Бу өрөбүллэргэ – балык дьаарбаҥката

23.10.2018
Бөлөххө киир:

Сыл ахсын Дьокуускайга сибиэһэй балык дьаарбаҥката алтынньыга, ахсынньыга уонна кулун тутар ыйга буолар. Быйыл күһүҥҥү көмүс хатырыктаах атыыта алтынньы 27-28 күннэригэр Комсомольскай болуоссакка буолуоҕа. Манна тоҥ балыкка, Байанай саамай дьоһун бэлэҕэр күрэс, балыгы итиилии ыыһыырга маастар-кылаас, «Ыра санаа балыга» аукцион, «Балык минньигэс миинэ” аһымал санаа аахсыйата тэриллэн ыытыллыаҕа.


Киирбит үп «Берегиня» оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр табаар атыылаһарга туттуллуоҕа. Ону таһынан, хотугу норуоттар ырыалара, һээдьэлэрэ, үҥкүүлэрэ өрөбүл күннэри киэргэтиэҕэ.

Дьаарбаҥка сарсыарда 10 ч. киэһэ 18 ч. диэри хоту дойду күндү аһын чыыры, күндүөпкэни, уомулу сөбүлүүр дьону күүтүөҕэ. Туустаах сибиэһэй балык бу кэмҥэ саамай тупсан турар кэмэ.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0