Бүгүн — Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүктэмитэ 74 сыла. Манна саха саллааттара дьоруойдуу быһыыны көрдөрбүттэрэ.
Сталинград аннынааҕы кыргыһыы Аҕа дойду Улуу сэриитин историятыгар биир ойуччу миэстэни ылар. 1942 сыл от ыйыттан 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр диэри салҕанан барбыт икки өттүттэн улахан хаан тохтуулаах сэймэктэһиинэн аан дойду иккис сэриитигэр тосту уларыйыы ситиһиллибитэ, уодаһыннаах өстөөх хотторор аатыгар барбыта. Аҕа көлүөнэ Сталинград аннынааҕы кыргыһыыга дьоруойдуу быһыытын үйэтитэн дойдуга олунньу 2-гэр Арассыыйа Бойобуой албан аатын күнэ бэлиэтэнэр.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Историктар Сталинград иһин сэриилэһиигэ өрүттэр, быһа холоон, икки мөлүйүөнтэн тахса киһи сүтүктэммиттэрэ диэн суруйаллар. Ньиэмэс фашистарын уонна кинилэр союзниктарын сэбилэниилээх күүстэрэ Сталинградтааҕы кыргыһыы кэнниттэн чөллөрүгэр түспэттии улаханнык алларыйбыта, санаалара самныбыта. Билиэҥҥэ түбэспит ньиэмэс саллааттара “Сталинград” диэн тылы иһиттэхтэринэ, кутталларыттан уҥуохтара халыр босхо барара диэн сэрии бэтэрээннэрэ ахталлара. Мантан, улуу Волга биэрэгиттэн, сэбиэскэй сэриилэр кимэн киириилэрэ саҕаламмыта, аан дойду иккис сэриитигэр тосту уларыйыы буолбута. Салгыы Кыһыл Аармыйа дойду арҕаа өттүн, Украинаны, Белоруссияны, Европа илиҥҥи дойдуларын босхолоон, өстөөҕү арҕаҕар ситэн тиийэн үлтүрүппүтэ.
Сталинградтааҕы кыргыһыыга уонтан тахса тыһыынча Саха сирин олохтооҕо кыттыбыта биллэр. Кинилэртэн үгүстэрэ өстөөх сэриитин куорат анныгар иилии ылыыга уонна суох оҥорууга кыттыыларын иһин И.Сталин махталынан, “Сталинград оборонатын иһин” мэтээлинэн бэлиэтэммиттэрэ. Үрдүк бойобуой уордьаннарынан наҕараадаламмыттар ортолоругар лейтенант В.М. Попов, связист П.И. Богданов, старшай лейтенант Е.А.Азаров, артиллеристар Г.Е. Павлов, М.М. Корниенко, уо.д.а бааллара.
Сорохтор наҕараадаларын кэлин туппуттара. 1944 сыллаахха Саха АССР байыаннай комиссариата бааһыран уонна араас төрүөтүнэн наҕараадаларын ылбакка хаалбыт 101 Сталинградтааҕы кыргыһыы кыттыылааҕын, онтон кэлин эбии 20 киһини, наҕараадаҕа түһэрэр туһунан көрдөһүү түһэрбитэ. Саха сирин буойуннара дьоруойдуу быһыылара дьоһуннук бэлиэтэммитэ.
Биир дойдулаахпыт, артиллерист Гаврил Протодьяконов Сталинградтааҕы кыргыһыыга дьоруойдуу быһыытын Сэбиэскэй Сойуус Маршала, Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх Дьоруойа Василий Чуйков илэ хараҕынан көрбүтэ. Ол туһунан кини «От Сталинграда до Берлина» кинигэтигэр бэлиэтээн хаалларбыта.
Онно, маршал снайпер-артиллерист Протодьяконовы умнубаппын диэн суруйар. Кинини ыҥыран ылан блиндажка сэһэргэспитим, омугунан саха, үрдүк уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах. Мамаев булгунньаҕын хотугу халдьаайытыгар, хотоол сиргэ өстөөх уонна биһиги траншеябыт ыккардыгар 45 мм бууска расчетуттан соҕотох хаалбыта. Кини олус үчүгэйдик кистэнэн сыппыта. Өстөөхтөр хантан ытан тааҥкаларын уматалларын, алдьаталларын өргө диэри быһаарбакка булумахтаспыттара. Кэлин, ытар сирин билэн баран, буускаларынан күргүөмнээх уоту аспыттара. Онно саха хорсунун буускатын сыалы кыҥыыр тэрилэ адьаммыта, саллаат бэйэтэ туох да буолбатаҕа. Маршал Василий Чуйков Протодьяконовы кытта хаттаан Мамаев булгунньаҕар 1972 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр көрсүбүттэрин истиҥник ахтар.
Василий Иванович кинигэтигэр ойуулаабыт күннэригэр Протодьяконов ньиэмэс хаста да тааҥкатын, тоҕус бүлүмүөтүнэн ытар сирин, түөрт блиндаһын суох оҥорбута.
Гаврил Дмитиревич сулууспалаабыт 172-с гвардейскай полката Сталинградтааҕы кыргыһыы кэмигэр өстөөх 700 уот аһар точкатын, 27 артиллерия, 32 миномет батареятын, 24 тааҥкатын, 140 массыынатын, 5 000 саллаатын, эпиһиэрин үлтүрүппүтэ, сууһарбыта.
Кэлин Гаврил Протодьяконов 76 мм орудие хамандыырынан буолбута. Сэриини Берлиҥҥэ түмүктээбитэ.
Артиллерист-саха мөссүөнэ Волгоград куоракка Сталинградтааҕы кыргыһыы панорама-түмэлигэр үйэтитиллибитэ. Оттон кини буулдьаттан, снарядтан 25 хомуллуулаах бууската Москваҕа ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин Киин түмэлигэр туруоруллубута.
Гаврил Дмитриевич барельеф-мэтириэтин Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар көрүөххэ сөп.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэбиэскэй буойуннар хорсун быһыыларын үүнэр көлүөнэ умнубат.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru