Дьиэҕэ-уокка, аймах-билэ дьоҥҥо бултуур киһи баара, ойуурга-тыаҕа сылдьа үөрүйэх дьонноох диэн дьолго тиксибиккэ холоонноох. Итини былыр уратытык сыаналыыллара. Билигин олохпут уруккутааҕар атын, сыаннастарбыт эмиэ оччотооҕуга маарыннаабат буолбуттара, биир өттүнэн, биһиэхэ сүүйтэриилээх.
Бастатан туран, тугу да ахсарбат соҕуспут, улахаҥҥа уурбаппыт, наадалааҕынан аахпаппыт. Дьахтар үөрэххэ олус сыстаҕас уонна төбөтүн иһигэр анаарара элбэх, онуоха эбии үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыыта төрдүттэн олус киэҥ-баай буолан, ити бэрдэриилэрин быыһыгар мунан хаалар курдук гынар. Ол кини, бу инники эппитим курдук, тугу да улаханнык сыаналаабатыгар көстөн ааһар. Барахсан, өйүгэр оҥорон көрбүтүн хараҕар көрүөн баҕата наһаа улахан. Ол иһин кыргыттарбыт олохторугар барыта күн дэлэгэй буолуон, халлаантан баҕарбыта холкутук түһэ туруон, кини кэрэтин-маанытын киһи бары сыаналыан, сөҕүөн-махтайыан, босхо иитиллиэн, аҥаардастыы наар күндүлэниэн баҕарара баар суол.
Иккиһинэн, ону дьарыйар, сөптөөх суолун төрдүгэр сиэтэн киллэрэр, өйүн булларар ийэ-аҕа аҕыйах. Туораттан сэмэни ылыммаппыт, өһүргэнэбит, атаҕастабылга холуохпутун сөп. Үксүгэр оруннаахха этиллибити даҕаны, билэ-көрө сылдьан, наһаа сүрэххэ-быарга ыарыылаахтык ылынан кыыһырбакка эрэ, бэйэ икки ардыгар оргууй көннөрө тутар ордугун саныырбыт туһалаах буоллун. Кэнэҕэски ыччаппыт туһугар.
Эр киһи айылҕатын быһыытынан холку, наллаан майгылаах. Ол иһин, оскуолаҕа да көрдөххө, үөрэнии, үөрэтии өттүгэр кыыс кыратыттан барыга ордук сыстаҕас курдук буолар. Эргиччи бастыҥ — кыыс. Тута ылынара түргэнинэн тэҥнээҕэ суох, күлүм гыннаран толкуйдуу охсооччу, хараҕар ойулааччы эмиэ кыыс. Оттон уол күннээҕинэн үөрэҕин аахайбата, атыҥҥа аралдьыйара, ордук мэниккэ дии саныыбыт, элбэх буолар. Дьиҥэр, уол оҕо айылгыта атын, аан дойдуну атыннык анаарар буоллаҕа эбээт. Онон оҕолоргутун хаһан да биир мээрэй, биир халыып гына көрүмэҥ, барыларын таһымын биир баайыынан мээрэйдииргэ дьулуһумаҥ. Хас биирдиилэрин ис тыынын билэр төрөппүт дьиҥнээх киһи төрдүн иитээччи суолталаах.
Үсүһүнэн, уол оҕону окко-маска чугаһатыы, булка-алка уһуйуу кыратыттан саҕаланыахтаах. Ол куруук кыаллыбатын быһыытынан, киһи барыта биир буолбат, төрүт дьарыкка хойут да чугаһыан саныыр киһини хааччахтыыр сатаммат.
Дьахталларга туһаайан кэпсэтэрбэр өрүү саната сатыыбын эрээри, улахаҥҥа уурбаттар быһыылаах, ылынааччыта ылынар. Ол эрээри мин этэрим —Айылҕабыт барахсан суруллубатах сокуона. Итини кытаанахтык өйдөөн тутуһаргыт тухары, эһиги олоххут киил уонна көмүскэллээх-харысхаллаах буолуоҕа. Бэйэҕит тускутугар, тус ыччаккыт этэҥҥэ буолуохтарын иннигэр, хотунан-соҕуруунан холкутук аартыктарын тыырынар дьон буолан атахтарыгар туралларын, ситиһиилээхтик сылдьыахтарын туһугар бу анаан этиллибити сыыска-буорга түһэримэҥ.
Онон маннык диэн этиэм этэ, күһүн-саас эбэлэригэр кустуу, сиргэ бултуу бараары тэринэр кэргэттэргитин хаһан да бопсумаҥ!
«Хаһан эрэ тугу эмэ аҕалбыкка дылы… Төһө бэйэлээҕи бултаарыгын… Дьиэ-уот түбүгүттэн куотаҥҥын тыаҕа ыстанаҕын… Отой да булчута суох эрээригин» эҥин диир тыллары мин эһигиттэн элбэхтик истэбин.
Сыыһа быһыы. Оннооҕор саата-саадаҕа, туһааннаах сэбэ-сэбиргэлэ да суох эр киһи ойуурга талаһара — төрүттэрин удьуор хаанын тыгыыта, үтүө бэлиэ. Бардын, саатар эрэ сырыттын, айылҕатыгар тахсан эттиин-хаанныын, толкуйдуун-санаалыын сайҕаннын, көхсүн кэҥэттин. Бултаабатын, бултуйбатын даҕаны, аҥаардас тыа салгынынан тыынан, дулҕа быыһынан сүүрэн, бадарааннары туораан быччыҥнарын уунаҥната имиппитэ, ууну-хаары ортотунан, хочонон-маарынан хаамыталаабыта, хоту-соҕуруу хайысхалары даҕаны арааран көрбүтэ барыта киниэхэ туһалаах. Өйдүүн-санаалыын арыллар, ырааһырар, көрөрө-истэрэ лаппа тупсар, сүрэхтиин-быардыын нүөлсүйэр. Кини тыаҕа тахсан, эбэҕэ киирэн, баҕар туһахтамматын, сааламматын, кустуур дьоҥҥо ас да буһарааччынан сырыттын, син биир кини – булчут омук сыдьаана, сонордьут хаана. Хайдах көрөрө-истэрэ, толкуйдуура, уратыны тобулара – өбүгэлэриттэн.
Бүгүн кини баардааҕа биллибэтин эрээри, туһааннаах, табыгастаах кэм тирээтэҕинэ ити көрбүтэ-билбитэ, кута буоллун, маар буоллун, хааман-сиимэн эт тиҥилэҕинэн үктээн кэрийбитэ, сырыы-айан кэмигэр ууга-уокка түспүтэ – барыта хаһан эрэ эмискэ уһуктар, эр киһилии сатабыллаах дьоһун быһаарыыта син биир долоҕойугар тиийэр, мэйиитигэр уһуктар ураты кыахтаах. Ити – атын омуктартан уратыбыт. Ол иһин хас биирдии саха киһитин тыаҕа сылдьарын ситиһии – омук быһыытынан түҥ былыргыттан хааммытыгар иҥмит бары сатабылбытын салгыы илдьэ сылдьыыбыт төрдө-төбөтө диэн кытаанахтык өйдүөхтээхпит. Уол оҕону, эдэр кэргэн киһини мээнэ сэнээмэҥ, наада буоллаҕына тугунан баҕарар туһахтыа, сохсолуо, айаҕар аһыырын хантан баҕарар булт үөрүйэҕинэн булунар турукка киириэ. Ыраах сиргэ да сырыттын, тыына-быара ыгыллар да түгэнигэр саха эр киһитэ дьахтардааҕар минньигэстик астыа, эһигиннээҕэр ыраастык сууйуо-тарыа, өрө тардыа, көрүө-истиэ, ханнык да омугу сөхтөрөр гына барытыгар дэгиттэрдик дьаһаныа. Итиэннэ кими даҕаны: эйигин, кэргэттэрин, чугастарын, доҕотторун-атастарын, миэнэ диэбитин хаһан да былаҕайга быраҕыа, таҥнарыа суоҕа! Мин эттим!
Аны Айылҕа анаан этиттэрэр: көтөр түүтүн, балык хатырыгын, кыыл тириитин хаһан даҕаны уокка бырахпат куолу. Итинник дьаһаныылар бүгүҥҥү олоххо ханна эрэ баар буоланнар, биһиги эйгэбитин чуумпутук саҥата суох кэтээн көрөөччүлэрбит, биһигини араҥаччылыыр үрдүкү күүс сэрэтэ сатыыр. Тоҕо диэтэххэ, ити этиллибиттэри барыларын уокка кээһэр, эһэкээҥҥэ биэрэр буоллахха кэхтии кэлэр. Байанай төннөр, тэйэн биэрэр. Бэйэҕит кириргээн ыалдьыаххытын, бааһырыаххытын эҥин сөп. Ол иһин “сиэри-туому тутуһары умнубат буолуҥ” диэн сэрэтии син биир үөһэттэн кутулла турар.
Ити тоҕо уокка быраҕар куһаҕанын, инньэ гыннахха туох иэдээн тахсыан сөбүн туһунан эттэххэ, бу балык ханнык эбэҕэ бултаммытынан, чуо хайа эбэҕэ илимнэммитинэн, кус эмиэ хайа күөлгэ түспүтүнэн, ол эбэҕэ кэҥсик, кэҥэрдии сыта түһэр. Ол күнтэн ыла бу эбэ булда-балыга аҕыйыыр, чарааһыыр, манна собо туппат буолан хаалар. Ити туһааннаахха улахан иэдээн. Аньыы. Санаан да көрүҥ, булт аһынан мааныланан олорор омук, ол аата биһиги, бу эбэ аттынааҕы дьон-сэргэ салгыы тугунан үссэнэн, аһаан-сиэн олоруохтарай, үүнэр дьылы туоруохтарай?
Оттон кэлии киһини Байанай куруук үөрэ-көтө көрсөр, булду тосхойор. Тоҕо диэҥ, Байанай үөрүнньэҥ, ыраас киһиэхэ анаан баартыыр, биэрэр, баарыттан бэрсэн күндүлүүр-маанылыыр, ол аата байанайдыыр.
Итиннэ этиллиэхтээх булгуччу: хас биирдии киһи, Байанайгытын, бааркытын харыстааҥ. Сыыһа-халты туттан кэбиһэн, бэйэҕитин бэйэҕит кэҕиннэриэххитин сөп, ону умнубат буолуҥ.
Огдо “Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана” кинигэтиттэн быһа тардан.
“Айар”, 2023.