Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бу түүн Халымаҕа уонна өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа.
Салгын температурата түүн -42-47°С, илин -47-52°С, соҕуруу, Халымаҕа -32-37°С, күнүс -38-43°С, илин -43-48°С, хоту, соҕуруу -26-31°С кыраадыс буолуоҕа.
Арктика оройуоннарыгар хаар түһүөҕэ. Анаабырга, Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 18-23 м түргэннээх тыал, буурҕа түһүөҕэ. Салгын температурата түүн –26-31°С, арҕаа -17-22°С, күнүс -21-26°С, арҕаа -12-17°С кыраадыс буолуоҕа.
Дьокуускайдааҕы УГМС күнү-дьылы кэтээн көрөр пууннарыгар сарсыарда 6 чааска: Өймөкөөҥҥө -51°С, Охотскай Перевозка, Уус Ньараҕа -49°С, Кириэс Халдьаайыга, Чурапчыга, Уус Маайаҕа -48°С, Тёплай Ключка, Батамайга -47°С, Ытык Күөлгэ -46°С, Уус Муомаҕа, Аммаҕа, Витимҥэ -45°С кыраадыс бэлиэтэннэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1