Бу күннэргэ 70 оҕо «Океан» лааҕырга бараллара күүтүллэр

Бөлөххө киир:
Бүгүҥҥү туругунан ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит Бэс Күөлүн оҕолоро Краснодарскай кыраайга «Орленок» лааҕырга сынньана сылдьаллар.

«РФ Үөрэҕин министиэристибэтэ биһиэхэ утары баран,  өссө атын нэһилиэнньэлээх пууннар оҕолоро эмиэ оҕо лааҕырдарыгар барар кыахтаннылар. Биһиги сайыны быһа буруо быыһыгар олордубут, онон Бэс Күөлүн уонна да  атын нэһилиэктэр оҕолоро, уопсайа 196 оҕо сынньалаҥ лааҕырдарыгар барыахтара» — диэн вице-премьер Сергей Местников СИА-ҕа иһитиннэрдэ.

Сергей Местников атырдьах ыйын 20 күнүгэр   «Океан» лааҕырга 70 оҕо барыахтааҕын туһунан кэпсээтэ.

Оҕолору улахан дьон арыаллыаҕа. 70 оҕоттон 19-һа Бэс Күөлүн оҕолоро. Маны таһынан «Артек» лааҕырга 56 оҕо айанныыра күүтүллэр. Оттон  балаҕан ыйын 1 күнүгэр 70 оҕо эбии  «Орленок» лааҕырга барыахтара диэн СИА суруйар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0