Сэрэдэтээҕи хаһыакка ааҕааччы Василий Никифоров “Барыбыт дьылҕабыт” рубрикаҕа “Чэпчэки кирэдьиит дьылҕата ыараата” диэн ырытыы ыстатыйатыгар болҕомтотун уурара чахчы.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Онон-манан кубулдьуппакка, эргиппэккэ эттэххэ, чэпчэтиилээх кирэдьиит инники дьылҕата ыараата, ол эбэтэр “төрүү илигиттэн төннөр төлкөлөннө“ бадахтаах. Тоҕо инньэ диибиний?” – диэн ыйытар матырыйаал ааптара. Дьэ, тоҕо инньэ диэбитин сэрэдэтээҕи хаһыакка ааҕыҥ.
Гектары үллэрии туһунан “Саха сирэ” хаһыат суруналыыстара Роман Попов уонна Василий Никифоров икки балаһанан ырытан суруйдулар. “Кимиэхэ — Хаҥалас, кимиэхэ — Мэҥэ”, “Гектар хаһаайыннара”, “Саха гектара” “Ылыахха эрэ дии-дии ылымаҥ” диэн ааҕааччы интэриэһин тардар төбөлөрдөөх түһүмэхтэри хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
“Тыйаатыр Турантаевтара” диэн матырыйаалын суруналыыс Людмила Попова “Итии чэйгэ” таһаарда. Бары да сөбүлүүр артыыспыт Геннадий Турантаев тоҕо: “Бөдөҥмүн-садаҥмын көрүмэ, аспар олус бириинчикпин”,— диэн баран, ханнык булт аһын сиэбэтин биллэххинэ, бука, соһуйаргыт буолуо.
Станислав Иовлев бэлэмнээбит “Космодромҥа – саха уолаттара” диэн ыстатыйатыгар саха уолаттара космодром тутуутугар хайдах үлэлииллэрин билсиэххит. Уолаттарбытын тутуу салалтата тоҕо ханнык да атын регион байыастарынааҕар ордорор эбитий? Ол туһунан хаһыат бу матырыйаалыгар булан ааҕыҥ.
“Хаһыат уонна ааҕааччы” рубрикаҕа 7 араас ис хоһоонноох сурук бэчээттэннэ. Ол курдук, бу рубрикаҕа ааҕааччы Саха араадьыйатын, балыгы үөскэтии, дьокутаат Ноговицын Дьааҥыга туһатын уонна да атын матырыйааллары билсиэххит, сэргиэххит.
Үөрэх салаатын сырдатар Людмила Попова “Иккис суортаах уруоктар?” диэн сытыы боппуруоһу тоҕо көтөхтө? Суруналыыс бу матырыйаалын саха тылын уонна литературатын үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы сийиэстэрин түмүгүттэн санаа атастаһыытын ааҕыҥ.
Соторутааҕыта буолан ааспыт аҕалар II сийиэстэригэр туох боппуростар көрүллүбүттэрин Ангелина Васильева суруйда. Матырыйаалга: ”Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар хотун” диэн куонкурус курдук эр дьоҥҥо, аҕаларга анаммыт күрэс баара буоллар” диэн ким бэрт сөптөөх тылы көтөхтө? Бу уонна атын интэриэһинэй этиилэр тустарынан “Аҕалар кэпсэттилэр” суруйууга ааҕыҥ. Балаһаны бэлэмнээһиҥҥэ суруналыыс Татьяна Маркова эмиэ үлэлэстэ.
Тыа хаһаайыстыбатын академиятын тобулар толкуйдарын, кэскиллээх боппуруостарын туһунан суруналыыс Надежда Самсонова ректор Иван Слепцовы кытта кэпсэттэ.
Аны “Эдэр саас” сайт матырыйаалларын ырытыах. “Федеральнай ирдэбилгэ биллэриллибит, Ленскэйтэн уонна Хаҥаластан төрүттээх урут сууттана сылдьыбыт, хас да уорууга уорбаланааччылары оперативниктар Приморскай кыраайтан туппуттар. Бу бөрөстүүпүнньүктэр өрөспүүбүлүкэттэн ааспыт сыл бүтүүтүгэр куоппуттар. Тэрээһиннээх бөлөҕүнэн оҥорбут буруйдарын иһин накаастаналларыттан куттанан. Барыллааһын силиэстийэ быһаарбытынан, уорбаланааччылар 2014 сылтан 2015 сылга диэри кэмҥэ Хаҥалас улууһугар сүөһү уоруутунан дьарыктаммыттар. Уорбут сүөһүлэрин өлөртөөн, этин дьоҥҥо атыылаабыттар. Итинэн кинилэр 500 тыһ. тахса суумалаах хоромньуну таһаарбыттар. Бары Силиэстийэлиир изоляторга хаайылыннылар”, — диэн Вера Макарова-Бэрээдэк Биэрэ “Уоруулары арыйдылар: сүөһүттэн саҕалаан, аска тиийэ” диэн матырыйаалыгар суруйуута 1970 ааҕааччы болҕомтотун тардан, бастыҥ сонуннар ахсааннарыгар киирдэ.
“Саха сиригэр Аҕалар күннэринэн уонна аҕалар бастакы сийиэстэрэ ыытылларынан, бүгүн Анатолий Бурнашевы кытары кэпсэттибит. Бу сырыыга кинини ырыаһыт быһыытынан буолбакка, элбэх оҕолоох аҕа, сахалыы уһуйааны тэрийэн үлэлии сылдьар, оҕону иитиигэ ураты көрүүлэрдээх салайааччы быһыытынан сырдатыахпыт”, — диэн суруйан Надежда Егорова 1275 ааҕааччы интэриэһин тарта.
“Муус устарга түүн тоҥорор уонна тыалырар буолан, өрөспүүбүлүкэ киин өттүгэр хаартан улахан уу кэлиэ суоҕа. Онон өрүстэр халааннаабакка, этэҥҥэ устуохтара. Ыам ыйа эрдэ сылыйыаҕа. Ол гынан сөҥүүтэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, балай да элбэх буолара буолуо. Онон өрүстэр этэҥҥэ сайҕаныахтара. Өлүөнэ эбэ да улаханнык халаанныа суоҕа. Быйыл эрдэ сайҕанан, ыам ыйын 20-тин диэки уу суола аһыллыаҕа”, — диэн Тускул билгэтэ уларыйа турар күнү-дьылы сылыктааһына элбэх ааҕааччыны сэҥээртэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru