки атынан тиийэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, Дьарааһын Ньукулаайабыс кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр саһыл көрөөччү буолан, уһулуччулаах ситиһиитин иһин «Үлэ Кыһыл Знамята» уонна «Бочуот Знага» уордьаннарынан наҕараадаланан турар.

Дьэ, ол тиийэннэр, үрэхтэрин үрдүгэр турар отторун быалаан бараннар, биир элгээн үрдүгэр турар отторугар чугаһаан иһэн көрбүттэрэ, элгээннэрин кытыытыгар биир тыһы тайах аһыы турар. Тыала тайах диэкиттэн үрэр буолан, кыыллара кинилэри билбэккэ турарын туһанан, Сахаар ыарҕанан күлүктэнэн үөмэн барбыт. Саата сэнэх соҕус булт харабыына эбит. Саа ылар сөптөөх сиригэр киирэн, Сахаар ытан саайар. Түөрт туйах биирдэ адаарыс гына түспүт. Ыарҕа быыһыгар кэтээн сыппыт. Дьарааһын көрдөҕүнэ, киһитэ ытаатын кытта тэбис-тэҥҥэ элгээн уҥуоргу өттүгэр, от быыһыгар, биир кэм уу өрө ыһылла түспүт, чочумча буолан баран син тохтообут. Ону Дьарааһын туох эрэ кыра кыыл саа тыаһыттан үргэн куотта ини дии санаан улахаҥҥа уурбатах.

Үөрэ-көтө, кыылларын астаан бүтэрэллэр. Табахтыы олорон, дьэ өйдөөн, Дьарааһын убайыгар Сахаарга, били, ытарыгар элгээн уҥуор уу ыһыллыбытын кэпсиир. Онуоха биирдэрэ, тайахтарын астыы сылдьан, буулдьаларын булбатахтарын, буулдьа ойоҕостор быыстарынан, сүрэҕин курдаттаан, уҥуор ууга түспүтүн көрбүтүҥ буолуо диир. Дьарааһын сөбүлэһэр эрээри, уу балачча уһуннук ыһыллыбытын этэр.

Убайа: «Чэ, тугу таайа олоруохпутуй? Сирбит үктэлэ даҕаны үчүгэйэ бэрт, элгээммит даҕаны быычыкаайык, сүүрэн тахсан көрөн кэл», — диэн быраатын дьаһайар.

Дьарааһын, өс киирбэх, элгээн уҥуор тахсан, хараҕа көрбүтүн бэйэтэ итэҕэйбэккэ, Сахаарын ыҥырар. Дьэ, сөҕүү-махтайыы, соһуйуу-өмүрүү, эмиэ даҕаны үөрүү бөҕө буолаллар. Биир аарыма улахан атыыр тайах, үрүҥ сүнньүн быһа ыттаран, тыылыы тэбэн сытар эбит. Тыһы тайаҕы уун-утары, элгээн саҕатыгар, от быыһыгар сыппыт буоларыгар тиийэр. Анаан оҥостон туран, итинник ытарыҥ табыллыбата биллэр суол.

Бу түбэлтэни инники истэн баран, Ньаачаҕа кустуу сылдьан, Сахаардаах Дьарааһын бииргэ төрөөбүт бырааттарыттан, икки хараҕынан көрбөт буолан олорор Көстөкүүн Ньукулаайабыстан, ыйыталаһан бигэргэтэн турабын.

Бары үлэни өрө туппут, сырыыны-айаны даҕаны кыайар, байанайдаах булчуттар этилэр. Нэһилиэктэригэр эрэ буолуо дуо, улуустарыгар биллэр ытык-мааны барахсаттар билигин үһүөн суохтар. Бары саастарын моҥоон, бу орто дойдуттан букатын бараахтаабыттара.

* * *

Өссө биир дьиибэ ытыы буолан турар. Биллэхпинээн Тириипэнэп Дьууруйдуун уонна Барыыһап Сааба буоламмыт, Кыакамда үрэҕэр УАЗ массыынанан мас көтөрдүү сылдьабыт. Бэргэн ытааччыбыт Саабабыт. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, буулдьанан ытыыга дьарыктаммыт буолан, ханнык баҕарар саанан бэркэ ытар. Сүүс миэтэрэ иһинэн туоһапканан ытабыт, онтон сүүһү таһынан ырааҕы Сааба «Лось» харабыынынан букатын сыыспакка ытар.

Киэһэлик төннөн иһэммит биэс куртуйахха түбэстибит. Сааба массыынаны ыытан иһэр, кини аттыгар Дьууруй олорор. Мин Сааба кэннигэр олоробун. Сэттэ уон биэс миэтэрэттэн ытан иккини түһэрбиппит кэннэ, көтөн баран, хойуу баҕайы тииттэргэ олорунан кэбистилэр. Массыына кыайан чугаһаабат сирэ буолан биэрдэ.

Сааба биһикки атыыр куртуйахтары көрөбүт, иннибитигэр уҥа ойоҕоско олорор Дьууруй тыһы куртуйаҕы эрэ көрөр. Ону аны биһиги көрбөппүт. Көтөрдөрбүт сүүс иһинэн олороллор. Мас мэһэйдээн, тиит лабааларын быыһынан ытан, биир мутугу тосту ытан кэбиспиппитигэр, атыырдарбыт көтөн хааллылар.

Арай Дьууруйбут туран: «Баар!» — диэтэ. Биһиги Саабалыын иккиэн ыппыт көтөрдөрбүт көппүттэрин көрөн олорор дьон: «Тугу-тугу кэпсиигин?» — диэн киһибитигэр дьорҕойобут. Оттон тыһы куртуйах табыллан сууллубутун көрөн олорор Дьууруй, баран, бу салыбыратан аҕалла.

Дьэ, быһаарсыы буолла. Онтубут баара, биһиги көрбөтөх тыһы куртуйахпыт миэтэрэ курдук аттынааҕы маска, өссө арыый үөһэ соҕус олорбутун, тоҥ лабааттан тэйбит мэник буулдьа таппыт буоларыгар тиийэр.

Итинник эмиэ буолар эбит.

* * *

1975–1977 сылларга Аһыма бөһүөлэгэр СГУну саҥа бүтэрбит, физик уонна матымаатык учуутал уолаттары кытта биир уопсайга олорон, олус бэркэ табыллан үлэлээн-хамсаан, бултаан-алтаан ааспыттаахпыт. Оччолорго эдэр дьон сиэринэн киэҥ сиринэн ыырданан, сатыы сылдьан, күһүҥҥү, сааскы куска, үлэлии-үлэлии бултуурбут. Булпутун, сулумах дьон буоларбыт быһыытынан, эмиэ бэйэбит курдук эдэр кыргыттарга түҥэтэлээн иһэр этибит.

Ордук булка олус баҕалаах табаарыһым Костромыкин Сэмэн Баһылайабыстыын, Мэҥэ Хаҥалас Лоомтукатыттан сылдьар уоллуун, олус тапсан сылдьарбыт. Киһим бэстилиэтинэн ытыыга РФ спордун маастарыгар хандьыдаат, СӨ ытыыга хамаандатын биир солбуллубат чилиэнэ этэ. «Марголин» бэстилиэтин көҥүл илдьэ сылдьан эрчиллэр көҥүллээх этэ. Сэмэн билигин даҕаны бу таптыыр көрүҥэр оҕолору эрчийэр. Мэҥэ Хаҥаластан эрчийбит оҕолоро Россия таһымнаах күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кытталлар.

Иккиспит — Дьөгүөрэп Владимир Ньукулаайабыс, билигин физика-матымаатыка билимигэр хандьыдаат.

Аһыматтан балтараа көстөөх Элэкээтти, Хондураайы, Кыыл Муостаах эргин бултуурбут. Киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн тэп гынан хаалабыт, сарсыарда үлэбитигэр баар буолабыт. Оччотооҕу сэбиэскэй былаас оҕолоро, үлэҕэ мүнүүтэ да аҥаарын хойутууру билбэт этибит, ол үгэспитин тутуспутунан сорсуйан эрдэхпит.

Кус болдьоҕо бүтэн, анды кэмэ кэллэ. Уолаттарым оскуолаларыгар эксээмэннэрэ саҕаланан, сааланар сололоро суох буолла. Мин, сопхуос хомсомуолун тойоно киһи, арыый сололоох аатыран, өрөбүлбэр эбинэн, икки күнү партком сэкирэтээриттэн Иннэкиэнтий Дэниисэбис Аввакуумаптан көҥүллэтэн, Хондураайыбар соҕотоҕун бардым.

Үөл кус киирэ турар кэмэ. Онон күнүстэри-түүннэри отуубар сытан маныыбын, нэһиилэ таска тахсан, күөстэнэн, аһаан киирэбин. Сүүрбэччэ дулҕа анды мончууктарыгар эбии биэс-алта умсаахтары кытта икки туой баттах мончууктарын анньыталаатым. Онтон ол мончууктарым төбөлөрүн кырааската олус кытархайдарын атыҥырыы көрөммүн, отуум хаҥас өттүгэр, кута үрдүгэр, соһуталаан кэбистим. Итинник икки күн олорон балачча умсааҕы ыллым, кураанах кустары ыппаппын. Күҥҥэ, киэһэлээх сарсыарда, икки эмис умсааҕы ыһык гынабын. Анды биллибэт.

Ол буола сылдьан, үһүс сарсыардабар, хайа туһааннаах кэмҥэ, утуйан умса сытыйбыппын. Туох даҕаны олус кытаанахтык утуйа сытан, туохтан эрэ соһуйан аҕай уһуктан, уһуутаабытынан, дурдабыттан былтас гына түспүтүм, күнүм уун-утары тахсан аҕай турар. Арай хаҥас өттүбэр туох эрэ күлүбүрүүр тыас бөҕө буолбутугар, көрө түспүтүм, доҕоттоор, отучча төбөлөөх туой баттах үөрэ кута үрдүттэн ууга барылаһан киирдилэр даҕаны, харса суох көтөн күлүбүрэһэн таҕыстылар.

Мин соһуйан өрө бэбээрэ түһээт, уҥа өттүбэр сытар ИЖ‑27 Е саабын харбаан ыллым. Утары анньабын диэн, сатаммат сатаммат курдук, отуум инники икки маһын быыһынан саам уоһа олуллан, кыайан күөрэппэккэ хааллым.

Кустарым, абардыан-кыһытыан быатыгар, бу көтөн уун-утары куугунаһан кэллилэр. Мин, эмискэ уһуктубут киһи, икки хараҕым адьас ньамах курдук. Сатахха, күнүм утары тыгар. Кустарым кынаттара көстүбэт. Күн уотугар ирбит салгын оонньууругар түбэһэн, биир кэм хап-хара төгүрүктэр өрө эккирэһэ сылдьарга дылылар. Бу сирилэһэн кэлбиттэрин иккитэ ытан хааллым эрээри, дьүрү диэн биир куорсун быстан түспэтэ. Бардахтара ол. Оҕо буолан төрөөн, үйэлээх сааспар түбэспэтэх элбэх үөрдээх куспар түбэһэн баран, итинник ытыспын соттон турабын.

Туой баттах курдук сымнаҕас, мончуугумсах кус, төһө эрэ иһиирэн-куһууран кэлэн түһэн барыластахтара буолла. Түһэллэригэр баҕас сүрдээх айдааннаах кустар. Онтон сынньанан, уоскуйан, уулаан баран, били, кытыыга кута үрдүгэр соспут мончууктарбар тахсан быардаан сыттахтарына, саатар, сэмээр туран көрбүт буол! Ити миигиттэн сүүрбэччэ эрэ хаамыылаах сир. Оо, ама да ааспытын иһин, онно хараҕым уута тахсыар диэри кыһыйбыппын-хомойбуппун хайаан умнар үһүбүөн…

Михаил Гоголев-Долгун, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

Уруһуй: интэриниэттэн

* * *

Михаил Гоголев— Долгун кэпсээннэрин, сэһэннэрин «Кыыл кырыыһа» кинигэҕэ сиһилии ааҕыҥ. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0