Босуобуйаҕа сайаапкалары тутуу балаҕан ыйыгар түмүктэнэр

Бөлөххө киир:

Биэнсийэ пуондатын Саха сирнээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 30 күнүгэр 5000 уонна 10000 солкуобай суумалаах оҕо төлөбүрдэригэр сайаапканы тутуу түмүктэнэр.

edersaas.ru

Бу төлөбүрдэр муус устар ыйтан саҕалаан, РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан 16-гар диэри саастаах оҕолорго төлөммүттэрэ. Муус устарга, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар 3-гэр диэри саастаах оҕолорго 5000 солкуобай төлөммүтэ. Ыам ыйыттан 3-16 саастаах оҕолорго 10 тыһыынча солкуобай икки төгүл төлөннө.

От ыйын 1 күнүттэн 3 саастарын туолбут оҕолорго 10 тыһыынча солкуобайдаах төлөбүр эмиэ төлөнөр. Төлөбүрү ылар туһуттан төрөппүт балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри Биэнсийэ пуондатын салааларыгар сайаапка суруйуон наада.
Билиҥҥи туругунан, 5000 солкуобайдаах төлөбүрү 38943 оҕо ылбыт, 10 000 солкуобайдаах төлөбүр 194 600 оҕоҕо төлөммүт. Онон бу төлөбүрдэргэ барыта 2,5 миллиард солкуобайтан тахса үп көрүллүбүт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0