Бравл старс дуу, майнкрафт дуу? Гаджет оонньууларын сабыдыала
Көмпүйүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ уһуннук олорор буортутун, доруобуйаҕа охсуутун туһунан дакаастаммыта балайда буолла. Ол эрээри билиҥҥи гаджет үйэтигэр төлөпүөн, көмпүйүүтэр оонньуурга, аралдьыйарга эрэ буолбакка — үөрэнэргэ, үлэлииргэ быһаччы наадалаах тэрилгэ кубулуйда.
Хааччахтанан дьиэҕэ олоруу кэмигэр, ситиминэн оонньонор оонньуулар ордук күүһүрдүлэр.
Оҕолор ордук ханнык оонньуулары оонньуулларый?
Майнкрафт – англия тылыттан “шахта, сиртэн хостооһун” уонна “ремесло» -«бэйэ оҥорон таһаарыыта” диэн тыллартан турар. 2009 сылга оҥоһуллан баран, 2011 с. аан дойдуга киэҥник тарҕаммыта. Бу оонньуу куубтары сааһылаан дьиэни-уоту тутуу. Оонньуу икки көрүҥнээх: бастакыта — тыыннаах хаалар иһин толкуйу тобулар оонньуу. Туга да суох турар бэйэҥ сир баайын хостоон, ону туһаҕа таһааран, бултаан аһаан-таҥнан, мас кэрдэн дьиэ туттан, хаһаайыстыба тэринэн тыыннаах хаалар, дохуокка тахсар — оонньооччу сүрүн сыала. Иккис көрүҥэ — айар оонньуу, онно бэлэм баар матырыйаалынан дьиэ туттан, дьиэ ис бараанын оҥорон таһаарыахтааххын. «Роблокс» — эмиэ маныаха маарынныыр оонньуу. Өйдөтөн эттэххэ, ыаллаах оонньуурга майгынныыр оруолунан оонньуу.
«Бравл Старс» – ордук оскуолаҕа киирэ илик оҕолорго уонна алын кылаастар үөрэнээччилэрин ортотугар киэҥник тарҕаммыт оонньуу эбит. Хас даҕаны оонньуу киирэр. Футбол, харсыһыы – сэрии, роборубка – роботы көмөлөөн сэриилээһин, тааһы хомуйуу, сулуһу былдьаһыы о.д.а оонньуулар киирэллэр. Киһи болҕомтотун тардар бииртэн биир персонажтар сотору-сотору тахсан иһэллэрэ оонньууга интэриэһи күүһүрдэр.
Mobile Legends – эмиэ хамаанданан оонньонор орто улахан кылаастарга тарҕаммыт оонньуу. Эмиэ ситиминэн киирэн икки хамаандаҕа арахсан бэйэ бэйэни кытары охсуһуу. «Дота» диэн оонньууга майгынныыр.
“Стэндофф” уонна “ПАБГ”
Инники оонньуулартан уратылара диэн бу — ытыалаһыылаах оонньуулар. Бэйэ бэйэлэригэр күүскэ майгыннаһаллар. Оонньооччу дьиҥнээх сэриигэ сылдьар курдук сюжеттаах буолар. Өстөөхтөрүн өлөртөөн, сэрии сэбин бэйэтэ булунан, тыыннаах хаалыахтаах.
Бу оонньууларга дьоруойу күүһүрдэр наадаттан — дьиҥнээх харчыга кристаллары, сэрии сэбин о.д.а. тэриллэри атыылаһыахха наада. Ол сыаната быһа холоон 15 солкуобайтан саҕалаан 7999 солкуобайга диэри буолар.
Оҕолор гаджекка хас саастарыттан оонньуулларын, ханнык оонньууну ордороллорун билээри төрөппүттэртэн ыйытыкка эппиэттииллэригэр көрдөстүм.
Александра, алта саастаах Аман ийэтэ:
-Үһүн ааһан баран төлөпүөҥҥэ мульткиинэлэри көрөр этэ, алта сааһыттан Майнкрафт оонньуур, ону-маны тута үөрэнэр. Үксүн ютубу көрөр.
Светлана, алта саастаах Лара ийэтэ:
— Оҕом олох кыра ыйыттан төлөпүөнү сэргиир этэ. Түөрт сааһыгар бас билэр төлөпүөннэммитэ. Майнкрафт, Тока Бока, Роблокс о.д.а. оонньуулары сэргээн оонньуур. Барыта оҕо бэйэтэ оҥорон, айан таһаарар, дьиэ тутар, аһатар-сиэтэр, паркур оонньуулар. Социальнай ситимнэргэ “Тик-ток”, “Инстаграм”, “Ватсап” сыһыарыылары уонна ютуб каналларын сэргиир.
Елена, икки оҕо ийэтэ:
— Икки оҕолоохпун кыыһым 12, уолум 10 саастаахтар. Кэргэммин кытары күнү быһа үлэбитигэр сылдьар буолан оҕолор төлөпүөҥҥэ оонньуулларын хонтуруоллаабаппыт. Ситим нөҥүө доҕотторун кытары кэпсэтэ-кэпсэтэ туох эрэ ытыалаһыылаах оонньуутун оонньууллар. Уолум кыратыгар “Майнкрафт” диэн оонньууну сөбүлүүрэ, билигин “Brawl Stars” диэн оонньууну оонньуур. Кыайтаран баран кыыһырыы бөҕө буолар. Соттордоххо син биир хачайдаан оонньуу сылдьар буолар. Кыыһым үксүн “Инстаграм”,”Тик-ток” социальнай ситимнэргэ олорор.
Туйаара, 13 саастаах Мичил ийэтэ
— Уолум “DOTA”, “PUBG” оонньуулары оонньуур. Күнү быһа ытыалаһан тахсар. “Өллүҥ”, “Өлөрдүлэр”, “Өллүм” диэн хаһыы-ыһыы, үөхсүү бөҕө буолар. Аттыгар дьоно баалларыгар даҕаны кыһаммат, эмоция буолар.
Ирина, аҕыстаах Дьулус ийэтэ
— Оҕом биэс сааһыттан төлөпүөҥҥэ оонньуур. “Роблокс” диэн оонньууну сөбүлүүр. Ол иһигэр элбэх бытархай оонньуулар бааллар. Ону сэргээн оонньуур. Социальнай ситимнэри туһаммат.
Ити курдук кыра оҕолорго “Роблокс”, “Майнкрафт”, “Тока Бока”, “Brawl Stars” о.д.а оҕо сүрэҕин сүүйэр, болҕомтотун тардар оонньуулар ордук киэҥник тарҕаммыттар эбит. Оттон улаатан эрэр саастаах оҕолорго “Мobile Legends”, “DOTA”, “Standoff”, “PUBG”, “Fortnite” диэн оонньуулары оонньууллар. Дьэ бу оонньуулар оҕоҕо туох буортулаах, улааттаҕына хайдах сабыдыаллаах буолуохтарын анал идэлээх исписэлиис Варвара Шамуратова быһаарарыгар көрдөстүм.
Варвара Шамуратова – уйулҕаһыт, оҕо саҥатын эрдэтээҥҥи сайдыытын исписэлииһэ:
— Оҕо төлөпүөҥҥэ, көмпүйүүтэргэ оонньуура бириэмэнэн аттарыллыбыт, хонтуруоллаах буолуохтаах. Ол эбэтэр “Майнкрафт” уонна да атын үөһэ ааттаммыт оонньуулар оҕо, сөптөөхтүк туһаннаҕына, болҕомтотун, толкуйун сайыннараллар. Ол эрээри оҕо ханнык баҕарар көмпүйүүтэр, төлөпүөн оонньуутугар уһуннук олорор буоллаҕына, биллэн турар онтон туох даҕаны үчүгэй тахсыбат.
Туох хайа иннинэ, оҕо саҥа сайдан, ылынар буолан эрэр билэр-көрөр уорганнара барыта араас оонньуу 3Д эффектэргэ үөрэнэн хаалаллар. Ол аата хойуу дьэрэкээн ойуулары көрө үөрэммит оҕо оскуолаҕа бардаҕына кинигэттэн, дуоскаттан үөрэнэри ылыммат буолар. Сыыйа үөрэххэ интэриэһэ сүтэр, биир сиргэ өр кыайан олорбот буолар. Онтон сылтаан үөрэхтэрэ мөлтүүр, үөрэниэхтэрин баҕарбат буолаллар. Истэр-көрөр уорганнара дьэрэкээн күүстээх өҥнөрү, тыастаах-уустаах дорҕооннору эрэ ылынар буолаллар. Көмпүйүүтэр мышкатын, джойстигы тута үөрүйэх оҕолор, илиилэрэ өрүү иллэҥэ суох буолары ирдииллэр. Ону тэҥэ көмпүйүүтэр мышкатын баттаатахтарына барыта тутуллан, оҥоһуллан иһэр буолан бэлэми чэпчэкитик ыла үөрэнэллэр. Ол иһин уруучканан суруйары, харандааһынан уруһуйдууру, илиинэн тугу эрэ оҥорору ыарырҕаталлар.
Өлөрсүүлээх оонньуулар оҕо уйулҕатыгар хайдах дьайалларый?
Ытыалаһыылаах өлөрсүүлээх оонньуулары улаата илик оҕо оонньуура соччото суох. Тоҕо диэтэргин оҕо — саҥа олоҕу олорон эрэр киһи. Кырдьык-сымыйа, үчүгэй-куһаҕан диэн өйдөбүллэри араара үөрэнэр кэмэ. Ону тэҥэ оҕо майгытыгар аһыныгас буолуу хаачыстыбата уһуктуохтаах. Кыра эрдэхтэн ытыалаһыылаах, охсуһуулаах оонньууларынан үлүһүйэн оонньуур оҕо үчүгэйтэн куһаҕаны араарбат буола улаатар. Оҕо олоҕу сөптөөхтүк ылынара уларыйар. Аһыныгас санаалара алдьанан улаатар, киһини кытары кэпсэтэргэ наадыйбат буолаллар.
Уһуннук көмпүйүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ олорор оҕо уйулҕатыгар хайдах дьайарый?
Оҕо оҕону кытары оонньоон сайдыахтаах. Оҕо оонньоон — инники олоҕор бэлэмнэнэр, ол эбэтэр оҕо эрдэҕинээҕи иитии — улаатар сааһыгар улаханнык сабыдыаллыыр.Мэлдьи көмпүйүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ олорбут оҕолор киһини кытары сатаан кэпсэппэт буолаллар. Инники олохторугар ыарырҕатыахтарын сөп. Оҕо оҕону кытта алтыһара, оонньуура, улахан дьону, төрөппүттэрин көрөн үөрэнэрэ барыта – олоххо конфликтан хайдах тахсарга үөрэтэр. Ол эбэтэр конфликт хас даҕаны көрүҥнээх: сөбүлэһии (сотрудничество), утары баран биир тылга кэлии (компромисс) уонна агрессияттан тахсыы.
Холобура сэриилэһэ,ытыалаһа оонньуур оҕо улаатан баран конфликтан тахсар суола — саба түһүү эбэтэр куотуу буолар, утарылаһааччытын кытары биир тылы булара эбэтэр сөбүлэһэрэ ыарахаттардаах.
Гаджекка оонньуурга төһө бириэмэ көҥүллэнэрий?
Урукку мульткиинэлэр уон биэстии-сүүрбэлии мүнүүтэлээх буолаллар. Кыра оҕо болҕомтотугар бириэмэтинэн сөрү-сөпкө түбэһэллэр. Билигин оҕолор, оннооҕор улахан киһи үчүгэйдик болҕойон истэллэрэ уон-уон биэс мүнүүтэ эрэ буолар. Ол иһин отут-түөрт уон мүнүүтэ олоруохтаах. Гаджекка оонньоон баран хайаан даҕаны хамсаныылаах оонньуулары оонньуохтаах. Онтон эмиэ кыратык олоро түһүөн сөп. Ону барытын төрөппүт суолта биэрэн күн аайы хонтуруоллуохтаах. Төрөппүт кыраҕы хонтуруола – күн аайы суунуу-тарааныы үөрүйэҕэр тэҥнэһэр. Сөптөөх хонтуруол сотору кэминэн оҕо гаджекка бириэмэни тутуһан оонньуурун ситиһиэхтээх.
Буортулаах диибит эрээри көмпүйүүтэр, төлөпүөн – олохпут биир сүрүн ирдэбилэ буолла. Ол иһин гаджеты олохпутуттан ылан быраҕан кэбиһэр хайдах даҕаны сатаммат. Онон төрөппүт оҕону сөпкө салайан, гаджеты оҕоҕо туһалаахтык туттарын ситиһиэхтээх.
Оҕо тоҕо оонньууттан тутулуктанарый?
— Көмпүйүүтэртэн тутулуктаах буолуу- туох хайа иннинэ оҕо болҕомтото суох буоларыттан тахсар. Сөпкө туһана үөрэммит оҕолор бэйэлэрэ абыраныахтара. Аны орто, аҕам саастаах көлүөнэ дьон- төрөппүттэр, эһээлэр, эбээлэр өрүү бэйэлэрин оҕо саастарын аныгы оҕону кытары тэҥниир үгэстээхтэр. “Биһиги урут оҕолору кытары оонньуур этибит”, “биһиги кинигэ ааҕар этибит” “дьоммутун кытары тэҥҥэ үлэлиир этибит” “оттон эһиги төлөпүөҥҥэ оонньуу-оонньуу олороҕут” о.д.а тэҥнэбиллэри туһанан аныгы оҕолору сэмэлииллэр. Урукку кэм оҕолорун биһиги олорор кэммитигэр аҕалан кэбистэххэ кинилэр даҕаны аныгы оҕоттон уратыта суох син биир гаджекка оонньуо,Интернеккэ олоруо этилэр. Тоҕо диэтэр барыта наһаа дьэрэкээн, киһи өй-санаа өттүнэн ылынарыгар чэпчэки. Бу араас оонньуулартан, информацияттан биһиги эмоция ылабыт.
Хайдах тэйитэбит?
— Тахсар суол өрүү баар. Оҕону төһө кыалларынан уһуйаан, оскуола таһынан эбии дьарыктарга сырытыннарыахха наада.Төрөппүт оҕотун кыра сааһыттан бэйэтин кытта илдьэ сылдьара, элбэхтик алтыһара, кэпсэтэрэ хайаан даҕаны наада.
Туох баар куһаҕантан барытыттан көмүскүүр, өрөһүйэр, быыһыыр — төрөппүт таптала буолар. Төрөппүттэрин тапталын толору ылар оҕо хаһан даҕаны көмпүйүүтэртэн, оонньууттан тутулуктаах буолбат. Оттон төрөппүт таптала икки көрүҥҥэ хайдар: бастакыта- таптал, иккиһэ -атаахтатыы. Ити иккини төрөппүт бэйэтэ сатаан араарар буолуохтаах. Түмүкпэр тоһоҕолоон эттэххэ төрөппүттэр оҕону таптыахтаахпыт, убаастыахтаахпыт, оҕо сынньалаҥын,эбии дьарыгын тэрийиэхтээхпит, гаджекка оонньуурун хонтуруоллуохтаахпыт, көмпүйүүтэртэн тутулуктамматын ситиһиэхтээхпит.
Варвара, сүбэҥ иһин махтал, элбэх төрөппүккэ буолуохтун! Онон киһи майгыта-сигилитэ оҕо эрдэҕиттэн оҥоһуллан сааһыланан тахсарын умнумуоҕуҥ, оҕолорбутун атаахтатан «алдьатымыаҕыҥ».
Надежда Ильина, edersaas.ru