Бу күннэргэ сорох сиринэн 25 кыраадыска диэри итийиэҕэ

20.05.2022
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи гидрометкиин билгэлээһининэн, ыам ыйын 20 күнүгэр  арҕаа, соҕуруу уонна киин улуустарга сорох сиринэн кыралаан ардыаҕа.

Соҕуруу  этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ   15-18 миэтэрэ түргэннээх тыалырыа.   Температура түүн  0+5°, арҕаа, соҕуруу  +3+8°, хотугулуу-илин -3-8°, күнүс +13+18°,  хотугулуу-илин  +7+12°, Арктика оройуоннарыгар  +3+8.

Ыам ыйын  21-22 күннэригэр  соҕуруу, соҕуруулуу-илин, Халыма-Индигир оройуоннарыгар күнүс итиэннэ өрөспүүбүлүкэ киин өттүгэр быстах ардах түһүөҕэ. Ыам ыйын 22  күнүгэр арҕаа оройуоннарга кыралаан ардыаҕа, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүө. Температура  түүн 0,+5°, соҕуруулуу-арҕаа  +5+10°, хоту, хотугулуу-арҕаа  -2,+3°, күнүс +13+18°, соҕуруулуу-арҕаа, арҕаа  +20+25°, хоту  +7+12° буолара сабаҕаланар.

edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0