Бу сурунаал дуо? Суох, Төхтүр!

Ааптар: 
23.08.2020
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта батсаапка наһаа тупсаҕай көстүүлээх тиэргэн видеота тарҕаммыта. Хомойуох иһин, бу бэртээхэй көстүү хаһаайына ким буолара биллибэт этэ.

 edersaas.ru

Маны этэн эрдэхтэрэ, «иннэни оттоох бугулга булбаккын» диэн. Ол эрээри биир күн бу видеоны дьүөгэм ыыппытыгар ыйыппыппар, кини дьүөгэтин тиэргэнэ буолан соһуппута. Ити курдук, социальнай ситим бөлөхтөрүн кэрийэн, миигин иккистээн булбут видео хаһаайката бэйэтинэн көстүбүтүн, мүччү туппатым. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин олохтооҕо Светлана Попованы кытта итинник билистибит.   

 Сальпиглоссис – хаһаайка маанылыыр сибэккитэ

 — Светлана, бу маннык тупсаҕай тиэргэни киһи аҕыйах сыл иһигэр оҥорбот. Хаһааҥҥыттан ыла тиэргэҥҥитин маннык киэргэтэн барбыккытый?

25 сыллааҕыта дьиэ туттан киириэхпититтэн кыралаан оҕуруот олордон саҕалаабыппыт. Онтон ыла тэлгэһэбитин оҥостон иһэбит. Тиэргэммитигэр хортуоппуй, моонньоҕон олордобут. Кэнники сылларга яблоня, акация, черемуха мастарын олордубуппут, ылсан үүнэн тураллар.  Сибэкки үүннэриитинэн сөбүлээн дьарыктанабын. Сыл аайы олунньу бүтэһигиттэн саҕалаан, арассаада олордуута саҕаланар.

— Сибэкки ханнык көрүҥнэрин олордоҕунуй?

— Петуния араас көрүҥүн, годеция, настурция, вьюнок, брахикома, анютины глазки, дельфиниум, циния, алиссум, лобелия уо. д. а. сибэкки араас көрүҥүн олордобун. Саамай сөбүлүүр сибэкким сальпиглоссис диэн. Шток-розаны, георгины, калибрахоаны эрдэ олортоххо ситэн сибэккилииллэр.

Аарка – тиэргэн киэргэлэ

 — Хаартыскаҕа, видеоҕа көрдөххө, наһаа интэриэһинэй көстүүлээх аарка оҥорбуккут дии?

— Ити быйыл таһырдьаттан киириигэ киһи хараҕын үөрдэр гына саҥа арка оҥоттордум. Кэргэним Аркадий Николаевич сыбаарсык Матвей Шишигинниин көмөлөөн тимиринэн иһэрдибиттэрэ. Уһуна 3 м курдук буолуо. Онно ыйанар кашполарга дьүһүнүн дьүөрэлээн, петуния арааһын олордубутум. Бу сибэкки хаппырыыһа суох буолан, көрүүтүн таптахха, сайыны быһа үчүгэйдик сибэккилиир. Үйэлээх буоллун диэн, кэлин тимиринэн «подставка» оҥотторон, онно кашполары олордор буоллум. Көстүүтэ да үчүгэй.

— Олох хаартыска зонатын (фотозона) курдук…

— Интернеттэн көрөн, кырдьык, ураты көстүүлээх курдук оҥорбутум. Сыл аайы саҥаттан саҥаны сибэккини көлүөһэлэргэ, вазоннарга олордобун. Алҕастарбыттан үөрэнэбин. Кэлиҥҥи сылларга сайыҥҥы уу турбата кэлэн, улахан көмө буолла.

Сибэкки арассаадатыттан тутулуктаах

 — Сибэккилэриҥ көрүүгэ-истиигэ наадыйаллара чахчы.

— Сайын устата сибэккилэргэ сөптөөх уу, уоҕурдуу наада. Ыйанар кашпо, буора аҕыйах буолан, эбии аһатыыга наадыйар, оччоҕо сибэккитэ өлгөм буолар. Уонна арассаадата ыарыыта суох, уһаабатах буолуохтаах. Саас дьиэҕэ сырдык тиийбэт буолан, эбии лампа туһанабын. Холобур, калибрахоа сибэкки сиэмэтиттэн олордон баран, «черенкование» оҥорон элбэтэбин.

— Тиэргэҥҥин бэйэҥ көрөҕүн-истэҕин дуо?

— Кэргэним 30 сыл бурдук үүннэриитигэр үлэлээтэ. 20 сыл бурдугунан дьарыктанар тэрилтэни салайар. Агроном үөрэхтээх. Саас ыһыытын үгэнэ буолан, тэлгэһэбэр бэйэм дьарыктанабын. Улахан уолум экологияларга кылаабынай буҕаалтырынан үлэлиир. Кэргэннээх. Кыра уолум «Якутэнергоҕа» инженер. Бэйэм бурдук хаһаайыстыбатыгар буҕаалтырынан үлэлиибин.

Хас биирдии ыал курдук бэйэбитигэр сөп буолар оҕурсу, помидор, моркуоп, сүбүөкүлэ, кабачок, тыква, дьэдьэн олордобут. Сыл аайы саас арассаада атыылаан, эбии дохуот киллэринэбин. Ону таһынан, оскуолаҕа сибэкки арассаадата бэрсэн, кыра кылааппын киллэрсэбин.

… Светлана Попова кэлиҥҥи кэмҥэ ыаллар тиэргэннэрин араастаан киэргэтэллэрин, сибэкки, оҕуруот, мас арааһын үүннэрэллэрин кэрэхсии, биһирии көрөр. Кини 25 cылы быһа бэйэтин тиэргэнин киэргэтэн, киһи сурунаалларга эрэ ымсыыра көрөр хартыынатын курдук оҥордо. Ол ону бу хаартыскалар туоһулууллар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0