Босуобуйалар үрдээтилэр

Бөлөххө киир:

“Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн, ааспыт сылга 9 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн оҕо төрөөбүтүнэн сибээстээн материальнай көмөнү ылбыттар.

Олортон 2480 ыал иккис оҕоҕо бэриллэр эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын – 135 907 солкуобайдаах көмөнү ылбыттар. Бастакы оҕо төрөөбүтүгэр биирдэ бэриллэр 33 812 солкуобай суумалаах төлөбүр 3305 ыалга тиксибит. Оттон үһүс уонна онтон кэлэр оҕо 3 сааһын туолуор диэри ый аайы бэриллэр 16906 солкуобайдаах төлөбүрү 3605 ыал ылбыт.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, 2020 сылтан бу төлөбүрдэр кээмэйдэрэ үрдээтэ. Ол курдук:

Бастакы оҕо төрөөбүтүгэр биирдэ бэриллэр төлөбүр – 35 320 солкуобайга;

Иккис оҕоҕо бэриллэр эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаала – 139 985 солкуобайга;

Үһүс уонна онтон кэлэр оҕо 3 сааһын туолуор диэри ый аайы бэриллэр төлөбүр – 17 660 солкуобайга тэҥнэстэ.

Бу төлөбүрдэри ыларга оҕо 2018 сыл кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаах.

Ону тэҥэ, 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бастакы оҕоҕо бэриллэр төлөбүр кээмэйин сэргэ,  усулуобуйата эмиэ  уларыйда: үрдээн 17660 солкуобайга тэҥнэстэ уонна оҕо 3 сааһыгар диэри бэриллэр буолла. Бу төлөбүрү ыларга дьиэ кэргэн дохуота биир киһиэхэ төһө тиксэрин ааҕаллар. Урут бу орто дохуоту өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин (прожиточный минимум) 1,5 төгүллээбиккэ тэҥнэһэрэ, билигин 2-гэ төгүллүүр буоллулар. Онон дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр 35 320 солкуобайтан намыһах буоллаҕына, бу босуобуйаны ылар кыахтаахтар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0