Бу өрөбүллэргэ Дьокуускайга ас-үөл дьаарбаҥката ыытыллыаҕа
Бу өрөбүллэргэ, балаҕан ыйын 24-25 күннэригэр, Саха сирин 70-тан тахса хаһаайыстыбата, тэрилтэтэ оҥорон таһаарар бородууксуйаларын «Продовольствие -2022» диэн атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар көрдөрүүгэ таһаарыахтара.
Атыы-эргиэн дьаарбаҥката үгэс быһыытынан Дьокуускай куорат Комсомольскай болуоссатыгар ыытыллыаҕа. Дьаарбаҥкаҕа үүт, эт, оҕуруот, сир аһын арааһын, ону сэргэ бэйэ оҥоруу мүөтэ атыыланыаҕа. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов: «Дьаарбаҥка-быыстапкаҕа Саха сиригэр оҥоһуллар бэйэ бородууксуйата барыта тахсыаҕа. Нэдиэлэ устата бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбалартан сайаапкалары күүтэбит», — диэн иһитиннэрдэ.
Аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон волонтердар көмөлөрүн туһанан атыыласпыт бородуукталарын массыынаҕа диэри илтэриэхтэрин сөп. Балаҕан ыйын 24 күнүгэр АГАТУ-га тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылар пуорумнара ыытыллыаҕа. Оттон сарсыҥҥы күнүгэр АГАТУ ипподромугар үгэс быһыытынан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирииһигэр ат сүүрдүүтэ буолуоҕа.
Ульяна ЗАХАРОВА.