Рустэм ГАЛИУЛЛИН
(Салгыыта. Иннин манна аах: https://edersaas.ru/rustem-galiullin-bossoojko-kepseen/).
– Кэпсээҥҥэ киирбит, улахан күүстээх, үрүҥ бастаанньыстар биир саамай күөн туттар киһилэрэ. Бастакы аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, ол сэриигэ хаста да наҕараадаламмыт буойун. Сэбиэскэй былаас саҕана кини туһунан аһаҕастык кэпсиир сатаммат этэ, – диэтэ кырдьаҕас историк тулатын көрүнэ-көрүнэ. – Саха сирэ автономия ыларыгар кини уонна кини биир санаалаахтарын өҥөтө улахан. Ол өссө сыаналана илик…
– Кини ороспуонньук этэ! Баандата куттал бөҕөнү үөскэппитэ, – диир биир булчут. – Киниэхэ тиийэр күүстээх киһи кэлин үөскүү илик. Алдан өрүс кытылыгар алта уон бууттаах таас сытар, Боссоойко ону оонньуу оҥостон көтөҕөрө, таптаабыт сиригэр быраҕаттыыра үһү.
– Кини кимиэхэ да кыайтарбатаҕа! – Хабырыыс биир дойдулааҕа хараҕын быһыччы көрөн олорон Гиззатулла туһунан тугу билэрин кэпсиирдии оҥостубута. – Бараммат Байбал диэн саха киһитэ чугас доҕордооҕо. Кинилэр улахан түһүлгэлэргэ хаһан да тустубатахтара. Эдэр эрдэхтэриттэн иккиэйэҕин эрэ тусталлара, хардары-таары кыайсаллара. Ким да кинилэртэн хайалара ордук күүстээҕин этэр кыаҕа суоҕа. Биирдэ хас да киһи умуһахха түһэн хаалбыт атыыр оҕуһу хостуу сатыы сылдьыбыттар. Ол кэмҥэ Боссоойко ааһан иһэн: «Итиччэ кыра оҕуһу кыайбаккыт дуо? Мин сүгэн да таһаарыам этэ», – диэн хаадьылаабыт. Дьон көргө-нарга көхтөөҕүн бэйэҥ билэҕин. «Чэ, оҕуһу хостоотуҥ даҕаны эйиэнэ буолар», – диэбиттэр. Боссоойко умуһахтан аарыма оҕуһу сүгэн таһааран, икки биэрэстэлээх олорор алааһыгар диэри сүгэн илдьибит.
Итинник номохтор миигин ол ааспыт кэмнэргэ тиэрдэн кэбиһэргэ дылы гыммыттара.
Бай! Ол тэйиччи Гиззатулла балаҕана көстөр дуу? Ыас хара бытыктаах, хойуу будьурхай баттахтаах, хоту дойду сытыы тыалыттан быһыччы соҕус көрбүт от күөхтүҥү харахтаах, дарайбыт сарыннаах, лэҥкэйбит төбөтүгэр хара түбүтүөйкэлээх, киил мас курдук ньыгыл быһыылаах-таһаалаах Боссоойко хайа кэрэ куо сүрэҕин долгуппат буолуой? Дьэ, ити чахчы кини! Көрүҥүтүүй, өссө аарыма улахан сымара тааһы көтөҕөн ылан туора бырахта дии. Таас ыйааһыныттан сир ньиргийэргэ дылы гынна…
* * *
– Уруй-айхал!
– Айхал! Айхал!
Гиззатулла бэйэтин тустуу түһүлгэтигэр тахсаары турар курдук сананна. Төбүрүөннээн турар дьон биир кэм күүгүнэһэллэр. Билигин кинини түһүлгэ ортотугар сиэтэн киллэрэн оҕус тириитэ хаххатын саралыы тардыахтара. Кини оччоҕо дьэ утарылаһааччытын көрүөҕэ… уонна хапсыһыы саҕаланыаҕа.
– Уруй-айхал!
– Айхал! Айхал!
Гиззатулла быччыҥнара тыҥаата, хаана-сиинэ оргуйда. Ону өссө күүрдэн, дьон бөҕөстөр түһүлгэҕэ киирэ охсуохтарын баҕаран уруйдуур-айхаллыыр хаһыылара эбии улаатта. Бай! Дьон иитэ тоҕо кыараатар-кыараан иһэрий? Бөҕөстөр хапсыһалларыгар түһүлгэни өссө кэҥэтиэхтээхтэр этэ буоллаҕа дии…
– Рахматуллин, бэрин!
– Боссоойко, эйигин төгүрүйдүбүт!
– Илиигин өрө уун уонна ырааһыйа ортотугар таҕыс!
Тугуй бу! Ким киниэхэ, дуулаҕа күүстээх киһиэхэ итинник дьорҕойдо?! Гиззатулланы сүллүгэһинэн сүнньүгэ биэрбиттэрин курдук буолла. Ким киниэхэ итинник сааттаах
тыллары этэрий?! Ама, кинилэр синигэр түспүт, кимиэхэ да бас бэринэр санаата суох Гиззатулла хайаны халбарытыан, очуостары сүргэйиэн сөбүн билбэттэр үһүө?
– Эн кыайтардыҥ, Боссоойко!
– Дьонуҥ бары биһиги илиибит иһигэр бааллар!
– Соҕотоххун эрэ!
– Таҕыс, бэрин!
Гиззатулла абатыттан сымыһаҕын быһа ыстаата. Туохха да баппат күүһэ-уоҕа таһырдьа таһымнаан, бүтүн бэйэтэ дьигиһийэн ылла.
– Хаһан даҕаны… – диэн хаан оҕуолаабыт уоһунан сибигинэйдэ. – Хаһан даҕаны, хаһан даҕаны!
Сири хаһан оҥостубут ордуутун кыракый түннүгүнэн таһырдьаны көрдө: үһүс хонугун төгүрүктээһиҥҥэ сытар. Икки сылы быһа кинини көрдөөбүт дьон кэмниэ кэнэҕэс түҥ тыаҕа бүгэн сытарын буллулар. Түөрт уон киһилээх этэрээт кини ордуутун иилии эргийбитэ. Ити кинилэр хамандыырдара ыһыытыыр-хаһыытыыр.
Суох, тыыннааҕын тухары кини бэриниэ, кыайтарыа суоҕа! Кинини тобуктатар, кыайар күүс бу орто дойдуга суох. Кини Боссоойко эбээт!
Саллааттартан ким даҕаны бастакынан атаакаҕа киириэн баҕарбат. Үксүлэрэ Боссоойко күлүмэх күүһүн, орулуур уоҕун туһунан истибиттэрэ, сорохтор кини тустарын илэ харахтарынан көрбүттэрэ. Оттон хамандыырдара харса суох үөхсэр, саллааттарын кэнэйдиир, нагаанын угунан көхсүгэ саайталыыр эрээри бэйэтэ эмиэ куттанан дьон кэннигэр сөрүөстэ сылдьар. Боссоойко ордуутугар чугаһыыр олус кутталлаах. Кини бэргэнник ытарын таһынан өссө кыранааталаах. Бастакы күн икки саллаат олус ыраахтан эпчиргэлэммит кыранаата эстиитигэр анараа дойдуга аттаммыттара. Атыттар кинилэр курдук өлүөхтэрин төрүт баҕарбаттар. Ону таһынан сахалар аатырбыт бөҕөскө илиилэрин көтөҕүөхтэрин аньыыргыыллара эмиэ баар. Арай ити хамандыырдара эрэ силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы:
– Кинини тыыннаахтыы тутуохтаахпыт! Куорат киин болуоссатыгар ыйаан өлөрүөхпүт! Кини өрөбөлүүссүйэ өстөөҕө! – дии-дии сордонор.
Гиззатулла бу туруулаһыы уһуннук барбатын өйдүүр. Доҕотторо көмөҕө кэлбэттэр – кимнээх эрэ хаайылыннахтара, үгүстэр орто дойду охсуһуулаах олоҕуттан араҕыстахтара. Үс хонук утуйбакка да, аһаабакка да туруулаһыы Гиззатулла сыратын-сылбатын быста, онон бу киэһэ бүтэһик хапсыһыыта буолуохтаах. Онтон…
Кини хас да кыранаатаны бырахта. Онтон аҕата үөрэппитинэн малыыппа ааҕыа… уонна эргиллибэт айаныгар аттаныа…
– Аҕаа…
– Аҕаккаа…
Тыый! Ити Гарифулла, кини уола хаһыытыыр дуу? Эбэтэр өлүөн иннинээҕи түлэй-балай барыы дуу?
– Аҕаа…
– Аҕаккаа…
– Кинилэргэ итэҕэйимэ, тахсыма-аа!
Гиззатулла өндөс гынан хайаҕаһынан ырааһыйа ортотугар кини саамай кыра оҕото, сүүрбэ саастаах уола Гарифулла хаан-сиин буолан хаһыытыы сытарын көрдө.
Түөһүн иһигэр туох эрэ көтүрү барарга дылы гынна. Сүрэҕэ өрө битигирии түһээт, тугунан эрэ дьөлө аспыттарыныы тохтоон хаалла…
– Уруй-айхал!
– Айхал! Айхал!
Гиззатулла төбөтүн дьоһуннук өрө тутан үөрбүт-көппүт нэһилиэгин дьонун ортотунан ааста. Ким эрэ илиитин бобо тутар, ким эрэ санныттан таптайар. Ол быыһыгар дьон өрө күүрбүт саҥата биир кэмник күүгүнүүр:
– Маннык бөҕөс үйэҕэ биирдэ төрүүр!
– Бүтүн күүстээх киһи!
– Оннооҕор ыгыллыбата даҕаны дии? Көрдүҥ дуо?
– Ким киниэхэ киирэн биэриэй?!
Дьон иитэ арыллан биэрдэ, Гиззатулла ойуччу турар кэргэнигэр Матифаҕа барда. Матифа икки саастаах Гарифулланы көтөҕөн турар. Уолчаана, аҕатын көрөөт, ойон түһэн үмүрүччү үктэммэхтээн аҕатын диэки дьулуста.
– Акаа! Мин аакаам! – диэн саҥардыы тылланан эрэр буолан минньигэс баҕайытык бычыгырыы-бычыгырыы сүүрэн түөрэҥэлээтэ.
Гиззатулла таас көтөҕүүтүгэр күрэхтэһэн тириппит-хоруппут этэ, уолчаан аҕатын кэтит түөһүгэр умса түстэ.
– Уолчааным, – Гиззатулла оҕотун төбөтүттэн имэрийдэ. – Улааттаҕына ааттаах күүстээх киһи буолуо! Миигин куоһарыа, көрөөрүҥ даҕаны!
Гарифулла ити тыллар суолталарын өйдөөбүт курдук өрүтэ мэтэҥнээтэ, атаҕынан тэбиэлэннэ. Ай-хай, аҕата кууһара олус да күүстээх!
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Татаардыыттан Наиль Ишмухаметов,
нууччалыыттан Данил Макеев тылбаастаатылар.