Булгунньахтаахха эр дьон аахсыйа-субуотунньук тэрийдэ

Ааптар: 
23.11.2020
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгин эр дьонноро сыл аайы муус ылыыга субуотунньуктуур үгэстээхтэр.

edersaas.ru

Быйылгы дьылга сүүрбэччэ эр киһи мустан,  итии чэйдээх, алаадьылаах, саламааттаах киирэн, Эбэлэрин аһатан, муус ылыытыгар субуотунньуктаатылар.

Аахсыйа-субуотунньук сыл аайы Таҥара дьиэтин аннынан ыытыллар.

«Улуу Өлүөнэ Эбэбит минньигэс уутун муустаан, нэһилиэкпит бэтэрээннэригэр, соҕотох олорор аҕам саастаах дьонугар түҥэтиэхпит», — диэн нэһилиэк пресс-киинэ дьаһалта инстаграмыгар суруйар.

Эр дьон анаан бу маннык аахсыйа-субуотунньугу тэрийэрэ — хайҕаллаах суол.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Булгунньахтаах нэһилиэгин дьаһалтатын инстаграмыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0