БОССООЙКО (кэпсээн салгыыта)

Ааптар: 
25.06.2021
Бөлөххө киир:

Рустэм ГАЛИУЛЛИН

(Салгыыта. Иннин https://edersaas.ru/bossoojko-kepseen/).

– Мин санаабар, Байбал күүһүнэн баһыйар. Көр даҕаны, кини быдан үскэл дии. Балаҕан ааныгар баппакка кырыытынан киирэр дииллэр ээ.

– Ээ, хаалары саҥарыма! Боссоойко икки төбөнөн үрдүк дии. Ону таһынан тимиртэн кутан оҥорбут курдук…

Икки атастыылар сонньуйан эрэ кэбистилэр.

– Күһүн Чыахандаҕа көмүс бириискэлэригэр барар санаалаахпын. Сүөһү үүрэн илдьэн атыылыам этэ, – диэтэ Гиззатулла. – Миигин кытта барсыбаккын дуо?

– Суох. Тугу да атыылыырым суох. Барым барыта сатаммат курдук. Өссө олохпут хайдах, туох буолан иһэрин билбэппин…

– Миигин эмиэ иэрэҥ-саараҥ санаалар тырыта тыыталлар. Ханнык эрэ түөкүттэр муоһабытын былдьаһалларын курдук. Туох-туох буолан иһэр.

Күһүн буолбута. От-мас сарт кутуругун иилиммитэ. Болоорхой былыттар сибиньиэс курдук килбэчийэр күөллэр иэннэригэр күлүктэрин көрүммүттэрэ. Биирдэ эмэ былыт быыһынан күн көрөн ыллаҕына, күһүҥҥү курас тыалтан ирбинньиктэнэр долгуннар көмүс аалыытыныы чаҕылыҥнаһаллара, суугунас күөл хомуһун ньаассын түүлээх төбөлөрө саһыл уорҕатыныы сырдаан ылаллара. Күн сардаҥалара күөл ньууруттан саһархай көтөҕөтүн өссө да ыһыкта илик тииттэр бастарыгар көһөн сылаастык имэрийбэхтиирэ. Ол эрээри ол сылаас тыыны күһүҥҥү тымныы салгын тута симэлитэн иһэрэ. Сотору эмиэ халыҥ хаардаах, хабыр тымныылаах кыһын кэлиэ турдаҕа.

Итинник күһүҥҥү күн Гиззатулла сүөһү атыылыы диэн Чыахандаҕа аттанна. Айан аргыстаах, суол доҕордоох. Кинини кытары ыаллыы алаастан соторутааҕыта отутун туолбут Лаабыска дэлби хаайан туран барыста. Кэпсээннээх-ипсээннээх эдэр киһини кытары айаннаатахха, суол кылгыыр курдук буолар. Оттон кырдьаҕас, саҥата-иҥэтэ суох дьону кытары аргыстастахха, суолуҥ уһуурга дылы гынар. Лаабыска отутун туолуор диэри оҕо курдук майгылаах киһи. Суолу быһа ону-маны токкоолоһон таҕыста. Биллэн турар, ордук тустуу уонна тааһы көтөҕүү туһунан кэпсэтэ сатыыр.

– Боссоойко, ким эйигин хапсаҕайдаһарга үөрэппитэй?

– Өбүгэлэрбиттэн бэриллибитэ буолуо, – Боссоойко мүчүк гынан ылла. – Аҕам өттүнэн хос эһэм, эһэм татаардар куреш диэн курдаһан тустууларыгар улахан күүстээх бөҕөстөрө эбиттэрэ үһү.

– Курдаһан тустуу хапсаҕайга маарыннаабат ээ.

– Ханнык баҕарар тустууга күүстээх сырдык өй наада.

– Күүстээх сырдык өй диэн тугуй ол аата?

– Үтүө сиэр-майгы, кырдьыксыт буолуу, дириҥ өй уонна утарылаһааччыгар ытыктабыл…

– Боссоойко, эн Күүстээх Уйбааны кыайыаҥ этэ дуо?

– Дьэ, ону дьон-сэргэ эрэ быһаарар суола.

– Кини эмиэ бүтүн күүстээх киһи, сүүс бууттаах тааһы көтөхпүт үһү ээ. Ол кырдьык буолуо дуо?

– Уйбаан, кырдьык, улахан күүстээх киһи. Кини курдук дьон үйэ аайы төрөөбөттөр.

…Сүөһү атыылаһааччы түргэнник көһүннэ. Чыахандаҕа олох-дьаһах уруккутунуу күөстүү оргуйар. Лаабыска оҕустарын эмиэ тута атыыластылар. Кини, кэһии-тутуу атыылаһаат, тута төннө охсуон баҕарда.

– Тугу кэтэһэ сылдьыахпытый? Суолбутун көннөрө турбаппыт дуо? – диэбитэ.

– Бэртээхэй күн буолла. Эн, барарга санаммыт буоллаххына, бар. Мин манна тардылла түһүөм, – диэтэ Гиззатулла.

Лаабыска кини тоҕо «тардылла» сатыырын бэркэ билэр, Боссоойко биир кыдьыктааҕа – уулаах хаартыһыт этэ. Төһө да туттуна сатаабытын иһин ити кыдьыгын кыа­йан бырахпатаҕа.

– Боссоойко, билигин урукку курдук буолбатах, хаартылыыры бобор буоллулар, дьалхааннаах күннэр-дьыллар үүннүлэр. Эн саҥа былааһы сөбүлээбэккин ким барыта билэр, – диэн биирдэрэ боччумнаахтык этэн көрдө.

– Онно туох баарый?

– Үтэн-анньан көрүөхтэрин сөп.

– Сүүйбүппүн барытын төннөрүөм ­буоллаҕа дии!

Лаабыска киһитин хайдах да тылыгар киллэриэ суоҕун билэн соҕотоҕун төнүннэ. Гиззатулла Чыахандаҕа хаалла. Манна атыыны-эргиэни таһынан араас кыдьык кытта тэнийбит сирэ. Чыахандаҕа илиҥҥи улуустар дьонноро бары мустубуттарын курдуга: ким эрэ атыылыыр, ким эрэ атыылаһар, хаарты, арыгы уйата манна этэ, балыйсыбыт дьон дуолан охсуһууну тардаллара.

Боссоойко Чыахандаҕа өссө икки хонно. Үһүс күнүгэр төһө да өссө көрүлүү түһүөн баҕардар айаҥҥа турунна. Сүүйбүт үбүн барытын түҥэтэн кэбиспитэ. Айанын суола Амма улууһунан ааһар. Ити иһэн икки саалаах саллаат суолу быһан туралларыгар түбэспитэ. Эмискэ кинилэр кэннилэриттэн нагаанынан оонньуу-оонньуу уруккуттан билэр киһийдэҕэ Кэрээкин баар буола түстэ. Бу билигин Амма улууһугар норуот өстөөхтөрүн кытары охсуһааччы буола сылдьар киһи ыраахтааҕы былааһын саҕана хаайыыттан тахсыбат ороспуонньук этэ. Биирдэ туста сылдьан Боссоойко ити киһийдэҕи өрө көтөҕөн ылан үчүгэй аҕайдык ыбылы быраҕан турардаах.

– Рахматуллин, эйиэхэ үҥсүү киирдэ! Тутуллаҕын! – диэтэ Кэрээкин, киэбирэн аҕай.

Кэннигэр турар саллааттар суоһурҕанан сааларын сомуоҕун лаһырҕаттылар.

– Киэр буол, суолбар туора турума! – диэн ордоотоото Боссоойко.

Кини бу киһийдэх былааһынан туһанан кыахтаах дьон дьиэлэригэр киирэн тугу таптаабытын халаан-талаан тахсарын бэркэ билэр этэ. Ол иһин тута мээнэ бэринэр санаата суоҕун биллэрдэ. Икки сирэй буолар дьону кини адьас абааһы көрөрө. Өссө кинини, туох да буруйа суох киһини, саанан куттаан тутан бараары гыммыт буола-буола.

Кэрээкин дьэбирдик күлэн ханньах гынна. Кини курдук сиэрэ суох дьон сирэйгэ силлэттэхтэринэ да, ардах түстэ диэхтэрин сөбө.

– Эн кимниин кэпсэтэргин умнума! Бастаан хаартыга сүүйбүт көмүскүн барытын хостоо, онтон кэпсэтиэхпит!

– Эн!

Гиззатулла сутуругун бобо туппутунан Кэрээкиҥҥэ ынан тиийдэ. Эмискэ төбөтө чуҥкунуу түстэ. Өйдөнөн кэлбитэ, хабыс-хараҥа хоско илиитэ-атаҕа хам кэлгиллэн сытар…

Кэрээкин өһүөмньүлээх киһи буолан биэрбитэ: Гиззатулланы саас буолуор диэри хаайан сытыарда. Күн аайы көмүскүн ханна гыммыккыный диэн ыххайар. Ардыгар үһүө-төрдүө буолан саппыкынан быһыта тэбиэлииллэр. Ол үрдүнэн кинини ээҕин этиппэккэ, иннин ылбакка, көмүс булбакка босхолуурга күһэллибиттэрэ.

Өрүскэ тиһэх муустар устан ааһар кэмнэригэр Гиззатулла суос-сатыы дойдутугар барбыта. Ньургуһун тахсан, көтөр бииһэ барыта кэлбит кэмэ этэ. Айылҕа унньуктаах уһун уутуттан уһуктубута. Суолу быһа: «Туох да буруйа суох киһини итинник сордуур дьону кытары өлүөхпэр диэри охсуһуом», – диэн Гиззатулла андаҕайа испитэ. Дьиэтигэр кэлэн, Матифатын уонна оҕолорун кууһан эрэ баран арыый уоскуйбута.

Ол эрээри отуора алдьаммыт олох оннун була охсоро уустук буолааччы. Сотору саҥа былаас сыыһа-халты дьа­йыыларын сөбүлээбэт дьон өрө туран киэҥ Саха сирин баһылаабыттара. Сэбиэскэй былаас үс куоракка уонна кинилэр аттыларынааҕы аҕыйах сэлиэнньэҕэ эрэ тулуктаһан хаалбыта.

Гиззатулла саа-саадах тутан кыргыһыы диэн тугун бэркэ билэр, ньиэмэстэри кытары сэриигэ сылдьыбытын билигин да түһээн баттатара. Кини саанан-саадаҕынан өттөйөн туран бэрээдэги олохтууру адьас утарар. Ол эрээри саҥа былаастан атаҕастаммыт-баттаммыт дьон көрдөһүүтүн быһа гыммакка түөрт уон киһилээх этэрээт хамандыыра буолбута. Соҕурууттан ыытыллыбыт үчүгэйдик сэбилэммит кыһыллары кытары сэриилэһэр сүрдээх ыарахана. Үрүҥнэри ыктар ыган барбыттара. Тиһэҕэр үрүҥнэр быстах-быстах этэрээттэрэ эрэ хаалбыта.

(Салгыыта бэчээттэниэ).

Татаардыыттан

Наиль Ишмухаметов,

нууччалыыттан Данил Макеев тылбаастаатылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0