Бүддьүөт бастакы ааҕыытын ааста

Бөлөххө киир:

Ил Түмэн бэҕэһээҥҥи пленарнай мунньаҕар дьокутааттар өрөспүүбүлүкэ эһиилги бүддьүөтүн барылын бастакы ааҕыынан ылыннылар. Үп сокуонугар социальнай хайысха сүрүн оруолу ылар.

Үп миниистирэ Валерий Жондоров социальнай эйгэҕэ сыһыаран, үөрэхтээһиҥҥэ бу кэлэр сылга оҕо саадыгар уочарат суох буолуутугар, үөрэх систиэмэтин тупсарыыга, саҥа ньыманы киллэриигэ сүрүн болҕомто ууруллуоҕун эттэ. Манна даҕатан, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов үөрэх хаачыстыбата мөлтөҕүн бэлиэтээн туран, кэлэр сылларга хаачыстыбаны тупсарыыга үлэ барыахтааҕын, 2019 сылга үөрэхтээһиҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп көрүллүбүтүн (барыта холбоон 60 млрд солкуобай) эттэ.
Култуураҕа сүрүн оруолу айар холбоһуктарга ууруох курдуктар. Санатан эттэххэ, бүддьүөт барылын уопсастыбаннаһы кытары дьүүллэһиигэ айар сойуустар ааттарыттан Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева үбүлээһин систиэмэтин туһунан этэн турар.

Доруобуйа харыстабылыгар өҥөнү биэрии хаачыстыбатыгар, материальнай баазаны тупсарыыга үлэ барыаҕа. Санатан эттэххэ, Ил Дархан СӨ 2024 с. диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегическэй хайысхаларын туһунан таһаарбыт ыйааҕар хаарбах туруктаах балыыһалары саҥардыыга улахан болҕомтотун уурбута. Кини этэринэн, алта сылынан хаарбах балыыһалар ылар бырыһыаннара 58,9 %-тан 30 %-ҥа диэри түһүөхтээх.

Ону таһынан бу ыйаахха тыа хаһаайыстыбатыгар, бэйэ оҥорон таһаарыытыгар үгүс соругу туруорбута. Ол сиэринэн кэлэр сыл­лааҕы бүддьүөккэ бу эйгэҕэ анаммыт үбүлээһин 2018 сылтан кыччыа суохтаах. Бу туһунан бэҕэһээҥҥи мунньахха дьокутааттар эмиэ эттилэр.

Ороскуоту көрүү

Бүддьүөт дэписсиитэ 2019 с. 1,1 млрд солк. быһыллан турар. Бу көрдөрүү улаатыа суохтаах. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов бүддьүөккэ быйылгы курдук балаһыанньа тахсара сатамматын эттэ. “Быйыл бүддьүөт дохуотун уонна ороскуотун араастаһыыта 20 млрд солк. тиийэ сылдьыбыта. Итини сэмсии тутарбытыттан соло булбатыбыт. Манна улахан үлэни Айсен Сергеевич оҥордо уонна улахан хампаанньаларбыт биһиэхэ күүс-көмө буоллулар. Ол түмүгэр сэтинньигэ кэлэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дэписсиитин 1-1,5 млрд солк. диэри кыччаттыбыт. Онон ороскуоту үлүннэрэ турар сатаммат”, — диэн кини бэлиэтиир.

Тутуулар

Эһиилги бүддьүөккэ социальнай дьиэлэри, ол иһигэр оскуоланы, оҕо саадын, балыыһаны, култуура, спорт эбийиэктэрин тутуу, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бастакы уочаракка көрүллэр боппуруостарынан хааллылар.

Мунньах кэмигэр дьокутааттар инвестбырагыраама үбүлээһинин эбэргэ эттилэр. Ону сэргэ, суобаһа суох тутааччылартан албыннаппыт дьоҥҥо көмөлөһүүгэ, төрөппүттэрэ суох тулаайах оҕолору дьиэлээһиҥҥэ, “Мин Сахам сирэ – XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһынын үбүлээһинигэр, Арктика уонна хоту улуустарга тутууну ыытыыга, элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит сирдэр инфраструктураларын оҥорууга, о.д.а. болҕомтону уурарга эттилэр. Спикер Петр Гоголев Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнигэр, аатырбыт снайпер Иван Кульбертинов пааматынньыгар харчы көрөргө эттэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0