“БУКА БАРЫ — ОККО, ОККО!”: хаартысканан күрэх түмүгэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат уонна “Эдэр саас” саайт Саха АССР 100 сылынан, Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылынан, күүстээх от үлэтин үгэнинэн, моой отчуттарга эһиэхэ, анаан “БУКА БАРЫ — ОККО, ОККО!” диэн хаартысканан күөн күрэһи биллэрбитэ. Түмүгү таһаарабыт.

Сахабыт сирин араас муннуктарыттан 13 бэртээхэй хаартыска киирдэ. От үгэнигэр сылдьар буолан, элбэх хаартыска киирбэтэ диэн билиниэххэ наада. Куонкурус сыала-соруга: өбүгэ үгэһин салҕааһын, ыччаты үлэҕэ сыһыарыы, от үлэтин көҕүлээһин. Санатар буоллахха, куоластааһын атырдьах ыйын 10 күнүттэн атырдьах ыйын 16 күнүгэр күнүс 12:00 чааска диэри ыытылынна.

Саайтка дьон куоластааһынын түмүгүнэн 1879 куолаһы ылбыт Михаил Колодезников (Уус Алдан улууһа, Кэптэни) “Сиэннэр улаатан көмө дьоно” диэн хаартыската бастаата.

1661 куолаһы ылбыт Анна Турантаева (Уус Алдан улууһа, Тиит Арыы) “Биһиги дьиэ кэргэнтэн төрдүс отчут тахсан эрэр” диэн хаартыската иккис миэстэ буолла.

Оттон 453 куолаһы ылбыт Анна Егорова (Сунтаар улууһа, Күндэйэ) «Эдэр эрчимнээх уолаттар куонкуруска анаан “От-2022” диэни субурҕаттан оҥорон таһаардылар” диэн хаартыската үһүс миэстэ буолары ситистэ.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан эрэдээксийэ биһирэбил миэстэтэ Сунтаар улууһун Илимниир нэһилиэгин олохтооҕо Вероника Петрова “Мэһэй буолбаппыт. Оттуурга үөрэниэхпит. Көмөлөөх дьон буолуохпут!” диэн кырачаан оҕолор кыраабыл, атырдьах тутан туралларын көрдөрөр хаартыскаҕа ананар.

Түгэнинэн туһанан, кыайыылаахтары уонна кыттыбыт дьоҥҥо ис сүрэхпититтэн махтанабыт уонна анал бириистэри ыларга 89142855068 нүөмэргэ эрийэн билсэргитигэр ыҥырабыт. Маннык хабааннаах куонкурустарбытыгар көхтөөхтүк кыттыҥ. Бэрт сотору кэминэн сир аһыгар сыһыаннаах анал куонкуруһу биллэриэхпит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0