Бу сылтан 3-7 саастаах оҕолорго ый аайы босуобуйа төлөнөр буолбута. Бу кыаммат ыаллары өйүүргэ, дьадайыыны утары охсуһарга туһуламмыт миэрэ буолар. Чахчыта, пандемия кэмигэр дьиэ кэргэҥҥэ бу көдьүүстээх көмө буолара саарбаҕа суох.
Атырдьах ыйын 11 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ социальнай көмүскэл управлениеларыгар 54 126 сайабылыанньа киирбит. Докумуоннарын бэрэбиэркэлээн баран, 42,3 тыһыынча сайабылыанньа көрүллүбүт. Олортон 27 тыһыынча ыалга босуобуйа бэриллэр буолбут, 16,4 тыһыынча сайабылыанньаҕа аккаастаммыт. Барыта 36,4 тыһыынча оҕоҕо босуобуйа төлөнөр. Онон 2,3 мөлүйүөн солкуобай номнуо төлөммүт.
2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 3-7 саастаах оҕолорго төлөбүр бэриллэр буолбута. Төлөбүр кээмэйэ 2019 сыл иккис кыбаарталыгар олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин (17 126 солкуобай) аҥаарыгар тэҥнэһэр. Ол эбэтэр, Саха сиригэр 8 830 солкуобай буолар. Маннык төлөбүр сааһынан хапсар хас биирдии оҕоҕо бэриллэр. Холобур, дьиэ кэргэн үс-түөрт да оҕоҕо ый аайы ылыан сөп. Ол эрээри, дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тикэсринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуохтаах. Ыал уопсай дохуотун ааспыт сыллааҕы дохуотуттан ааҕан таһаараллар. Ол эбэтэр, сайабылыанньаны от ыйыгар биэрдэххэ, 2019 сыл тохсунньутуттан ахсынньыга диэри ылбыт дохуоттарын ааҕаллар.
Пандемия кэмигэр үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо 3-7 саастаах оҕолорго бэриллэр төлөбүрү ааҕарга былырыын ылбыт хамнастарын уопсай дохуокка киллэрбэттэр. Онон билиҥҥи кэмҥэ төһө дохуоттаахтарын учуоттаан, төлөбүрү биэрэллэр.
Сайабылыанньаны “Госуслуги” портал нөҥүө биэриэххэ сөп. Социальнай көмүскэл управлениеларыттан ыйыталаһыахха сөп.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.r
Хаартыска: интэриниэттэн.