Брежневы өлөрөргө үс төгүл холонуу

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

1969 сыл тохсунньу 22 күнүгэр ССРС Киин телевидениетэ ССКП Киин Кэмитиэтин генеральнай сэкирэтээрэ Леонид Брежнев Кремльгэ “Союз-4”, “Союз-5”  космическай хараабыллар экипажтарын — Береговойу, Леоновы, Николаевы уонна Николаева-Терешкованы — кытта көрсүһүүтүн быһа эфиринэн биэрбитэ. Массыыналар уһун субурҕалара Кремльгэ чугаһаан эрдэҕинэ биэриини эмискэ быһан кэбиспиттэрэ. Көрөөччүлэр туох буолбутун өйдөөбөккө да хаалбыттара. Кэлин, сир-буор аннынан космонавтары ыппыттар үһү диэн сымыйата-кырдьыга биллибэт усках тарҕаммыта. Бу түбэлтэни саастаах дьон өйдүүр буолуохтаахтар.

 

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

 

Бу быһылаан туһунан чахчылар кэлин, сүүрбэччэ сыл буолан баран, уларыта тутуу саҕана, киэҥ истиигэ тахсыбыттара. Онно биллибитинэн, Сэбиэскэй Аармыйа эпиһиэрэ Виктор Ильин ССКП КК баһылыгын өлөрөр сыаллаах байыаннай чааһыттан иитиилээх икки бэстилиэти уорбут, милиция үлэһитин форматын кэтэн, биллибэтинэн сыаптаан турааччылар быыстарыгар киирбит. Кини Брежнев манан айаннаан иһэрэ буолуо диэн, иккис иһэр массыынаны икки бэстилиэтинэн тэҥҥэ ытыалаабыт. Кортеһы арыаллааччы мотоциклист кинини түҥнэри көтүөр диэри аҕыста ыппыт. Сонно тута судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун үлэһиттэрэ кинини туппуттар.

Кэлин баартыйа баһылыгын өлөрөргө холонууну КГБ эрдэттэн билбитэ, ол эрээри Брежнев иннигэр үчүгэй өттүнэн көстөөрү, итиэннэ бэйэтин сабыдыалын күүһүрдээри тохтоппотоҕо, арай генеральнай сэкирэтээр массыынатын холуонна кэннигэр туруорбута диэн санаа күөрэйэ сылдьыбыта.

1948 сыллаах төрүөх, Сэбиэскэй Аармыйа младшай лейтенана Виктор Ильины суут иирээкинэн аахпыта. Кини сүүрбэччэ сыл устата психиатрическай балыыһаҕа сыппыта. Ильин бэйэтэ Брежневы өлөрдөҕүнэ дойдуга демократическай уларыйыылар буолуохтара диэн санаалааҕа үһү. Дьиктитэ баар, өлөрүүгэ холонооччуну сулууспатыттан босхолооботохтор: сүүрбэччэ сыл балыыһаҕа эмтэнэ сыппытынан аахпыттар. Сураҕа, кэлиҥҥээҥҥэ диэри Санкт-Петербурга куоракка олорбута, өр үлэлээбитин иһин биэнсийэ ылара үһү.

Ити кэннэ ССРС-ка Леонид Ильич олоҕор ким да суудайбатаҕа диэн буолар. Арай омук сирдэригэр сырыытыгар – 1977 сыллаахха, Францияҕа, Париж куоракка итиэннэ 1978 сыллаахха ГФР-гар, Аугустбурга – өлөрүүгэ сорунуу тэриллэрин КГБ эрдэттэн билэн, быһылаан тахсыытын туораппыта үһү.

“Арай Трампы өлөрдөхтөрүнэ…”

CNN хампаанньа экспертэрэ иллэрээ күн буолбут АХШ 45-с бэрэсидьиэнэ дуоһунаһыгар киириитин кэмигэр Дональд Трампы өлөрдөхтөхтөрүнэ, дойду баһылыгын боломуочуйатын ким толоруой диэн ыйытыгы бэринэн, онно хоруйдуу сатаабыттара… Дьэ диэтэҕиҥ.

Ол эрээри, история быыһын сэгэттэххэ, чуо Холбоһуктаах Штаттар 1865 сыллаахха бэрэсидьиэн Авраам Линкольны ытан өлөрүүттэн судаарыстыбалар баһылыктарын туоратыы испииһэгин арыйбыттара. Манна диэн эттэххэ, американецтар былыр-былыргыттан баһылыктарын ытан өлөрөргө үөрүйэх дьон. Ол курдук, 1881 сыллаахха Джеймс Абрам Гарфилды, үрдүк солоҕо киирбитэ үһүс ыйыгар, көхсүгэ ытан бааһырдыбыттара. Сүүрбэ сыл буолан баран, АХШ 25-с бэрэсидьиэнэ Уильям Мак-Кинли ылбыт бааһырыытыттан өлбүтэ. 1963 сыллаахха Джон Кеннедини Даллас куоракка сырыытын кэмигэр ытан кэбиспиттэрэ. Билиҥҥээҥҥэ диэри дьиҥнээх өлөрүөхсүт ким буолара биллэ илик диэн буолар.

Де Голль, хата, күлэрэ үһү

Франция номоххо киирбит баһылыга Шарль де Голлу бэрэсидьиэннээбит уон сылын устата 32 (!) өлөрөргө холоммуттара биллэр. Олортон биирдэстэригэр эрэ кини өстүөкүлэ тааһыттан халымыр бааһырыыны ылбыт. Кэлин де Голль: “Норуот сөбүлээбэт бэрэсидьиэнин ыппаттар”, — диэн оонньуу-күлэ этэрэ үһү.

Оттон Куба урукку баһылыга Фидель Кастроны 638 төгүл өлөрө сатаабыттара. Бу көрдөрүүтүнэн кини Гиннесс рекордун кинигэтигэр киллэриллибитэ.

Ол эрээри, атын дойдулар үгүс баһылыктарын дьылҕатыгар итинник дьол тосхойботоҕо. Биллэр-биллэллэрин аахтахха, 1950 сыллаахха өлөрүөхсүт илиититтэн Венесуэла бэрэсидьиэнэ Карлос Дельгадо Чальбо тыына быстыбыта. 1981 сыллаахха Бангладеш бэрэсидьиэнэ Зиаур Рахман өлөрүллүбүтэ. 1992 сыллаахха Алжир баһылыга Мохаммед Будиаф бэйэтин харабылдьытын илиититтэн суорума суолламмыта.

Корея Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Пак Чон Хи олоҕор хаста да суудайа сылдьыбыттара биллэр. 1979 сыллаахха кинини Корея Өрөспүүбүлүкэтин разведкаҕа киин управлениетын дириэктэрэ Ким Джэ Гю ытан өлөрбүтэ. 1981 сыллаахха Египет бэрэсидьиэнэ Мухаммад Анвар ac-Садат байыаннай парад кэмигэр ытыллыбыта. Ытыалаһыы кэмигэр алта киһи өлбүтэ, 28 киһи бааһырбыта. 1963 сыллаахха Тоголез Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Силванус Эпифанио Олимпионы бэйэтин эпиһиэрдэрэ өлөрбүттэрэ.

Төбөлөрүнэн моһуогурааччылар дьарыктара

ССРС бэрэсидьиэнин куттал суох буолуутугар сулууспатын үлэһитэ Вячеслав Колесников бигэргэтэринэн, судаарыстыба баһылыгын олоҕор суудайыыга холонооччулар 90 бырыһыаннара өйдөрүнэн моһуогурааччылар үһү. Кинилэр эрдэттэн туох да улахан бэлэмнэниитэ, былаана суох, хаарты хараҕа хайдах түһэринэн диэбиттии, дьаһаналларынан, үксүгэр анал сулууспа хараҕын далыгар киирбэттэр эбит. Акаарыларга бары барыта табыллар диэбит курдук. Ол курдук, 1981 сыллаахха 18 саастаах өйүнэн ыалдьар Джон Хинкли “Хилтон” отель таһыгар АХШ бэрэсидьиэнин Рональд Рейганы алтата ытан бааһырдыбыта. Бу төһө эмэ анал сулууспалар сүүһүнэн үлэһиттэрэ чугас эргини барытын кэтээн-манаан, иилии эргийэн туралларын, дьиэлэр үрдүлэригэр снайпердар олорбуттарын үрдүнэн! 1995 сыллаахха Израиль премьер-миниистирэ Ицхак Рабин 27 саастаах Игаль Амир илиититтэн тыына быстыбыта. Кэлин өлөрүөхсүтү эмиэ өйө хамсаабыт диэн быһаарбыттара. Арабтартан эрэ куттал суоһурунуу үөрүйэхтээх Рабин харабылдьыттара дьэбириэй дьэбириэйи ытыа диэн түһээн да баттаппатах буолуохтаахтар.

Ярузельскай: “Туох буолуоҕун тымтыктанан көрбүт суох”

— Маннык быһыыланыыны эрдэттэн тымтыктанан көрбүт суох, — диир Польша урукку бэрэсидьиэнэ Войцех Ярузельскай уонна 1995 сыллаахха Вроцлавка, кинигэтин билиһиннэрии кэмигэр, биир киһи тирээн туран кэриэтэ ыарахан тааһынан кинини сирэйгэ бырахпытын, онно ылбыт эчэйиититтэн сыҥааҕын уҥуоҕа тимиринэн туттарылла сылдьарын холобур аҕалбытын интернеккэ суруйбуттар.

Таптал туохха-туохха тиэрпэтэҕэй

Афганистан бэрэсидьиэнэ Наджибулланы тус харабылдьыттара снайпертан, дэлби тэбэр эттиктээх массыынаттан, аһыгар ууруллубут дьааттан быыһаан тураллар. Арай өйүнэн ыалдьар дьахтар быһаҕыттан өрүһүйбэтэхтэрэ. Ити 1987 сыллаахха этэ. Дьолго, бэнсээгин эрэ быһа соппута, этин дьуккуруппута. Кэлин биллибитинэн, бу дьахтар Наджибулланы таптыыра үһү, онон кимиэхэ да тиксибэтин диэн кинини өлөрөргө санаммыт.

1991 сыллаахха Индия премьер-миниистирэ Раджив Гандины террорист дьахтар бэйэтин кытта дэлби тэптэрбитэ. Манна эмиэ хардата суох таптал төрүөт буолбута буолуо диэн сэрэйэллэр.

ССРС баһылыктарын олоҕор суудайыы

Бары билэрбит курдук, Фанни Каплан 1918 сыл атырдьах ыйыгар бассабыыктар сирдьиттэрэ Владимир Ленины үстэ ытан бааһырдыбыта. Бу иннинэ, тохсунньуга, Петроградка Ленин массыынатын ытыалаабыттара. Саагыбарга уон икки киһи кыттыбыта диэн буолар.

Иосиф Сталины эмиэ хаста да өлөрөргө холоммуттара биллэр: 1933 уонна 1935 сыллардаахха Грузияҕа уонна 1939 сыллаахха Москваҕа. 1942—1944 сыллардаахха фашист диверсаннара Сталины анаан-минээн бултаһа сатаабыттарын туһунан докумуоннар кэпсииллэр.

1956 уонна 1960 сыллардаахха ССРС баһылыга Никита Хрущев тыыныгар турарга икки улахан холонуу оҥоһуллубута. Ол эрээри кэмигэр бохсуллубуттара.

Оттон Леонид Брежневы суох оҥорууга сорунуу туһунан ыстатыйам иннигэр кэпсээн турабын.

1983 сыллаахха Москваҕа ССРС ИДьМ урукку миниистирэ Николай Щелоков ойоҕо Светлана ССКП КК генеральнай сэкирэтээрин Юрий Андропову ытан бааһырпыта, уонна, сорунуута табыллыбатаҕын көрөн, бэйэтин ытыммыта диэн буолар. Андропов эһиилигэр ыалдьан өлбүтэ.


1990 сыл сэтинньи 7 күнүгэр Ленинград олохтооҕо Шмонов Кыһыл болуоссакка ССРС бэрэсидьиэнин Михаил Горбачеву сарбыдах саанан ытаары сорунуутун милиция үлэһиттэрэ бохсубуттара. Атыттар бигэргэтэллэринэн, Шмонов иккитэ ытан кими да таппатах. Кэлин ити түбэлтэни Горбачев анал сулууспалар уонна КГБ “биир актаах испэктээктэринэн” ааттаабыта, итинэн кинилэр дойду баһылыгын куттаары соруммуттара диэбитэ. Бу кэнниттэн Горбачеву иккитэ охсубуттара биллэр — 1996 сыллаахха Омскайга Мальков диэн киһи Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр хандьыдаат буолан тиийбитигэр сүнньүгэ биэрбитэ, бу иннинэ Воронова диэн дьахтар Михаил Сергеевиһы сибэкки букетынан маҕайа түһэн баран оройго сырбаппыта.

Борис Ельцин быһаарбытынан…

1989 сыл балаҕан ыйыгар Борис Ельцины Москва өрүскэ бырахпыттар диэн айдаан буола сылдьыбыттааҕа. Бэл, ити боппуруоһу ССРС Үрдүкү Сэбиэтин мунньаҕар анаан-минээн көрбүттэрэ, Киин телевидение анал биэрии бэлэмнээбитэ, бэчээккэ киэҥник сырдатыллыбыта. Ол эрээри ити түбэлтэ туох да түмүгэ суох хаалбыта, буруйдаахтары көрдүү да барбатахтара бадахтаах…  Ельцин оччотооҕу харабыла Коржаков бэйэтин «Борис Ельцин: от рассвета до заката» диэн кинигэтигэр Ельцины тутан сыгынньахтаан, төбөтүгэр куул кэтэрдэн, баайан баран, ууга бырахпыттарын саарбахтаан турар. Муоста үрдүгэ 6 миэтэрэ эбит. Уу чычаас эбит — 1 миэтэрэҕэ тиийэр-тиийбэт үһү.

1993 сыллаахха бэрэсидьиэн харабылын сулууспатын үлэһиттэрэ бырабыыталыстыба дьиэтин хоруобуйатыттан Кислов диэн киһини булан туппуттара. Онно кини Ельцины быһаҕынан анньаары саһан олорбутум диэн билиммитэ үһү. Ол кэмҥэ Ельцин Индияҕа сылдьара…

 

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0