Булт билиэтин эксээмэн туттаран ылыахтара

Бөлөххө киир:

Бултуурга аналлаах билиэти аан бастакытын ылыахтаах дьон эксээмэн туттарыахтара.

Манна аналлаах сокуон бырайыагын РФ Бырабыыталыстыбата РФ Судаарыстыбаннай Дууматын  көрүүтүгэр бу ааһан эрэр нэдиэлэҕэ киллэрдэ.

Тустаах сокуон олоххо киирдэҕинэ,  эдэр булчуттар булт быраабылатыгар, кыылы-сүөлү билиигэ эксээмэн туттарыахтара. Сокуон барыла  «Булт туһунан уонна бултуур ресурсаны харыстааһын» диэн федеральнай сокуоҥҥа  тустаах уларытыыны киллэриэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0