«Бракодел аҕалар», эбэтэр сүрэх тэбиитинэн кыыһы-уолу быһаарыы
Эрэдээксийэҕэ сурук кэллэ:
Илиҥҥи дойдулар эмтиир-чэбдигирдэр ньымаларын билигин аан дойдуга киэҥник туһаналлар.
Төбөт (Тибет) эмтиир ньыматыгар сүрэх тэбиитинэн көрөн киһи этигэр-сиинигэр баар уларыйыылары эндэппэккэ билэллэр. Манна диэн эттэххэ, биһиги улуу эмчиппит Ньыыкан кырдьаҕас бу ньыманы эмиэ туһанар этэ.
Төбөт мэдиссиинэтэ сүрэх тэбиитин эр киһилии, дьахтардыы уонна орто диэн араарар. Эр киһилии сүрэх тэбиитэ – суон, күүстээх, холус соҕус буолар эбит. Дьахтардыы тэбии – нарын, түргэн. Оттон орто тэбии – уһун, холку, сымнаҕас, киэҥ.
Төбөт эмчитин өйдөбүлүнэн, өскөтүн эр киһи сүрэҕэ төрүүр дьахтар киэнинии тэбэр буоллаҕына, бу киһи уһун үйэлэнэр. Дьахтар төрүөҕүттэн эр киһилии сүрэх тэбиилээх буоллаҕына – уол оҕото биллэр-көстөр киһи буолар. Өскө кэргэнниилэр сүрэхтэрин тэбиитэ “орто” буоллаҕына – үйэлэрин моҥууллар.
Дьиктитэ диэн, сүрэх тэбиититтэн кыыс, уол оҕолоноруҥ тутулуктаах эбит. Кэргэнниилэр иккиэннэрин пульстара эр киһилии буоллаҕына – дьиэ кэргэҥҥэ аҥаардас уолаттар эрэ төрүүллэр. Өскө кэргэнниилэр сүрэхтэрин тэбиитэ айылҕаларынан дьахтардыҥы буоллаҕына – кырылас кыргыттарданар, уол оҕо суох.
Кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ эр киһилии, атына дьахтардыы сүрэх тэбиилээх буоллахтарына – уол да, кыыс да оҕо төрүүр.
Төрөппүттэртэн биирдэстэрэ дьахтардыы, биирэ орто сүрэх тэбиилээх буоллахтарына – дьиэ кэргэн соҕотох кыыстанар. Оттон кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ эр киһилии, атына орто сүрэх тэбиилээх буоллахтарына – соҕотох уол төрүөн сөп. Иккиэн “орто” сүрэх тэбиилээх буоллахтарына – бу ыал кыайан оҕоломмот.
Манна даҕатан, Төбөт эмчитэ хат дьахтары сүрэҕин тэбиитинэн оҕото уол дуу, кыыс дуу буоларын быһаарар кыахтааҕын этэн кэбиһиэххэ. Бу тыһыынчанан сылларга бэрэбиэркэлэммит, дьоҥҥо туһалаабыт мэдиссиинэ кистэлэҥнэрин арыйдахха, дьэ, итинник. Бу билиини саха ыаллара олохторугар туһаныахтара буолаарай?
Валерий Михайлов,
Дьокуускай.
“Бракодел” аҕалар, эбэтэр…
Дьэ, бу маннык суругу тутан баран, толкуйга түстүбүт. Бу чахчы буолуо дуо? Сорох ыалларга наар кыргыттар, сорохторго наар уолаттар төрүүллэрэ баар суол. Кыргыттардаах аҕа нэһилиэнньиги баҕаран, туруулаһан туран, тоҕус кыыс кэнниттэн, ытыһын соттубута, эбэтэр аҕыс уол тухары кыыстамматах ыаллар бааллар. Сороҕор тохсус, онус оҕонон баҕалаах уол, кыыс төрөөн манньытар. Оннук оҕо кэлиэр диэри, төрүү туруохха сөп, ол эрээри, бэйи, элбэх оҕолонору ийэ доруобуйата эмиэ тулуйуон наада эбээт…
Онон сорох аҕалары “бракодел” диэн кыһыылаахтык ааттыыллара, онтубут сүрэх тэбиититтэн тутулуктаах эбит буоллаҕа дуу? Оччотугар, бу үөрэҕи үчүгэйдик үөрэтэн көрөр, олоххо төһө сөп түбэһэрин быһаарар тоҕо кыаллыбатый?
Холобур, икки доруобай, эдэр кэргэнниилэр уонча сыл бииргэ олороллор да, сатаан оҕоломмоттор. Көрдөрүнэ, эмтэнэ сатыыллар да, “доруобайгыт” диэнтэн атын эппиэт суох. Бу дьон эрэй бөҕөтүн көрсөн, арахсан баран, саҥа кэргэннэнэллэр уонна, дьэ, ийэ-аҕа буолар дьолу билэллэр. Олоххо маннык баар ээ. Баҕар, бу Тибет мэдиссиинэтэ этэринэн, кинилэр иккиэн сүрэхтэрин тэбиитэ “орто” буолан, кыайан оҕоломмотохторо буолаарай? Эрдэттэн билэллэрэ буоллар, баҕар, холбоһо да сатыахтара суоҕа эбитэ буолуо…
Гинекологтар, акушердар хат дьахтар пульсунан оҕо кыыс-уол буоларын билэллэр эбит. Оҕо сүрэҕин тэбиитэ мүнүүтэҕэ 140-тан элбэхтэ тэбэр буоллаҕына — кыыс, 140-тан аҕыйахтык тэбэр буоллаҕына — уол оҕо төрүүр дииллэр эбит. Ол эбэтэр, кыыс оҕо сүрэҕэ быдан түргэнник тэбэр. Маны оҕо үөскээбитэ 12-14 нэдиэлэтиттэн саҕалаан биэс ыйыгар диэри ааҕыахха сөп. Ол эрээри, оҕо ийэтин иһигэр утуйа сытар буоллаҕына, сүрэҕин тэбиитэ бытаарыан сөп, ону учуоттуохха наада. Онон хаста да кээмэйдээн баран, түмүк таһаарар сөп.
Ону тэҥэ, оҕо сүрэҕин тэбиитин тэтимэ эмиэ быһаарар. Уол сүрэҕин тэтимэ холку, биир тэҥ, тэбэрэ улаханнык иһиллэр. Кыыс сүрэҕин тэбиитин тэтимэ түргэтиир-бытаарар, бүтэҥи соҕус.
Оттон пульсу үс көрүҥҥэ арааран, уол-кыыс төрүүрүн быһаарыы төһө олохтооҕо буолла?
Түҥ былыргы билии
Индия мэдиссиинэтин түҥ былыргы билиилэрэ Тибеккэ бэриллибиттэрэ. Ол иһин санскрит тылынан суруллубуттар. Ону тылбаастаан, улуу Чжуд-Ши диэн трактат баар буолбута. Манна пульсунан киһи доруобуйатын туругун, олоҕун хаамыытын, оннооҕор хаһан өлөрүн, туох ситиһиилээх буоларын быһаарар эбиттэр. Сүрэх тэбиитин “эр киһилии”, “дьахтардыы”, “орто” (нейтральнай) диэн араарыы манна эмиэ баар эбит.
Кытайга, Индияҕа хас да тыһыынча сыл анараа өттүгэр киһи доруобуйатын пульсунан диагностикалыыр ньыма үөскээбит. Пульсунан быһаарар эмчит биир эрэ уорганы буолбакка, киһи организмын туругун бүтүннүүтүн билэр, лимфатическай, сүрэх-тымыр, ньиэрбэ, сүһүөх систиэмэлэрэ сибээстэһэллэрин, ханна ыарыы олохсуйбутун быһаарар. Пульс – олох тэтимэ диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Бу уустук идэ. Эмчит хас да сыл үөрэнэр. Тибет эмчиттэрэ пульс 3 эрэ буолбакка, 28 көрүҥүн араараллар уонна ыарыыны быһаарарга 13 көрүҥүн туһаналлар эбит.
Гинекологтар пульсунан быһаарбаттар
Аныгы традиционнай мэдиссиинэ бу туһунан туох санаалааҕын, ньымалааҕын билээри, икки-үс гинеколог, акушер быраастартан ыйыта сырыттым. Кинилэр үтүктүспүт курдук: “Биһиги мэдиссиинэбитигэр пульсунан кыыс, уол буоларын быһаарбаппыт. Пульсотерапия диэн биһиэхэ суох. 19-20 нэдиэлэтигэр УЗИ-нан эрэ көрөн, быһаарабыт” диэн эппиэттээтилэр, толору хоруй биэрэртэн аккаастаннылар.
Кырдьык, медицинскэй институттарга бу туһунан үөрэппэттэр. Арай, “традиционнайа суох” диэн аатырар мэдиссиинэҕэ туһаналлара буолуо?
Дьокуускай куорат үрдүнэн соҕотох, “Эмчи” диэн Тибет мэдиссиинэтин киинэ үлэлиир. Онно эрийэ сылдьыбыппар: “Тибеттэн кэлэн үлэлиир соҕотох доктордаахпыт. Кини эрэ эппиэттиир кыахтаах, ол эрээри билигин от ыйын ортотугар диэри Дьокуускайга суох” диэн хоруйдаатылар.
Ол гынан баран, Тибет бырааһа пульсунан диагностикалыырын бигэргэттилэр, саайтарыгар эмиэ оннук сурулла сылдьар. Бу быраас кэллэҕинэ, кэпсэтэн, хайдаҕын-тугун билэн баран, дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн, саҥа ыстатыйа суруйуллууһук диэн түмүккэ кэллим.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ыспыраапка
Тибет-монгол мэдиссиинэтинэн эмтиир быраастары эмчи-ламалар диэн ааттыыллар. Холобур, Арассыыйаҕа Иволгинскай дацан Тибетскэй мэдиссиинэ факультетыгар үөрэтэллэр. Кинилэр бэйэлэрэ “Союз Эмчи” диэн түмсүүлээхтэр.
“Эмчи” диэн – тибет тылыттан “эмчит” («лекарь», «исцеляющий») диэн суолталаах. Саха тылын кытары ис хоһоонунан да, саҥарылларынан да дьүөрэлэһэрэ, дьэ, дьикти.
Тибет мэдиссиинэтинэн дьарыктанар киһи бэйэтин “эмчи-ламабын” диир кыаҕа суох. Тоҕо диэтэр, эмчи-лама – бу идэ буолбатах, итэҕэли кытары сибээстээх, сирдээҕи аналы толоруу.