Булчут күнэ: Бэрдьигэстээх Бүөтүрэ 72 бөрөнү бултаста

04.04.2020
Бөлөххө киир:

Айылҕа харыстабылын Горнайдааҕы инспекциятын салалтатын уонна үлэһиттэрин ааттарыттан бултуур-алтыыр, айылҕаны кытта алтыһар саха саарыннарын Булчут күнүнэн эҕэрдэлиибит. Баай хара тыабыт иччитэ, Байанай тойон эһэккэ уһун сотолооҕуттан, түөрэҥ туйахтааҕыттан, көтөр кынаттааҕыттан, маанылаах булдуттан өрүү күндүлүү турдун!


Бүгүҥҥү мин сэһэргэһэр киһим – Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, кадровай булчут, улууска аатырбыт бөрөһүт, айылҕаны кытта ыкса сибээстээх Петр Николаевич Жирков. Бөрөһүт Бүөтүр байанайдаах булчут – кини айылҕаны ис дууһатынан сөбүлүүр, таптыыр, айылҕа араас дьиктилэрин элбэхтик көрбүт-истибит, сэҥээрбит, ардай аһыылаах албаһын үөрэппит, ханан баалларын сылыктыыр, суолун-ииһин бэркэ сонордуур, тиһиктээхтик бултаһар, өрүү да  кэпсэлгэ сылдьар чулуу киһибит буолар.

1984 сылтан саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри бултаан кэллим диэн кэпсээнин саҕалаата.

– Бастакы бөрөбүн Кыакамда диэн сиргэ 1986 сыллаахха бултаабытым. Абааһылаах Ньукулай  диэн кадровай булчут убайым ньыматынан хапкаан иитэн туппутум. Хапкааммын бастаан ууран баран, биир нэдиэлэнэн баран көртүм. Тиийбитим, бөрөм атаҕын быһан бараары олорор эбит этэ, кыл мүччү батыспытым. Дьэ ол кэннэ хапкаан уура сылдьар буолбутум. Онтон ыла сыл өрөөбөккө бултаабытым, бөрөм ахсаана 72 буолла. Ону таһынан атаҕын кэрбээн барбыт элбэх буоллаҕа. Хайа да бултааҕар бөрөнү бултаһарга киһи «таттаран туран» барар эбит. Ардай аһыылааҕы аҕыйатарбыттан санаам көтөҕүллэр. Бөрөнү бултаатахпына, олус дьиибэтик үөрэбин. Ол нэдиэлэни быһа настарыанньалаах сылдьабын, дьикти баҕайы. Ол курдук, Аар тайҕаны уһаты-туора  хааман эһэни да, тайаҕы да бултуубун.

Ардай аһыылаах – эстибэт сэниэлээх, быстыбат бырталаах, киэҥ ыырдаах, хайдахтаах да халыҥ хаартан иҥнибэт сырыылаах, киитэрэй, харса суох адьырҕа буолар. Кинини хапкааҥҥа үктэтэргэ бэрт уһуннук үөрэммитим. Тыаһымсаҕа, сытымсаҕа, көрүгэһэ, кулгааҕынан чуора… Онно өссө сэрэҕин, өйүн эбэн кэбис. Дьэ, чахчы даҕаны, улахан эрэйинэн, үгүс сыраны-сылбаны уурдаххына бултанар кыыл. Хапкааны аһаҕас соҕус сиргэ иитэр ордук. Үксүн суолун олугар уурабын.  Билигин, баччаларга, мастан  хаар көмнөҕө түһэр кэмигэр, ойуурга ииппэккин. Хапкааныҥ аттыгар түстэ да бүттэ, билэн кэбиһэр, дьиибэргиир. Бөрө обургу көрөрө, истэрэ уонна сыт ылара аар саарга аатырбыт кыыл буоллаҕа.  Хапкааҥҥа иҥнэн олордоҕуна, чугаһаан истэххинэ киһини көрөн биллэ да, сорох бөрө ой да ой, мөҕүс да мөҕүс буолар буоллаҕына соччо ыксаабаппын. Оттон сорох бөрө ыраахтан билэн сытынан кээһэр, дьэ бу кутталлаах, эмискэ быһа түһэн кэбиһиэн сөп. Онтуҥ бэйэҕэр да кэлэн түһүөн сөп, онон эрдэ ыта охсон кэбиһэҕин. Саамай улахан бөрөм ыйааһына 70-ча киилэ этэ. “Бурааммар” соһон эрэ аҕалабын оннугу.

 

Мин кэнники кэмнэргэ «Сиинэ» айылҕа пааркатын салалтатын кытта дуогабардаһан, “Тыымпынай” бизонарийыгар,  Кэйбэлэ уонна Наача диэн сирдэргэ, кыһынын ыйы-ыйдаан бултуубун. Бу дойду үрэх баһа буолан, эһэ-бөрө дойдута. Үүтээммэр тиийэн оһохпун оттон, сиэри-туому тутуһан сирбин-дойдубун аһатан баран, булпар турунабын.  Кыһынын сырдыктан сырдыкка сылдьа сатыыбын, күн кылгас. Ол да буоллар арыт “Бурааным” моһуоктаан сатыылыыбын. Биирдэ аҕыс көһү хааман турардаахпын. Аара үүтээннэргэ хоно-хоно. Ол иһин кэлин сатыы тиийэн кэлиэм диэбит сирдэрбэр бултуу-сылдьа сатыыбын. Сиинэ уҥуор тайах баар. Ардай аһыылаахтар тайаҕы суулларан сиэн баран, хаалларбыт өлүктэригэр иккистээн эргиллибэттэр. Саҥаттан саҥаны, сибиэһэйи көрдөөн сииллэр эбит. «Бөрөнү атаҕа аһатар» дииллэр ээ. Кырдьыга да оннук буоллаҕа. Биир түүҥҥэ уонунан көстөөх сиринэн эргийэн кэлэрин билэбин. Онон  биир сылга соҕотох бөрө хас да тайаҕы охторон аһылыктанар эбит. Онтон сылгыны туттахтарына, ол сиэҥигэр төттөрү эргиллэн кэлэннэр сииллэр. Сылгы барахсан этэ минньигэһэ сыттаҕа. Бизоннарга түһэн көрө иликтэр.  Аттыларынан сылдьан ааспыт суоллара баар буолааччы, үөрэтэ сылдьаллар быһыылаах. Билигин туспа, көҥүлгэ сылдьар аҕыйах бизон баар, олору да тыытан көрө иликтэр. Көрсүстэхтэринэ, бизон кыыл киирсэрэ буолуо дии саныыбын.  Быйыл, баҕар, бизонарий диэки бултаан бүтүөм, саас да ыраатта. Манна дьиэбиттэн чугас сирдээхпин, онно аа-дьуо сылдьыбыт киһи диэн баҕа санаалаахпын, көстөн иһиэ…

Хас биирдии булт бэйэтэ ураты түүллээх буолар. Эһэ түүлгэ киһини  кытта алтыспат. Тайахха  дьикти түүлү түһүөххэ сөп, онтон бөрө алтыһар, миэхэ үчүгэйгэ да, куһаҕаҥҥа да киһи буолан көстөр. Абыйга олорор эдьиийдээх убайым иккиэн уокка былдьаммыттарыгар, бултуур үүтээммэр утуйа сытан түһээбиттээхпин. Кэннибиттэн туох эрэ кымньыылааҕынан таһыйар, таһыйа-таһыйа эккирэтэр, ол эрээри таппат миигин. Уһуктан кэлбитим, баттата аҕай сытар эбиппин. Онтон күнүс, бултуур сирбиттэн бизонарийга тиийэн олордохпуна, Баһылай Ыстапаана быстаах тиийэн кэллилэр. Ону ээ бу дьон хойут кэлиэхтээх этилэр дии, туохха маннык эрдэ кэллэхтэрэй диэбитим, миигин ыла кэлбиттэр эбит. Дьэ ити курдук түүлбэр киирэн сэрэтэр дуу, биллэрэр дуу дии саныыбын.

Бүөтүр атын булка эмиэ сылдьар. Кинини кытта барсыбыт киһи куруутун өттүк харалаах, илии тутуурдаах төннөр. Күһүн ыттарын илдьэ сылдьан бултуур. Элбэх оҕо тапталлаах эһээтэ. Булка кими эмит уһуйаҕын, үөрэтэҕин дуо диэн ыйыппыппар маннык хоруйдаата:

– Ханнык да киһи булчут буолан төрөөбөт. Оҕо төрүүрүгэр бары биирдэр. Кэлин туох-ханнык  киһи буола улаатара дьонуттан-сэргэтиттэн, иитиититтэн тутулуктаах дии саныыбын. Биһиги, Жирковтар, удьуор булчуттарбыт. Ол гынан баран мин ханнык эмэ сиэммин эн хайаан да булчут буолуохтааххын диэн үөрэппэппин, такайбаппын.  Икки уол сиэннэрбиттэн улаханын булка-алка илдьэ сылдьан үөрэтэбин, барсыах, бултуох чинчилээх эбит этэ. Булка ыллардаххына, туох да эмэ кыайбат, ойуур киһитэ буолаҕын. Ол иһин эһээлэрин курдук ойууру кэтии сылдьыахтарынааҕар аныгы дьон үөрэхтэнэн үчүгэй хамнастаах үлэһит буоллаллара ордук дии саныыбын.  Булчут хамнаһа диэн кыра буоллаҕа. Саха киһитэ айылҕаны кытта ыкса сибээстээх, киниэхэ булт диэн аһылыга буоллаҕа. Балыктаан, кустаан дьиэ кэргэнин аһатар. Булка тиийдэллэр эрэ, сирдэрин-уоттарын аһатан, Байанайы маанылаан-көрдөһөн бултуйаллара үөрүүлээх буоллаҕа. Мээнэ айдаарбакка, сиэри-туому тутуһан, сөбүгэр бултаан-алтаан, тулалыыр эйгэлэрин харыстаан сырыттахтарына, булчут бэрдэ буолуохтара, – диэн Бүөтүр кэпсээнин түмүктүүр.

 

Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сирин салалтата бөрөнү бултаһарга, ахсаанын аҕыйатарга көмө көрөр. Ол курдук, адьырҕа кыыл элбээһинэ Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар элбэх хоромньуну аҕалара, ороскуоту таһаарара биллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, хас сыл ахсын Саха сиригэр 600-800 бөрө уодьуганнанар. Бөрөнү бултуурга үтүмэн үгүс үп, тэрээһин көрүллэр. Петр Николаевич онтон чаҕыйбат бөрөһүт буолар. Аар айылҕабыт кэхтибэккэ чэчирии сайдарын туһугар ис сүрэхтэриттэн, дууһаларыттан ылсан үлэлиир-хамныыр дьон баара биһигини үөрдэр.

Бэйэм өттүбүттэн ситэрэн эттэхпинэ, Бүөтүр олус ураты сэмэй, сымнаҕас, эйэҕэс-элэккэй майгылаах. Күлэн-үөрэн биһиги тэрилтэҕэ кэлэн, булдун-алдын кэпсээн, сэһэргэһэн барар. Ону таһынан инспекциябыт, айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ыытар араас акцияларыгар, тэрээһиннэригэр  куруук көхтөөхтүк кыттар. Мин бу соторутааҕыта  кинилиин бииргэ бизонарийга айаннаан турабын. Кыһыҥҥы сезонун түмүктүү диэххэ дуу, бөрөҕө хапкааннарын эһэ барта. Бүөтүр ол айаннаан иһэн, булт эридьиэстэрин, араас мүччүргэннээх сырыыларын, моһуоктарын олус көрүдьүөстээхтик кэпсээн, суолбут уһун айанын билбэккэ хаалбыппыт.

Түмүккэ этиэххэ наада, хас биирдии саха киһитэ айылҕаны харыстыахтаах, сиэри-туому тутуһуохтаах, оччоҕо эрэ биһиги сирбит-дойдубут, кыылбыт-сүөлбүт элбиэ, чэчириэ. Ийэ айылҕабытын харыстыахтаахпыт, араҥаччылыахтаахпыт. Ханна да сырыттарбыт, күөх хонууну, киэҥ алааһы, баай хара тыабытын ыраастык тутуохтаахпыт.

Сардаана Кривошапкина, айылҕа харыстабылын

улуустааҕы инспекциятын исписэлииһэ.

ulus.media саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0