“Саха сирэ” хаһыат уонна “Эдэр саас” сайт Саха АССР 100 сылынан, Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылынан, күүстээх от үлэтин үгэнинэн, моой отчуттарга эһиэхэ, анаан “БУКА БАРЫ — ОККО, ОККО!” диэн хаартысканан күөн күрэһи биллэрбитэ. Сахабыт сирин араас муннуктарыттан хаартыскалар киирдилэр.
Куонкурс сыала-соруга: өбүгэ үгэһин салҕааһын, ыччаты үлэҕэ сыһыарыы, от үлэтин көҕүлээһин.
Киирбит үлэлэри дьүүллүүр сүбэ көрүөҕэ, ону таһынан, куоластааһын edersaas.ru саайтка эмиэ ыытыллан саҕаланна.
Куоластааһын атырдьах ыйын 10 күнүттэн атырдьах ыйын 16 күнүгэр күнүс 12:00 чааска диэри ыытыллар.
Кыайыылаахтары быһаарыы: дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан – 1 кыайыылаах. Саайтка куоластааһынынан 1, 2, 3 миэстэлэр баар буолуохтара.
Кыайыылаахтар анал бириистэринэн наҕараадаланыахтара.
Сөбүлээбит хаартыскаҕар «сүрэхтэ» баттаа. Сууккаҕа биирдэ куоластыахха сөп.