Киэһэрэн эрэр. Хоту сыарҕа тыаһа, ат туйаҕа хаарга хоочугуруура иһилиннэ. Кырыа буолбут сирэйдээх аҕам сыарҕатыттан түһэн аанын аста. Атын киллэрдэ. Аанын сапта. Сып-сап хамсанан атын сыбыдахтаата. Өр олорбутуттан атахтара көһүйбүттэр. Аттарын далыгар, кинилэр хаампыт чигдилэригэр этэрбэһэ халтарыйан ылла.
Кини оҕо сааһыттан кэппитэ этэрбэһи. Билигин да сөбүлүүр. Андаатары бултаһарыгар, этэрбэһэ, илийэрэ ханна барыай? Үлэтин бүтэрээт, уу муус буола тоҥмутун этэрбэһиттэн быһаҕын өнчөҕүнэн охсуолаатаҕына, сур гына ыраастанан хаалар. Андаатар уу дойдулаах кыыл. Онон хапкаанын, туутун ойбон алларан угар. Күөлүн эргим-ургум көрөн андаатар ордууланар уйатыгар ханан кэлэрин-барарын быһаараат, чэҥкээйилээх хапкаанын онно туһулаан угар. Саҥа үөдүйбүт туу бэртээхэй бултуур тэрил. Хапкаанынан андаатары биирдии ылар буоллахха тууга үс, биэс, сэттэ да киириэн сөп. Бүгүн ити биир туута кураанах. Ааспыт сырыыларга уончаны ылбыта. Бэлэм ойбон диэн бүппүтэ буолуо диэтэр да укпута. Онто кырдьык бүппүт эбит.
Көтөх илин өттүгэр саһыл биллибитэ. Тута сыарҕатыгар баар улахан хапкааны ииппитэ. Байанайа мүчүк гыммыт..
…Кыһыл саһыл кэллэ кэлээт өр сылдьыбата. Кутуйахтары, курупааскылары бултаһа баран иһэн эмискэ илин уҥа атаҕыттан туохха эрэ иҥиннэ. Бэҕэһээ бултуйан тото аһаан мас анныгар, хаххаҕа түүрүллэн утуйан хаалбыта. Бэркэ утуйан тураат, тыыллаҥнаан ылбыта. Сыт ылан төбөтүнэн олоотообута. От, мас сытыттан ураты туох да суоҕа. Өссө тыыллаҥнаат бэҕэһээ бултаабыт сирин диэки уҥа арыый халты сүүрэ турда. Үнүргү буолбатах. Сүүрэрэ чэпчэки. Дьэ, үнүр кырдьык аччыктаан иэдэйэ сыспыта. Хата, бу сири булан абыраныыһы. Сүүрэн иһэн үнүргү суолугар кэтиллэ түстэ. Ээ, онон кыра аһаҕас баарынан сылдьыбыта. Туора баран тугу эрэ тиҥсирийэ иһэн бултуйда. Кутуйах уйатын таба үктээтэ. Баары барытын хадьырыйа ыйыстан кэбистэ. Өссө аһаабыт туох куһаҕаннаах буолуой?. Били, аһаҕас бу кэллэ, манан сылдьыбыт сирэ. Урукку олугар үктээт, атаҕа сүр күүскэ ыарыйда. Көһүппэтэх ыарыытыттан туймааран ылла. Ыар адаҕа төрүт да ыыппат. Ыксаан тииһинэн түстэ. Кытаанах эбит. Туһалаабата. Босхоломмото. Сыта түһээт барардыы ойуолаан көрдө. Суох, төрүт ыыппат. Ыарыыга бэринэн санаата тууйуллан барда. Чэ, диирдии ыйылаат туора ыстанна. Бу сырыыга табылынна. Адаҕа тимир дьэ хоҥунна. Ол да буоллар, атаҕын син биир хам ылан сылдьар. Ыараан хаалбыт атаҕын соһон, иэдээни тосхойбут аһаҕас сириттэн туораан барардыы сананна. Сылаас хоннохтоох ыккый ойууругар барардыы бүтэһик күүһүнэн ойуолаата. Эмискэ, эмиэ соһон испит атаҕын адаҕата маска иҥнэн тохтотто. Кыһыытыттан эргийэ ойуолаан төрүт да иэдэйдэ. Хамсыыр бэйэтэ эргийбит маһыгар ыга сыһыарда. Саһыл бэриннэ. Хаһан эрэ сылааһынан илгийэр маһа хаҕыстык, тоҥнук сыһынна….
Аҕам, булчут киһилии үөрдэ. Кини куруук Байанайыгар махтанар. Үлүмнэһэн бултууру төрүт сөбүлээбэт. Көтөх күөл илиҥҥилии хоту өттүгэр саһыл бытата баарын билэр. Сылга хас да саһылы хапкаанынан ылар. Саһыл сылын аайы олохсуйбат. Мэлийбит да сыллардааҕа. Ол онтон кини хомойбот. Киэҥ холку, тулуурдаах майгылаах. Саһыл күндү түүлээх. Киһи мээнэ бултаспат. Аҕыйах да. Олус сэрэхтээх. Булчут дьон биир кэпсэтиилэрэ саһыл туһунан.
Ханнык күөлгэ биллибитэ кэпсэнэргэ бэртээхэй сонун. Күөллээх булчут бултаһар. Кини ылбатаҕына аһын бүтэрбит саһыл аттынааҕы күөлгэ көһүө, эбэтэр төрүт да ааһа туруо. Оччоҕуна ол тохтообут күөлүн булчута бултаһыа, эбэтэр атын булчукка этиэ. Урукку дьон эйэ-дэмнээх буолаллара. Бу сырыыга аҕам, булчут, тута сэрэйдэ. Саһылын суола соччо эбиллибэтэх. Саҥа быһа охсор суолу көрбөтө. Чааххааннаах сиригэр кэлиитэ тута уларыйыы буолбутун биллэ. Ол да буоллар саһыл кытаран сытара көстүбэтэ. Хапкааныгар кэлбитэ саһыл иҥнибит. Хамсаныы бөҕөнөн мөхсүбүт. Ол да буоллар хапкааннаах чэҥкээйитин соспутунан тыаҕа киирбит суолун көрдө. Манан ото маһа хойуу. Манныкка саһыл ырааппат. Ол да курдук буолла. Аҕыйах хаамыы ойуур иһигэр саһыла бу түүрүллэн сытаахтыыр. Бөһүйбүт саһылын хапкаанын чэҥкээйи маһыттан арааран үрүксээгэр угунна.
Дьэ, ити курдук биир күннээҕи булда түмүктэннэ.
Мин аҕабын 83 саастаах булчут киһини, киниттэн үбүлэнэн ылбыт кинокамерабар устубутум номнуо түөрт уон сыл буолара бу кэлбит.
Алаас Уола