-
Дириҥ былыргылаах, киэҥ историялаах ытык сирдэр тустарынан, онно олорон ааспыт дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа туоһулуур.
-
Ол да иһин оҕо эрдэхпинэ билбэт алааска, сиргэ-уокка мээнэ саҥарар сатамматын өрүү сэрэтэллэрэ, буойаллара. Ол өбүгэлэрбит ытык олохторун кэриэстээн, чуумпу эйгэлэрин уйгуурдумаары саха киһитэ былыр-былыргыттан сэмэйдик сылдьар үтүө үгэһэ буоллаҕа.
-
Оннук ытык сирдэр Таатта улууһун Наммара үрэх биир хорук тымыр курдук сүүрүгүрэ устан ааһар сирдэрин туһаайыытынан бааллар. Улуу олоҥхоһуттар, идэлээх улуу дьон уутуйан үөскээн олорон ааспыт Дьүлэй нэһилиэгин аҥаат-муҥаат алаастара, кистэлэҥнээх сирэ-уота былыргы кэм быралыйбыт быданын кытта силбэһэн, күнү-дьылы мэлдьэһэн, арай үһү-тамах курдук үһүйээннэринэн үллүктэнэн бу үйэҕэ кэллэҕэ…
-
Мин эбэм туһунан суруйаары, кинигэ бэлэмнээри уонча сыллааҕыта сыттыктана сытан сэһэргэһэр, күнүс чээйдии олорон кэпсэтэр сайыҥҥы сырдык кэмнэргэ онон-манан одоҥ-додоҥ өйдөөн хаалбыппын. Арай биири кини сэрэтэн дуу, эбэтэр харыстаан дуу эппитин дьиктиргии истибитим. Ол дьикти туһунан анаан бу сайын оҥостон олорон суруйа-бичийэ тахсар былааннааҕым….
-
Эбэм барахсан оччолорго 85 саастаах кырдьаҕас, оҕо сааһын сэгэтэн кэпсии олорон, сир-уот, дойду туһунан сэһэргиир кэмигэр, дойдубар баар Бөрөөх, Үс Көлүйэ уонна биир алааһын хомойуох иһин аатын умнан кэбиһээхтээбиппин, «онно хаһан даҕаны соҕотох сылдьыбат буолаар, оннук» диэн турардаах. Тоҕо кини бу ытык сирдэртэн дьаарханан, туох кистэлэҥи эбэтэр көстүбэт күүс дьайыытыттан харыстаан эппит буолуон сөбүй? Тулаайах хаалбыт кыыс арай кыра сааһыгар Баай Балапааттарга хамначчыттаан олорбут ийэтиттэн тугу эмит истиэн сөбө эбитэ буолуо.
-
Көстүбэт дьахтар
-
Оттон дойдум биир дьулаан, киһи этэ тардар үһүйээннэриттэн биирдэстэрэ Бөрөөх диэн алаастыҥы хоннох сиргэ былыр 19-с үйэ бүтүүтэ, дьадаҥы саха ыалын көстүбэт дьахтар буулаабытын туһунан билигин да ытырыктата истэбин. Биһиги, сахалар, дэриэтинньик, үөр буолбут дьон туһунан куттана да сэрэнэ да истээччибит. Ким эмит манныкка түбэспит да эбит буоллаҕына, чып кистэлэҥинэн, сэрэнэн-сэрбэнэн кэпсиир, салгыны аймаабат сэмэй майгылаах дьоммут. Оттон бу дьикти, көстүбэт күүс дьадаҥы, саха ыалын буулааһына алаастан алааска тарҕанан, оччотооҕу сэмэй саха ыалын олоҕун укулаатын, уйулҕатын хамсатан сүрдээҕин диэн аймаабыт.
-
Түүн оройо оҕонньордоох эмээхсин утуйа сыттахтарына, арай эмискэ сүрдээх чуор куолас өрө чугдаара түспүт: «Ыччыы-ычча, утуйан оҥторо сытымаҥ, туран уотта оттуҥ, аста бэлэмнээҥ!» диэн хатан куоластан уһукта биэрбиттэр. Көстүбэт дьахтар дэриэтинньик буоллар оһох уотугар эбэтэр аска-үөлгэ оччо наадыйара биллибэт. Дьиктитэ, бу дьахтар тот сылдьар кэмигэр чуумпу, бэйэтэ-бэйэтигэр киҥинэйэн ыллыыр үһү. Кэлин бу дьахтары Ытык Тирииитэ диэн сиргэ олорор Баай Балыпаат Силэпсиэп эмээхсинэ Маталдьыйа Маарыйа анаан-минээн тиийэн илдьэ барар. Баай бардам, тот дохсун дииллэринии, эмээхсин көстүбэт дьахтартан куттаммакка: «Тукаам, бу аһа-үөлэ суох оҕонньордоох эмээхсини буулаама, миигин кытта барыс. Ас диэтэххэ ас баар, таҥас диэтэххэ таҥас баар, уорук бараан ордуулаах баай эмээхсин мин баарбын. Барсар буоллаххына сону илин тимэҕиттэн биири өтүрэн ылан, сонум хаҥас сиэбигэр угаар», — диэн баран тахсан барар. Чахчы, ол күнтэн көстүбэт дьахтар оҕонньордоох эмээхсинтэн таһыччы сүтэр.
-
Көстүбэт дьахтар баай эмээхсиҥҥэ хоппону тугу булбутунан-талбытынан толорон биэрэргэ болдьоһон олорор. Ый отут хонуга туолуута эмээхсин хоппотун арыйан көрөнөн кураанаҕыттан абаран үрүҥ көмүс сыапачыкаҕа кыаһаан курдук тиһиллибит күлүүстэрин хаҥас остуолга кыыраппыт тыаһыттан куттанан, көстүбэт дьахтар эмээхсин дьиэтиттэн тэскилиир. Ытыы-ытыы Лыппыарыйаҕа олорор Төҥүргэс Дьүгүөр диэн оҕонньордооххо кэлэр: «Баай эмээхсин үрүҥ көмүс күлүүһүн тыаһыттан куттанаммын тыыммын тэскилэтэн эһиэхэ кэллим» диир. Ити күнтэн аны бу ыал олоҕо, утуйар уулара уйгуурар.
-
Үс көлүйэ
-
Төҥүргэс Дьөгүөрдээҕи буулаатаҕын кэмигэр, эмээхсин толкуй тобулан оҕонньоругар быһах сытыылатар. Дагда оҥорон көстүбэт дьахтарыгар туспа иһиккэ кутан хаҥас остуолга ыҥырар. Көстүбэт дьахтар аска саба түһэн айаҕын тыаһа сүрдээх үһү. Сылгы тииһинэн оту сиэн кибиргэтэрин курдук тыастаах үһү. Бу тыас туһаайыытынан, көхсүн хараҕа буолаарай диэн баран Төҥүргэс Дьөгүөр ойоҕо хаҥас илиитинэн быһаҕынан супту түһэр. Ону кытта ынырык часкыыр иһиллэр уонна ытыы-ытыы, хаана саккырыы-саккырыы Иҥнэх үрүйэтин устун барбыта үһү. Бу кыһын Төҥүргэс Дьөгүөр уола биэс оҕотун кытта Үс Көлүйэҕэ кыстаан олорон туохтан да ыалдьыбыттара биллибэккэ, эмискэ өлөн хаалаллар. Бу Үс Көлүйэ диэн сир Лыппыарыйаттан хоту диэки бардахха баар. Ол Төҥүргэс Дьөгүөр уола аах олорбут өтөхтөрө Үс көлүйэҕэ билигин да баар. Туспа ураты тыыннаах, элбэх дьон олорон ааспыт ытык сир.
-
Үрүҥ көмүс уонна харысхал тыына
-
Көстүбэт дьахтар тыынын тэскилэтэн кэлиитэ уонна кини үрүҥ көмүстэн куттанан, соһуйан уолуйуута дьикти ситимнээхтэр.
-
Тоҕо эрэ былыр-былыргыттан бэйэни харыстанарга сахалар үрүҥ көмүһү кэтэллэрэ. Ол да иһин сүктэр кыыс таҥаһа-саба, киэргэлэ, илин-кэлин кэбиһэрэ барыта үрүҥ көмүстэн кутуллан, тимир ууһугар анаан оҥорторуу буолара үһү. Ити үтүө үгэс кэлин кэһиллэн үрүҥ көмүһү биир кэмҥэ кэппэт буолуу үөдүйэ сылдьыбыта. Ол эрээри, дириҥ силистээх-мутуктаах омук буоларбыт быһыытынан, тимир уустарбыт уутуйан үөскээн, саха омук үгэһин сөргүтэн, саха дьахтара анаммыт симэҕин кэтиитэ кэлиҥҥи кэмҥэ дэлэйдэ.
-
Үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут киэргэллэр быһыылара-таһаалара киһи майгытыгар-сигилитигэр дьайар күүстээхтэр эбит. Тоҕо үрүҥ көмүстэн хара тыын, сибиэн куттанарый? Үрүҥ көмүс аан дойдуга кыһыл көмүстээҕэр хас эмит төгүл элбэх. Кини сымнаҕас ураты тимир. Үрүҥ көмүһү кэтии туспа оруоллаах. Үчүгэйи санаан, бэйэни харыстанан кэттэххэ, чахчы көмөлөөх үһү. Ол да иһин мындыр сахалар үрүҥ көмүһү бэркэ сыаналаан, харыстаан харысхал быһыытынан ылынар буоллахтара. Тоҕо эрэ айымньыларга да, дьон да кэпсээниттэн иһиттэххэ, кыһыл көмүс харах уута, оттон үрүҥ көмүс харысхал диэн мээнэҕэ эппэт буоллахтара.
-
Уоруллубут кытыйа
-
Киһи оннооҕор кэтэ сылдьыбыт таҥаһа-саба киһи ис эйгэтин энергетикатын илдьэ сылдьар дииллэр. Тоҕо эрэ атын киһи кэппит атаҕын таҥаһын кэтиини анньыынан ааҕаллара. Ол киһи холумтана сыстыан сөп диэн оҕолорун харыстыыллара. Ол тэҥэ, киһи олорбут олоҕо-дьаһаҕа, үүтүн умуһаҕыттан хотонун далыгар тиийэ барыта бэйэтин санаатын хоту оҥоһуллар. Өбүгэлэрбит өтөхтөрү кэрийиини, буолаары буолан былыргыны түөрэн хасыһыыны ончу боболлор үһү.
-
Ол да иһин былыргы өтөхтөн булуллубут көмүү харчы, ордон хаалбыт иһит-хомуос хаһан даҕаны дьолу аҕалбатахтара. Биир оннук түбэлтэни истэн турардаахпын. Биир баай ыал эмискэ имири эстэн хаалбыттар. Баайдара-дуоллара, маллара-саллара турбутунан хаалбыт. Туохтан өлбүттэрэ биллибэт ыал өтөҕүн анньыырҕаан ким да тыыппат эбит. Арай биир эмээхсин «кэнним уһаабыт, инним кылгаабыт киһи ыллахпына да туох буолуой» диэн биир оһуордаах мааны кытыйаны ылбыт. Ол кытыйаны ылан баран кини да уһаабатах. Илиитин тарбахтарын быыһа бааһыран эрэйдэнэн өлөөхтөөбүт. Бу кытыйа баҕар ханнык эрэ ыарыыны эбэтэр баай ыал ыар санаатын, тойон уораҕайдарын кэлэн аймаабыт ньүдьү балай эмээхсини ситэн сиэһин эбитэ дуу…
-
Дойду,-дойду, сир-сир ахсын аата ааттаммат, улаханнык саҥарыллыбат ытык сирдэрдээхтэр. Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн сирэ-уота таайыллыбат кистэлэҥэ үгүс буоллаҕа. Арай ол быыһын оргууй сэгэтэн, сэмэйдик, сэрэнэн сэһэн курдук сэрэтиилээхтик сэһэргэһэр буоллахха, үһүйээнин үлүһүйэн истэр буоллахха, хаптаҕай кулгаах истибэтэҕин истиэххэ, билиэххэ-көрүөххэ сөбө эбитэ дуу, суоҕа дуу…
-
Ульяна ЗАХАРОВА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1