БОССООЙКО (Кэпсээн)

Ааптар: 
01.07.2021
Бөлөххө киир:

Рустэм ГАЛИУЛЛИН

(Салгыыта)

1922 сыл сааһыгар үрүҥнэргэ кыттыспыт дьоҥҥо амнистия биллэрбиттэрэ, Гиззатулла сотору саатын-сэбин ууран алааһыгар төннүбүтэ. Аан дойду олоҕун тупсарыаххын баҕардаххына, бэйэҥ дьиэҥ холумтаныттан саҕалаа диэн баар. Гиззатулла мөккүөрдээх киин сирдэртэн дьалты, дьиэтин-уотун эргин сылдьыбыта. Олоҕо-дьаһаҕа да уу нуурал этэ. Улахан кыыһа Хадича Чурапчыга Хайретдин улахан уолугар кэргэн тахсыбыта.

– Кыыспытын Саха сиригэр бэйэбит биир итэҕэллээхпитигэр, мусульмаҥҥа, кэргэн биэрбиппит улахан дьол буолбатах дуо? – диэбитэ Гиззатулла, Матифаны кууһан туран.

– Аны икки кыыспыт уонна икки уолбут олохторун оҥоруохпутун наада, – диэбитэ Матифа.

– Оҥоруохпут! – Гиззатулла эрэллээхтик хардарбыта. – Эйэлээх олох эрэ баар буоллун. Сүүрбэ үһүс сыл үүнэн эрэр, былаас былдьаһыыта, сэрии тохтообут курдук. Уонна оттон быйыл уонна түөрт уоммун туолабын ээ.

– Аҕаҥ этэринии, түөрт уонун кэнниттэн киһи олоҕо-дьаһаҕа тупсар диигин дуо?

– Этимэ. Ол эрээри Боссоойко аатын өссө да өр умнуохтара суоҕа, уолум Гарифулла улаатан аҕатынааҕар албан аатырыар диэри, – дии-дии уолун көтөҕөн ылан өрүтэ аспахтаабыта.

Гиззатулла автономия ылыныллыбыта биир сылыгар аналлаах ыһыах буолуохтааҕын, онно кинини ыҥырыахтаахтарын сэрэйэр этэ. Ыһыах даҕаны кини ­алааһыттан бэрт чугас, Быһыттаахха ыытыллар буолбута. Уйгулаах ыһыахха сылдьан бэркэ астынан дьиэлээри хомунан эрдэҕинэ, утары байыаннай куорма­лаах киһи тиийэн кэлбитэ. Гиззатулла кимин билэн тыҥыы түспүтэ, кинилэри кытары сэриилэспит кыһыл этэрээтин хамандыыра Петров этэ. Былырыын арахсалларыгар Петров тарбаҕын чочоҥното-чочоҥното: «Сэрэн, өссө ол-бу буолан көрөөр эрэ!» – диэбитэ. Хаҥас диэки көрбүтэ, ойуур саҕатыгар аттаах этэрээт үөмэхтэһэрэ.

– Рахматуллин! – диэн Петров киэбирбиттии ыҥырбыта. – Эн манна тугу гына сылдьаҕын, дьиэҕэр бүгэн олорбокко? Куомуннаахтаргын кытта куодарыһаҕын дуу?

Гиззатулла тугу да хардарбакка, атын миинээт, тиҥилэхтээн кэбиспитэ. Кыһыытыттан атын кымньыылыы-кымньыылыы «ити дьон өтөрүнэн өстөрө-саастара ааһыа суох. Быстах кэмҥэ эрэ “тупсубута” буолбуттар эбит. Итинник буоллаҕына, эмиэ өрө туруу буолара буолуо» дии саныы испитэ.

Кини сыыспатах этэ. Саҥа былааһы сөбүлээбэккэ, быһыы-майгы тыҥаан Айаан диэки саалаах-сэптээх өрө туруу буолбута. Ону кытары куппуулар урут бастаан­ньыстарга кыттыспыт дьону хабырдык тутуулара-хабыылара саҕаламмыта. Үгүстэри саа уоһугар туруорбуттара. Гиззатулла эмиэ саа-саадах тутарга күһэллибитэ. Эмиэ сэрии, эмиэ туруулаһыы…

1925 сыл ыам ыйыгар кыһыллартан уонна үрүҥнэртэн биэстии бас-көс киһи, ол иһигэр Гиззатулла, көрсүһэн эйэлээх дуогабар түһэрсибиттэрэ. Бассабыыктар бы­­лаастара бастаанньыстар сааларын-сэптэрин уурдахтарына тыытыа суох буолан эмиэ эрэннэрбитэ. Боссоойко алааһыгар эргиллэн икки сыл уу нуураллык олорбута. Ордук уолуттан үөрэ саныыра. Гарифулла күн-түүн ахсын буутун этэ буһан, холун этэ хойдон, түһүлгэҕэ тахсан тустар буолан испитэ. Матифа ийэ киһи быһыытынан уолун харыстаан:

– Тустубатын. Билиҥҥи кэмҥэ уутааҕар чуумпутук олорбут ордук, – диирэ.

– Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыахтаах, аатын ааттатыахтаах буоллаҕа дии, – диэн Гиззатулла уолунан киэн туттарын кистээбэтэ.

Итинник уһуннук олорботохторо. Саҥа былаас араас дьаһалларын утарааччыларга сыһыан эмиэ кытааппыта. Сирдэрин-уоттарын, баайдарын-малларын былдьатан абарбыт дьон эмиэ сааланан-саадахтанан турбуттара. Гиззатулла эмиэ бы­­лааһы утарааччыларга холбоспута. Бу да сырыыга сэбиэскэй былаас өттүттэн кими да буруйдуохпут суоҕа, тугу туруорсаргытын толо­руохпут диэн туран эйэлэһэргэ ыҥырбыттара. Саа-саадах туппут дьон ону итэҕэйэн атах тэпсэн олорон кэпсэтээри Дьокуускайга аттаммыттара. Гиззатулла куоракка киирэн иһэн икки хонукка ­дьиэтигэр таарыйан ааһарга санаммыта. Матифа эрин көрөн хараҕын уутун кыамматаҕа. Икки хонугу быһа:

– Куоракка кииримэ! Тоҕо эрэ куһаҕаны биттэнэбин, кинилэри төрүт итэҕэйбэппин! – диэн ааттаһан тахсыбыта.

Онуоха Гиззатулла:

– Мин биир санаалаахтарбын быраҕан бүгэн хаалар киһи буолбатахпын! Санаарҕаама, сотору эргиллиэм, – диэбитэ.

Ол эрээри куораттан бөрүкүтэ суох сонуннар кэлбиттэрэ. Эйэлээх кэпсэтиини ыыта тиийбит дьону барыларын туппуттар, сорохторун номнуо ыппыттар, хаайбыттар үһү диэн буолбута. Боссоойко хара тыаҕа бүкпүтэ. Икки сылы быһа доҕотторо саһыара сылдьыбыттара, дьонугар кыахтара баарынан көмөлөспүттэрэ. Ол эрээри туох барыта бүтэр уһуктаах…

– Гарифуллаа! Уолчааныам!

– Аҕаа!

Эмискэ сири хаһан оҥоһуллубут ордуу өрө үллэх гынарга дылы гыммыта, Боссоойко ойон тахсан уолугар ыстаммыта. Гарифулла быһыта ыстанан хаан оҕуолаабыт уоһунан нэһиилэ сибигинэйбитэ:

– Аҕаа, барыта бүттэ… Ийэбин, инибин, балтыларбын, бэл, кыракый сиэҥҥин барыларын кыртылар… Чугастааҕы ыалларбытын, кырдьаҕастары, хат дьахтары эмиэ саабыланан кэртилэр… Ким да эн ханна бааргын этэн биэрбэтэ. Истиий, ким даҕаны…

Сир түөрэ эргийэргэ дылы гыммыта. Гиззатулла тииһин хабырына-хабырына ынырыктык хаһыытаан хайа барбыта:

– Аа-а-а!

Ити ынырык хаһыыттан мастар төбөлөрө үмүрүс гынарга дылы гыммыттара. Төгүрүйэн сытааччылар кутталларыттан куйахалара күүрэн, дөйүөрэн хаалбыттара, илиилэрэ-атахтара хам бааллыбыт кэриэтэ буолбута.

– Ытыҥ-ытыҥ! – диэн хамандыырдарын хаһыыта ханна эрэ ыраах тыҥкы­наан иһиллэрэ.

Эмискэ күүстээх дэлби тэбии ньиргийбитэ. Сир титирэстээн, ойуур өрө эккирээн ылбыта. Балачча өр ким даҕаны урут ту­­руон куттанан сыппыттара. Онтон биир-­биир Боссоойко модун илиитинэн уолун кууспутунан сытар сэмнэҕэр чугаһаабыттара…

*  *  *

Саха сиригэр кэлиэхпиттэн биир нэ­­диэлэ элэс гына охсон ааста. Хаар кыыдамыгар бүрүллүбүт «Тыгын Дархан» гостиницаттан тахсан миигин атаара кэлбит саха доҕотторбунаан аэропорка киирдибит.

– Аныгыскы кэлиэхпэр диэри үчүгэйдик ууран кэбис, – диэн курустук оонньуу-күлэ халыҥ кууркабын устан Хабырыыска биэрдим уонна бэйэм чараас соммун кэттим.

Тоҕо эрэ улахан сөмөлүөт оннугар кыра сөмөлүөт көтөр буолла диэн соһуттулар! Онон түөрт уонча киһи хаалар буоллубут. Дьиҥэр, сөмөлүөт көтүөр диэри икки чаас баар эрээри, мин син биир баппаппын… Субу көтөөрү тэринэн киирбит ки­­һиэхэ онтон ордук хомолтолоох туох баар буолуой?! Доҕотторум тугу эрэ бы­­һаарса сатаан төттөрү-таары сүүрэкэлэстилэр. Мин син биир бүгүн кыайан көппөт ­буоллум диэн төлөпүөммүнэн биллэрии ­ыытаары гынан эрдэхпинэ, Москваҕа көтөр сөмөлүөт тардыллар буолбутун туһунан иһитиннэрдилэр. Хантан эрэ үөрэн ымайбыт Хабырыыс баар буола түстэ.

– Эн тускар көтүөхтээх сөмөлүөтү тохтоттубут, – диэтэ.

– Эйигин итиччэ түргэнник салгытыам дии санаабатаҕым…

– Даа, оччоҕо хаалаҕын дуо?

– Суох-суох, көтөбүн. Эйиэхэ өссө биир татаар баар дии.

– Боссоойкону этэҕин дуо?

– Гиззатулланы…

Сөмөлүөт тардыллар кэмигэр саппаас экипаһы устубуттар, онон түөрт киһи, ол иһигэр мин, көтөр буолбуппут.

Көтөр аал сиртэн арахсан күүгүнээн таҕыста, мин оччо улаханнык долгуйбакка маҥан хаарынан бүрүллүбүт хочону, үрдүк мырааннары, аар тайҕаны көрөбүн. Сотору соҕус сөмөлүөт былыт быыһыгар киирэн үп-үрүҥ долгуннар үрдүлэринэн көттө. Мин харахпын симтим – утары саҥа түспүт маҥан хаарынан үөрэн мичээр­дии-мичээрдии Гиззатулла-Боссоойко иһэрэ көстөн кэллэ…

Татаардыыттан

Наиль Ишмухаметов,

нууччалыыттан Данил Макеев тылбаастаатылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0