Киһи күннээҕи олоҕор урут буола сылдьыбыт эбэтэр хатыламмыт түгэннэри көрөр курдук буолааччы. Онно дьэ, саҥа аллайан “бу маннык хаһан эрэ буолбута”, “хатыламмыт түгэн буолла” диэн санаан ылан соһуйааччыбыт. Бүгүн, бу түгэҥҥэ буола турары эрдэ ханна эрэ көрбүт, маннык кэпсэппит курдук буолааччыбыт. Ону өйбүтүгэр түргэн үлүгэрдик “дежавюлаатыбыт” диэн быһааран аһардан кэбиһэбит. Тоҕо маннык буоларый? Бу көстүүнү уйулҕа үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар туох диэн быһаараллар эбитий? Маныаха бэйэм олохпор көрсүбүт уонна билэр дьоммор буолбут түбэлтэлэрбин холобур аҕалыым.
БАСТАКЫ ТҮБЭЛТЭ
Хас даҕаны сыллааҕыта Николай Иванович өр былааннаан, харчы бөҕөтүн мунньунан оҕо сааһыттан ыра санаа оҥостубут күн тахсар дойдутугар — Японияҕа уоппускатыгар сынньана көппүтэ. Сынньанааччыбыт сөмөлүөттэн түһэн, Токио аэропуордугар үктэммит. Көтөр аалга утаппыта бэрдиттэн уу атыылаһан иһэргэ санаммыт. Улахан аэропуорду биир гына хааман, бэрт эрэйинэн кыра киоск курдугу булбут. “Бээ, уу диэн дьоппуоннуу хайдах тылбаастанар буоллаҕай?” диэн толкуйдуу туран атыыһыт кыыс диэки одууласпыт. Кыыс каассаттан харчы ааҕар, үөһээ-аллараа тыынар, ботугуруур… “Билигин бу кыыс ыйытардыы мин диэки көрүөҕэ, онтон экрааны ыйаыйа, бэйэтин тылынан тугу эрэ ыйытыаҕа. Бу турдахпына биир киһи төлөпүөнүнэн кэпсэтэ иһэн миэхэ кэлэн кэтиллиэҕэ”, — диэн Николай Иванович санаатын кытта, дьоппуоҥкабыт хап-сабар оннук гыммыт, аны кэннигэр кэлэн биир киһи иҥнэ биэрбит. Биһиги киһибит: “Аата дьиктитин, хаһан даҕаны үктэммэтэх Япониябар кэлэн “хатыланан” эрэр дуу?, — диэн санаан ааспыт. Күн киирбэт дойдутугар бу сырыытын тухары Николай Иванович хаста даҕаны “дежавюлаан” соһуйбут даҕаны, сонньуйбут даҕаны.
Великобритания Лидс университетын психолога Крис Мулин киһи тоҕо хатыланар түгэннэри чинчийбитэ ыраатта. Кини быһаарарынан, бу көстүү хаһан даҕаны сылдьыбатах сирбитигэр тиийдэхпитинэ элбэхтэ буолар эбит. Киһи хаһан даҕаны сылдьыбатах сиригэр үктэннэҕинэ, кини уруккуттан олоҕурбут өйө-санаата саҥаны атыҥырыырыттан, ону ылына сатыырыттан буолар диэн Мулен үөрэппит. Онон бу “ыарыы” айанньыттарга, сири-дойдуну кэрийээччилэргэ ордук көстөрө баар суол.
ИККИС ТҮБЭЛТЭ
Соторутааҕыта биир отуччалаах дьүөгэм олоҕор дьиктилэр буолалларын туһунан кэпсээтэ. Кини киэһэлик хараҥарыытын саҕана доҕотторун кытта киин куораппыт устун күүлэйдии сылдьыбыттар. Арай, дьүөгэм көрдөҕүнэ Ленин проспегынан биир биллэр бэлиитик кинилэр диэки хааман иһэр эбит. Дьүөгэм доҕотторугар: “Дорооболоһуохха, кэпсэтиэххэ”, — диэбит. Онуоха дьоно: “Эс, хайаан биһигини кытта кэпсэтиэҕэй?! Ыксыы сылдьар буолбаат!” – диэн батыммыттар. Дьүөгэм бу түгэҥҥэ, бу буола турар барыта хаһан эрэ хатыламмытын өйдүү биэрбит. “Суох, кэпсэтиэҕэ, сарсын командировкаҕа айаннаары сылдьарын, үлэтигэр пааспарын умнубутун ылан иһэрин туһунан кэпсиэҕэ. Өссө эбиитин хаартыскаҕа түһүөхпүт. Мин хаһан эрэ маны көрбүтүм, мин олохпор маннык буолбута ээ”, — диэччи буолбут. Доҕотторо күлэн эрэ кэбиспиттэр. Бэлиитикпит уун-утары хааман кэлбит, дьүөгэм: “Здравствуйте!” – диэбит. “Түүннэри күүлэйдиир дьон эбиккит, мин сарсын Муомаҕа көтөөрү пааспарбын үлэбэр умнубуппун ылан иһэбин”, — диэн анараа киһи көһүппэтэх өттүлэриттэн кэпсэтээччи буолбут. Күлэ-үөрэ кэпсэтэ турбут кыргыттар-уолаттар саҥаларыттан матан хаалбыттар. Дьүөгэбин доҕотторо “улаханнык дежавюлуур эбиккин”, “өтө көрдүҥ дуо? Көрбүөччүгүн быһыылаах” диэн үүйэ-хаайа туппуттар.
Буола турары ымпыгар-чымпыгар диэри онорон көрөр буоллахха, кырдьык, өтө көрөр да диэххэ сөп курдук буолан тахсар. Крис Мулин бу көстүүнү өйбүт биһиэхэ көмөлөһөн, инникини өтө көрөр дьоҕурдуур диэн быһаарбыт. “Оннук кэмҥэ, ардыгар мэйии күүскэ уонна түргэнник үлэлиир. Киһи өйө-санаата инники буолары өтө көрөн, сыыһаны оҥорортон көмөлөһүөн сөп. Онон маннык түгэннэртэн куттанымаҥ”, — диэн чинчийээччи этэр.
ДЬЫЛҔА СӨПТӨӨХ СУОЛА
Оҕо сылдьаммын “бу хатыламмыт түгэн буолла ээ” диэммин, олус элбэхтэ соһуйарым. Оскуолаҕа эксээмэн туттара сылдьарбын, онно учууталлар кэккэлэһэн олороллорун, дуоскаҕа туох суруллубутун, инники паартаҕа кимнээх олороллорун, ону ааһан саамай үөрэппит 12-с билиэтим миэхэ түбэһэрин “дежавюлаабыппын” өйдүүбүн. Оҕо санаабар, урукку олохпор эмиэ бу сиргэ төрөөбүт, манна үөрэммит буоллаҕым дуу диэн сонньуйбутум. Ону кэлин биир саастаах чугас аймахпар кэпсээбиппэр: “Куттаныма, ол аата олоҕуҥ суола сөпкө баран иһэр эбит. Айыыһыттарыҥ эйигин араҥаччылыы сылдьаллар”, — диэн уоскуппута. Онтон кэлин толкуйдаан көрбүтүм, кырдьык, киһи олоҕо эрдэттэн суруллубут, дьылҕа диэн баар дииллэр. Дьылҕаҕа суруллубут суолунан айаннаан иһэр буолан, ол сөпкө түбэсиһэн хаһааҥҥы эрэ хос хатыланар быһыылаах.
УЧУОНАЙДАР ҮӨРЭТИИЛЭРЭ
“Дежавю” диэн тиэрмини аан бастаан 1876 сыллаахха Франция психолога, бөлүһүөгэ Эмиль Буарак “Revue Philosophique” диэн билим сурунаалыгар туттубут. Өр кэм устата, учуонайдар ылса иликтэринэ, дьон бу көстүүнү паранормальнай көстүү диэн саныы сылдьыбыт эбит. Учуонайдар “дежавю” киһи өйө, ньиэрбэ систиэмэтэ ыһыллыытын түмүгэр көстүөн сөп диэн сабаҕалыыллар. Олус элбэҕи билэр-көрөр, онно-манна сылдьыбыт, элбэх билэр дьонноох киһи мэйиитэ уруккутун-хойуккутун булкуйуон сөп диэн билгэлээһин эмиэ баар. Бу курдук, “дежавю” науканан билиҥҥэ диэри сатаан быһаарыллыбатах, ситэ үөрэтиллибэтэх.
Манна диэн суруйдахха, бу көстүүнү аан дойду 60-80% дьоно көрөр эбит. Аны кыра оҕо улахан дьоннооҕор “дежавюлуур” диэн үөрэхтээхтэр быһаарбыттар. Ыччат дьон ыйга биирдэ, 40-50 саастаахтар икки-үс ыйга биирдэ, оттон аҕам саастаахтар сылга биирдэ көрөр буолаллар эбит. Дьэ, дьикти!