Брайль ньыматынан тахсыбыт кинигэни билсиҥ

16.12.2019
Бөлөххө киир:

Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар харахтарынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаларыгар ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх бэйиэт уонна тылбаасчыт Валерий Чиряев үлэлээбитэ.

edersaas.ru

Үөрэххэ ураты наадыйыылаах устудьуоннар, аспираннар уонна исписэлиистэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын уопсастыбаннай тэрилтэтэ Валерий Георгиевич үтүө өйдөбүлүгэр анаан, кини хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньугун таһаарда. Атыннык эттэххэ, Валерий Георгиевич кэриэһигэр »Есенин сахалыы саҥарар » диэн Брайль шрибинэн тахсыбыт кинигэ күн сирин көрдө.
Бу дьикти кинигэни сүрэхтээһин, билиһиннэрии ахсынньы 19 күнүгэр 11 чаастан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар ыытыллыаҕа.

БЫҺААРЫЫ:

Валерий ЧИРЯЕВ 1911 сыллаахха ахсынньы 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгэр Тыымпы алааска төрөөбүтэ.
Дьокуускайдааҕы учуутал институтун тыл уонна литература факультетын бүтэрбитэ, «Кыһыл ыллык» диэн сурунаал эрэдээксийэтигэр 8 сыл үлэлээбитэ. Нам, Уус Алдан, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар отуттан тахса сыл учууталлаабыта.
1927 сыллаахха “Самыыр” диэн бастакы хоһооно “Чолбон” сурунаалга бэчээттэммитэ.
1930 с. “Саһыл Сыһыы” пьесата тахсыбыта.
1932 сыллаахха”Колхозтаах хоһооно” диэн хоһооннорун бастакы хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ.
С.Михалков «Особое задание», Б. Лавренев «Разлом» пьесаларын, К.Симонов «Сын артиллериста» поэматын, А.Пушкин остуоруйаларын, С.Есенин, А.Блок хоһооннорун уонна поэмаларын тылбаастаабыта.
1989 сыллаахха олунньу 1 күнүгэр күн сириттэн барбыта. 

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0