Сааскы кус кѳҥүлүн үгэнэ. Дойду дьоно куһу-хааһы оччо-бачча үллүктээбэтэллэр да, алаастарынан, арыыларынан тарҕаспыттара ыраатта.
Кууһума дурдаҕа сытан кус маныырын сѳбүлээбэт. Уот сиэбит кѳрдүгэннэрин, сааскы садырыын уулары кэрийэн, табыллыбыт кэмигэр хата кимнээҕэр бултуйааччы. Ол идэтинэн, бу сарсыардааҥҥы кус кѳтѳрүн баттаһа, хоссооҕун оһун тыаһа хордурҕаан, Саадах Бэс тумуһугар кэллэ.
Манна хаар уутуттан тахсыбыт кыракый ууга модороон, бэрт салаҥнык оҥоһуллубут дурданы кѳрдѳ. Аҕыйах мончуук тахсан эрэр күн уотугар кылбаһан, кырдьык-хордьук устан эрэрдии түѳрэҥнэһэллэр. Кууһума сэрэххэ олору бөнүѳкүлүнэн кѳрбүтэ, арай, икки чѳркѳй аһаан чалымната сылдьаллар эбит. Булчут чохчос гынна, сүрэҕэ тиҥиргэччи тэптэ. Дурданан күлүктэнэн киирэн, хоһулатаат, иккиэннэрин хаптаччы ытан кэбистэ. Арай иһиттэҕинэ, дурда иһигэр киһи ыҥыранна, эргийэр тыаһа иһилиннэ. Кууһума дурданы ѳҥѳс гыммыта, Туолук уол дьѳрү тѳбѳтүн оройугар эстибит саа да тыаһыгар кыһаммакка, туох да кыһалҕата суох утуйан бырылата сытар эбит, аттыгар будильник кыллыргыыр. Кууһума Туолугу кѳрѳн, оччо соһуйбата. Туолук тѳрүкү уулааҕынан биллэр, тѳбѳтүн сыттыкка ууруо эрэ кэрэх, муннун тыаһа муораҕа тиийэр. Ол иһин сааскы куска ким да кинини кыттыһыннарбат. Хата, ол оннугар сүрдээх кимиэллээх үлэһит. Саҥата-иҥэтэ суох сылдьан оҥорбута-ыпсарбыта эрэ баар. Онон дьон-сэргэ бэркэ убаастыыр.
Кууһума сааһыты бэрт эрэйинэн уһугуннарда. Туолук уһуннук утуйбут быһыылаах, дьагдьайбыт. Бэркэ оҥостон тыыллаҥнаата, дьигиһийбэхтээн ылла.
— Хайа,Туолук, кус маныы олороҕун дуо?
— Ээ.
— Тѳһѳнү ѳлѳрдүҥ?
— Суох, кус кѳппѳт.
— Онтон дурдаҥ иннигэр кус бѳҕѳ дии.
— Кус даа, —Туолук иннигэр сытар кустары кѳрѳн, дьэ соһуйбута буолла.
— Онтон бу тугуҥ будильнигай?
— Ээ, утуйан хаалыам диэн, — Туолук чаһытын кѳрѳн ылар.
— Дьэ, сор киһигин доҕор, манна утуйа кэлэр буолан баран. Ситэри дьиэҕэр, сылааска утуйуоххун.
— Ээ, манна айылҕаҕа, салгына үчүгэйэ бэрт ээ.
Хор, итинник буолар эбит, эр киһи айылҕаҕа тардыһыытын күүһэ.
Иннокентий Попов — Оҕуруоттаах,
Суотту