Быйыл Россия үрдүнэн Айылҕа харыстабылын, ураты харыстанар сирдэр сылларынан биллэриллибитин, мин санаабар, Саха сирин булчуттара бары сэҥээрбит буолуохтаахтар. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бэйэтин мээнэҕэ айылҕа киһитинэн ааттаабат. Онон барыбытыгар анаммыт сыл үүннэ.
Өбүгэлэрбит барахсаттар, булду-алды, көтөрү-сүүрэри наар харыстыыр, үөскэтэр ыра санаалаах буолаллара эбээт! Ойууртан, ууттан бэйэлэригэр сөп буолалларын эрэ бэриһиннэрэллэрэ. Бэл, «өлөрдүм» диэн тылы олох туттубаттара, ити курдук аргыый аҕай «бэриһиннэрбиттэрин» эрэ туһунан кэпсээн ылаллара.
Мин өргө диэри өйдүүбүн, кырдьаҕас булчуттар алаастарыгар сааны тыаһаппакка, тиргэлииллэрин эрэ. Син саа сэбэ элбээбит да кэмигэр оннук этэ. Тоҕо диэтэххэ, «саанан бардырҕатан бардахпытына, кус үргүө, эһиил манна төрүү кэлиэ суоҕа» дииллэрэ. Барахсаттар, инникилэрин бу мындырдаан саныылларын көрүҥ эрэ!
Түгэнинэн туһанан, мин бу маннык үтүө сыл тосхойбутунан, Саха сирин булчуттара бары Айылҕа харыстабылыгар тус кылааппытын киллэрэр туһугар, туох эмэ саҥаны, үчүгэйи саҕалыаҕыҥ диэн ыҥырыахпын баҕарабын.
Биһиги, Горнайга, тайаҕы бултааһын болдьоҕун кылгатар туһугар элбэх суруйууларбыт, этиилэрбит-тыыныыларбыт туһалаах буолан, булчуттарбыт бэйэлэрэ көҕүлээн, сөбүлэһэн, ахсынньы 1 күнүгэр эрэ диэри олохтоммута үтүө түмүктээҕин булчуттар өйдөөтүлэр, өйөөтүлэр. Тайах ахсаана аҕыйаабакка биир таһымҥа турар. Дьон-сэргэ ытынан үрдэрэн, сүүрэн-көтөн, спортивнай бултааһыны өрө тутар буолла.
Оттон атын улуустарга (Намтан, Бүлүүттэн ураты, 2016 с.) ахсынньы бүтүөр диэри көҥүллээҕэ, массыынанан, техниканан сылдьан бултааһыҥҥа аан арыйар. Тайах эрэйдээх төһө да улахан төбөлөөҕүн иһин, дьэ маны өйдөөбөт. Тымныы кэмҥэ талахха киирэн аһыыр кэмигэр, олох техникаттан үргүбэт буолан хаалар. Дьэ, ону хараҕа да суох киһи ытыалаан ылыах курдук буолар. Дэлэҕэ, сыл аайы суолга массыынаҕа киирэн биэрэн быстыахтара дуо?! Тайах итинник кэбирэх кэмин, булчут барыта билэр. Оттон тайах көмүскэммэт туругунан туһанар сэттээх-сэлээннээх, саха сиэригэр-майгытыгар сөп түбэспэт дьыала.
Онон баай хара тыаттан бэриһиннэрэ сылдьар, кэлэр да өттүгэр Байанайтан көрдөһөр ыра санаалаах Сахабыт сирин бары булчуттара, быйылгыттан саҕалаан, улуус аайы тайаҕы, мас көтөрүн бултааһын болдьоҕун ахсынньы 1 күнүгэр диэри олохтуоҕуҥ диэн ыҥырабын. Булчуттар, сирдээх-уоттаах дьон бэйэҕитинэн көҕүлээҥ, туруорсуҥ.
Ол буолуо этэ, аныгы, саҥа сахалар Айылҕа харыстабылын сылыгар «Үтүө дьыалалара», кэлэр кэнчээри ыччакка кэрэ бэлэхтэрэ.
Василий АЛЕКСЕЕВ, «Үлэ күүһэ» хаһыат эрэдээктэрэ, Горнай.