Суруйааччы аатын үйэтитэр, үөрэнээччилэри уонна педагогтары чинчийэр үлэҕэ көҕүлүүр сыаллаах “Бродников ааҕыылара” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция олунньу 28 күнүгэр Чурапчы улууһун Төлөй орто оскуолатыгар бэрт ситиһиилээхтик ыытыллыбыта, киэһэ хойут түмүктэммитэ. НПК-ҕа Чурапчы, Амма, Уус Алдан, Таатта улуустарын уонна Дьокуускай куорат 20 оскуолаларыттан уопсайа 194 үөрэнээччи кыттыбыта.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Уопсайа сэттэ секция үлэлээбитэ. “Конкурс чтецов” – хоһоон ааҕааччылар күрэхтэрэ болҕомтону тардыан тарта. Холобур, Уус Алдантан Саха-Бельгийскэй гимназия уолаттара олус бэркэ бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ тута харахха быраҕыллар. Кинилэр буойун-поэт Алексей Бродников “Атаака”, “Саллаат түүлэ” уонна “Чурапчылар” хоһооннорун чаҕылхайдык толордулар. Оттон Чурапчы оскуолаларын оҕолоро, улууска былырыын Мусуой сыла, быйыл История сыла биллэриллэн, чинчийэр үлэҕэ күүскэ ылсыбыттара эмиэ тута биллэр. Тиэмэлэрэ да араас, бэлэмнэрэ да үчүгэй.
Ол курдук, секцияларынан I миэстэҕэ таҕыстылар: “Нуучча, саха филологията уонна лингвистика” секцияҕа – Федот Мосоркин, Таатта лицейин 10 кыл., (сал. Л.С.Баланова), “Уопсастыбаннай-социальнай, экэнэмиичэскэй наукалар” – Анита Михайлова, Чурапчы улууһун Төлөй орто оскуолатын 7 кыл., (Т.А.Адамова), “Тыа хаһаайыстыбатын наукалара” – Дарина Хоютанова, Төлөй оскуолатын 10 кыл., (Т.А.Адамова), “Историко-этнографическай наукалар” – Эльвира Сокольникова, Чурапчы улууһун Болтоҥо орто оскуолатын 10 кыл., (М.Н.Рожина), Грамота — Айта Дьячковская, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 10 кыл. (индивид., кэтэхтэн, Е.Ф.Феоктистова, М.Д.Габышева) , “Педагог айар палитрата” – Акулина Николаевна Кузьмина, Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интернат, саха тылын, литературатын учуутала, “Хоһоон ааҕааччылар куонкурустара” – биирдиилээн ааҕыыга Ангелина Михайлова, Төлөй оскуолатын 7 кыл., (Е.Е.Попова), кэлэктиибинэн ааҕыыга – Уус Алдан улууһун Саха-Бельгийскэй гимназиятын уолаттара. Оттон Федя Борисов хоһоону биирдиилээн толорууга II, Алгыс Петухов III миэстэ буоллулар. Чурапчы Болтоҥотуттан Лия Ксенофонтова эмиэ II, Амма улууһун Соморсонуттан Афоня Ноев III буоллулар. Саха-Бельгийскэй гимназия үөрэнээччилэрэ секцияларга эмиэ көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, Сергей Нафанаилов, 11 кылаас (сал. М.П.Пухов) “Нуучча, саха филологията уонна лингвистика” секцияҕа II миэстэни ылла.
“А.С.Бродников – буойун, поэт, учуутал” – лауреат Александрина Бурнашева, Чурапчы улууһун Мугудай орто оскуолатын 10 кыл., (А.Ф.Ноговицына), I диплом – Юлия Попова, Чурапчы, Төлөй орто оскуолатын 7 кыл., (сал. М.И.Аммосова), II – Вика Сивцева, Чурапчы, Арыылаах орто оскуолатын 5 кыл., (Н.Г.Сивцева), Валерия Григорьева – Төлөй оскуолатын 7 кыл, (Е.Е.Попова), III – Айина Нестерева, Сардаана Захарова, Төлөй оскуолатын 10 кыл., (А.С.Говорова), Каролина Борисова, 6 кыл., Анита Михайлова, 7 кыл., Төлөй оскуолата (В.Н.Абрамова).
“Алексей Бродников олоҕун сэттэ кустуга” дакылаатынан (араас матырыйаалтан таҥан оҥорбут кинигэлэр, аныгылыы электроннай оонньуулар) лауреат үрдүк аатын ылбыт Александрина Бурнашева дипломунан уонна Саргылаана Алексеевна Бродниковаттан анал бирииһинэн – планшетнай компьютерынан наҕараадаланна.
Кыайыылаахтар дипломунан, суруйааччы кыыһыттан Саргылаана Бродниковаттан энциклопедияларынан наҕараадаланнылар, бастыҥ ааҕааччылар Дьокуускай 2N-дээх оскуолатын анал бириистэрин, ситиһиилээхтэр грамота, “Бичик” кыһа кинигэлэрин, итиэннэ кыттааччылар бары сертификат туттулар.
Оҕолор бу күн саха чулуу суруйааччыларыныын алтыһыылара, кинилэр ыллыктаах этиилэрин истиилэрэ, сэһэргэһиилэрэ олохторугар суолу-ииһи хаалларар биир саамай умнуллубат түгэнинэн буолуоҕа.
Татьяна Маркова, Нинель Бродникова уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.