Боссоойко Тойон арыыга таарыйан ааһыытын туһунан

Ааптар: 
28.05.2022
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улуһун иккис Малдьаҕар (Бөртө) нэһилиэгин Тойон арыытыгар Миитэрэй Иванов кыра оҕо эрдэҕинэ дьоно Борой биэрэгин таһыгар олохсуйа сылдьыбыттар. Аҕата Бөртөҕө кинээстии сылдьыбыт киһи Иннокентий Архипович Иванов диэн этэ. Кини үс сыллааҕыта иһин абааһы убахтаан орто дойдуттан бараахтаабыта.

Арай биир күн 1922 сыллаахха кулун тутар ый биир дьыбардаах сарсыардатыгар бороҥуйга уолчаан ийэтигэр Дьэбдьиэйгэ сүөһү уулатыһа сылдьыбыт. Мыгый күөл ойбонугар туран көрдөҕүнэ Харыйа диэкиттэн 60-ча аттаах дьон саба астаран кэлбиттэр. Кэлэннэр күөл кытыытыгар аттарын тохтоппуттар. Аҕыс саастаах Миитэрэй көрдөҕүнэ, хара бараан сирэйдээх, татаардыҥы бааһынай олоҥхо бухатыырын курдук сүүнэ улахан киһи атыттан түһэн, сиэппитинэн ойбоҥҥо хааман ыадастан кэлбит. Кырыа буолбут бэргэһэлээх төбөтүнэн оҕоҕо таҥнары нөрүйэн сирэйин өҥөйөн көрбүтүгэр уолчаан куттанан кэннинэн чиҥэннээбит.

Ону көрөн дьоно күлсэн алларастаспыттарыгар, Боссоойко  дьонугар эргиллэн киһи баһын саҕа сутуругун көрдөрбүт, саллааттара ах баран хаалбыттар. Онтон Миитэрэйгэ төттөрү нөрүйэн аатын ыйытан баран этэр: “Биһиги үчүгэй дьоммут, куттаныма, хата, эт эрэ, манна саалаах дьон баар дуо?”, — оҕоттон саалаах дьон суоҕун истэн баран, бэлэм ойбоннор баалларыгар, дьонун аттарын уулаталларыгар дьаһайбыт.

Бу 60-ча киһилээх Боссоойко этэрээтэ бэҕэһээ Сыһыыга кэлэннэр атыыһыт Хабыыча-Хабырыыс улахан дьиэтигэр хоммуттар. Онтон хас да киһини бэйэлэрин кытары илдьэ баран иһэллэр эбит, хата, Илья Пахомович Григорьевы-Ылдьааканы, билэр киһитин көрөн Миитэрэй уоскуйан, дьэ саҥата тахсар буолан ону-маны хоруйдаста. Ылдьаака Миитэрэйгэ этэр: «Ити улахан киһини көр эрэ, кини аата Боссоойко диэн. Татаар киһитэ, биһиги тойоммут буолар. Кэнники улааттаххына Боссоойкону көрбүтүм диэн дьоҥҥо кэпсиир буолаар”.

Тойоннорун хамандатын истэн, дьон өрө булумахтаһа түспүтттэр да, бары аттарыттан ыстаҥалаһан түһэн сып-сап аттарын уулаталыы охсоот, Харыйалаах арыыга барардыы суолга киирэннэр ыксаабыт дьон сиэринэн, бэйэ-бэйэлэрин батысыһан айаннатан сикситэ турбуттар. Аара баран иһэн туораан тахсан бааһынайдар олорор түөлбэлэригэр Дьалаанкаҕа таарыйаллар. Дьэ онтон кинилэргэ ким кыттыһыан баҕалааҕы кытыннара сатаабыттар – элбэҕи эрэннэрбиттэр, кыра-хара дьону уруккуларынан кыһарыйан да туран, 2-3 бааһынай дьонун этэрээттэригэр холбообуттар. Олор истэригэр Гаврил Васильевич Соколов-Куттааскы диэн чиэппэр күүстээх бэйэтин кыанарынан биллэр киһи баар эбит.

Бу киэһэ Харыйалаах арыыттан Дьаамҥа тахсан хоноллор. Сарсыныгар этэрээт Амчаахха тиийэн хас да балаҕан баарыттан, Боссоойко билэрдии Борой оҕонньорго тохтуур.
Бу улуу татаар уола Рахматуллин Гизатулла Туллович-Боссоойко, сахалар ааттыылларынан Ылдьаа, үрдүгэ 2 м 15 см эбит. Сахалары кытары үөскээн улаатан, олох сахатыйан хаалбыт киһи буолар. Тойонноро кинини наар бу эҥээринэн сырытыннарар буолан, Боссоойко маннааҕы сири-дойдуну билэр, орох тэппит сирэ буолар.

Быйылгы кыстыкка Ивановтары кытары Амчаахха сыбааттара Кононов Ньукулай субан сүөһүтүн кыстата туруорарга кэпсэппит. Ону көрөргө оҕонньор кыра кыыһа Баалбаара сурдьунаан 14 саастаах Ылдьаалыын тахсан кыстаан саҥа аймахтарыгар дьукаахтаһан олорбуттар. Байбал убайдара тойон арыы Биэс Тиититтэн тахсан мастарын мастаан, отторун тиэйэн биэрэн барытын бэлэмнээн дойдутугар киирэр эбит. Бөртө дьоно кыһынын арыыга кыстыыллар, сайынын алаастарынан тарҕаһан олороллор. Сайын арыыга киирэн оттууллар уонна күһүн балаҕан ыйыгар арыыларыгар төттөрү кыстыы көһөн киирэллэр.

Кыһыллар, үрүҥҥэр кэллэхтэринэ Бөртө саа тутуох эдэр дьоно, сэрии дьоно арыыга кэллэхтэринэ алаастарга, оттон алаастарга кэллэхтэринэ арыыларыгар куота сылдьыбыттар.

Борой оҕонньор сүөһүтүттэн биир байтаһын бургунаһы Боссоойко дьоно тиэрэ көтөн кэбиһэллэр, кутаа оттон ас-үөл бөҕөтүн тардан, аһаан сиэн бараллар. Ылдьаака балаҕанын таһыгар Бүөтээн сылдьарын көрөн, киниэхэ тиийэн үрдүгэр түһэр уонна охсуспутунан бараллар. Ону Боссоойко дьонноро көрөннөр көр-нар оҥостон күлсүү-салсыы бөҕөтө буолбуттар.

Били охсуспут дьоммут туох да буолбатаҕын курдук туттан балаҕаҥҥа киирэллэр, кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн ылата наар көрүстүлэр даҕаны охсуһар идэлээх дьон эбиттэр, дьэ муода диэтэҕин — оннук кырдьыбыттар үһү.

Ылдьаака балаҕаҥҥа киирээт, Бүөтээн эбириэс саата көхөҕө ыйанан турарын көрөр уонна сулбу тардан ылар да ойбоҥҥо анньан кэбиһэр. Дьэ уонна киһитэ кыыһырбытын көрөн күлэ-күлэ сабыс-саҥа кавалерийскай винтовканы туттаран кэбиһэр. Дьэ, Бүөтээн булчут киһи үөрэн харахтара чаҕылыһа түһэллэр ону кытары киһибит быраат буоллаҕа ол.

Сарсыныгар этрээт Орто Сурга тахсаллар, онтон дьон хомунан баран атын этрээттэри кытары Дьокуускайы ылыахтаахтар эбит, былаан быһытынан. Этэрээт Амчаахтан бараары хомуна сырыттаҕына Бүөтээн аҕатын атын ыҥыырдыы охсубут уонна аҕата оҕонньору Боройу хаһыытаппытынан атын үрдүгэр түһээт, этэрээт кэнниттэн ыстаннара турбут.
Боссоойко Орто Сурга тиийэригэр этэрээтигэр 80-ча киһилэммит.

Манна Боссоойко этэрээтэ хас да хонуохтаах, эбии дьон хомунуохтаах уонна Дьокуускайга хаһан киирэллэрин наараһынай кэлэн эттэҕинэ, оччоҕуна киириэхтээхтэр. Куораты ыла.
Бу түүн балаҕаннарынан тарҕаһан, соччо сэрэҕэ суох улахан суолга эрэ харабыл туруораллар уонна уһун айантан сылайбыт дьон утуйар аакка бараллар. Арай утуйа сыттахтарына саа тыаһа, хаһыы-ыһыы, төттөрү-таары сырсыы бөҕөтө буолбут. Боссоойколоох өрө булумахтаһа түспүттэр, сэрии дьоно таҥастаах утуйар буоланнар тура охсубуттар. Боссоойко балаҕан кэлин өттүн көтүрү тэбэн кэбиһэр, түбэһиэх аты миинэ-миинэ куоталлар. Боссоойко Амма кыргыһыытыгар өссө икки бэрэмэдэй сүгүлээх балаҕан кэлин өттүн көтүрү тэбэн куоппут үһү.

Манна Байкалов 100 киһилээх этэрээтэ үрүҥҥэр баалларын билэн түүн саба түспүт. Үрүҥҥэр аҥаардара билиэн түбэһэллэр уонна хас даҕаны киһи өлөр. Билиэннэйдэр истэригэр биһиги дьоммут эмиэ бааллар эбит: Иванов Пётр Дмитрьевич-Бүөтээн, Григорьев Илья Пахомович-Ылдьаака уонна чиэппэр күүстээх Дьалаанка бааһынайа Соколов Гаврил Васильевич-Куттааскы. Тутуллубут дьону үксүлэрин, баппыыска ылан баран, дьиэлэригэр ыыталаабыттар, иккистээн түбэстэххитинэ куһаҕан буолуо диэбиттэр. Аҕыйах киһини хаалларбыттар, урукку өттүтүгэр хара дьыалалаахтар эбит. Кинилэри Дьокуускайга бэйэлэрин кытары илдьэ киллэриэх буолбуттар. Бу ааттаммыт үс киһи дойдуларыгар Бөртөҕө үрүҥҥэр этэрээттэригэр 1-2 хоноору, үйэлэрин тухары бандьыыттар диэн үөҕүллэллэрэ.

Салгыыта баар буолуо.

Бөртө уола, Дьокуускай.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0