БОССООЙКО (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
18.06.2021
Бөлөххө киир:

Рустэм ГАЛИУЛЛИН

БОССООЙКО

(Салгыыта. https://edersaas.ru/bossoojko-kepseen-salgyyta/ ).

Гиззатулла Саха сиригэр төрөөбүт буолан адьас сахатыйан хаалбыт курдук этэ. Боссоойко суон сураҕа киэҥник тарҕаммыт буолан, кини татаар буоларын ким барыта билэрэ, орто дойдуттан арахсыбыт аҕатын ытыктабыллаахтык Тулла татаар диэн ааттыыллара. Оттон уолун бөдөҥө-садаҥа бэрдин иһин Боссоойко диэн ааттаабыттара уонна адьас бэйэлэрин киһилэринэн, саха бөҕөһүнэн ааҕаллара. Бу бүгүҥҥү ыһыахха даҕаны кини саамай күүстээх бөҕөс буоларын көрдөрдө. Саха сирин биир саамай күүстээх бөҕөһө ким буоларын бары биллиннэр-иһиттиннэр. Э-һэ-һээй, улуу Өлүөнэ өрүс, ити үтүө сураҕы Хотугу Муустаах муораҕа тиэрт! Туундара улуу дуолун, хаардаах хайаларын хаҕыс тыаллара, ити сонуну аҕыс дойдуга тиэрдиҥ, сэттэ сиргэ сипсийиҥ! Ити 1920 сыллаахха этэ. Отут сэттэ саастаах Гиззатулла икки саастаах уолун көтөхпүтүнэн үөрэн-көтөн дьон уруйугар-айхалыгар уй­даран ыһыах түһүлгэтин ортотунан хааман испитэ.

Кини аҕата Казаньтан манна көскө кэлбитин билэрэ. Аҕатын тоҕо көскө ыыппыттарын ким да кэпсээбэтэ, бэйэтэ эмиэ биирдэ да ыйыппатаҕа.

– Мин манна кэлээппин кытта сахалар бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыммыттара. Ас-үөл, дьиэ-уот биэрбиттэрэ, сүбэлэһэн баран, алаас анаабыттара. Хаһан даҕаны ити үтүө быһыыны умнума. Сахалар син биир татаардар курдук эн чугас аймахтарыҥ буолаллар. Кинилэр үөрүүлэрин-хомолтолорун тэҥҥэ үллэстээр, – диэбитэ аҕата ыалдьан орон киһитэ буола сытан.

Тулла оҕонньор сахалыы үгэһинэн олордор да, Аллахха итэҕэйэрэ. Гиззатулланы уонна улахан уолаттарын Аргылланы, Чыгылланы малыыппаҕа уонна ислам сокуоннарыгар үөрэппитэ. Бэйэтэ орто уҥуохтаах киһи этэ. Ол эрээри улахан уола Аргылла уонна кыра уола Гиззатулла бөдөҥ-садаҥ, күүстээх-уохтаах дьон буола улааппыттара. Убайдыы-бырааттыылар туста оонньоотохторуна, чугастааҕы дьон бары көрөөрү өрө сүүрэн кэлэллэрэ. Тустуу саҕаланыан иннинэ сорохтор Аргылла кыайыа дииллэрэ. Кини уҥуоҕунан улахан уонна быдан киппэ көрүҥнээх этэ, ­онуоха эбии уһун, хойуу сулардыы бытыга өссө ордук суостаах көрүҥнүүрэ. Ол эрээри кини биирдэ да Гиззатулланы кыайбатаҕа. Чыгылла аҕатын курдук быһыылааҕа-таһаалааҕа, ортону үрдүнэн уҥуохтааҕа. Бииргэ төрөөбүттэринээҕэр быдан бүгүрү, сымнаҕас киһи этэ. Ол эрээри аҕата өлбүтүн кэннэ төрөөбүт алааһыгар хаалбатаҕа, Дьокуускайга олохсуйбута.

Эдэриттэн көҥүл сылдьарын, кимиэхэ да бас бэриммэтин сөбүлүүр Гиззатулла, төһө да кыра уол буоллар, дьонуттан туспа дьиэ-уот туттубута. Аргылла аҕатын ­дьиэтигэр олорон хаалбыта. Бары олохторун булбут курдуктара. Гиззатулла дьиэ кэргэнэ элбээбитэ, сүөһү-сылгы ииттибитэ. Дьон көрдөстөҕүнэ хаһан да быһа гыммата – сылгыларын, аттарын эмтиир ураты идэлээҕэ. Хомойуох иһин сайынын киирбэт күннээх, күөх быйаҥынан, сир аһынан баай Саха сиригэр олох куруутун үчүгэй буолбат. Гиззатулла үгүстүк ойоҕо ытаан кытарбыт харахтаах курдук буоларын бэлиэтии көрбүтэ. «Туох буолла? Ытаатыҥ дуо?» – диэтэҕинэ ойоҕо хараҕын куоттарара уонна «ийэбин түһээтим» диирэ, эбэтэр «дьоммун аҕынным, ол иһин ытаатым» диэн хардарара.

Ол эрээри ытыыра-соҥуура элбээбитигэр Гиззатулла ойоҕун утары олордубута уонна ыйыппыта:

– Чэ, билигин кырдьыгынан эт: эйигин убайым ойоҕо, абааһы кыыһа атаҕастыыр дуо?

– Суох, суох, – диэбитэ биирдэрэ өрө сыҥа-сыҥа.

– Оччоҕо эн тоҕо кинини көрсүбүт күнүҥ ахсын ытыыр буоллуҥ?

Матифа хайдах да куотунар кыаҕа суох уонна олус абатыйар буолан ытыы-ытыы барытын кэпсээн биэрбитэ. Гиззатулла кэргэнин кэпсээнин истэн баран ойон туран төттөрү-таары хаамыталаабыта.

– Мин ити абааһы кыыһын балаҕаннары баҕастары алаастан киэр быраҕыам, – диэбитэ.

– Гиззатулла, уоскуй. Мин туспуттан убайгынаан иирсимэ. Хата биһиги атын сиргэ көһүөххэ…

– Туох диигин? Бу мин дойдум! Манна мин саамай истиҥ доҕотторум олороллор! Кыра-хара дьону онто суох олус сордоон эрэллэр. Мин мантан көстөхпүнэ, кинилэри ким көмүскэһиэй?!

Гиззатулла эрчимнээхтик таһырдьа ыстаммыта, бокуойа суох убайын аах диэки харбыаласпыта. Кыһын саҕаланан эрэрэ, от-мас көмнөх хаары бүрүнэн уһун уутугар ылларбыта. Киһи сирэйин хаарыйар тымныылар түһэн эрэллэрэ. Ыга кыыһырбыт Гиззатулла балаҕан аанын хайа тардан ылбытыгар, иһирдьэ ыһыы-хаһыы, үөхсүү иһиллибитэ. Бастакынан Аргылла ойоҕо сиэх-аһыах курдук ойон тахсыбыта, ол эрээри Гиззатулла уотунан тымтар хараҕын көрөөт, эрин кэннигэр саспыта. Эр дьон өр батарыта көрсөн турбуттара, сибилигин утарыта ыстанан тоҥ сири тоҕута тэпсэн дуолан охсуһуу буолуох курдуга. Улахан сылабаар уута оргуйуон сөптөөх кэмэ ааспыта. Тыҥааһыннаах чуумпуну Аргылла саҥата аймаабыта. Кини эргиллэн ойоҕун хараҕын батары көрөн туран дьэбирдик:

– Хомун! – диэбитэ.

– Аргылла…

– Хомун диэтим дии!!!

Гиззатулла, эргиллэ түһээт дьиэтин диэки барбыта. Ытаан сирэйэ дарбайбыт Матифа кинини аара көрсүбүтэ.

– Бөрө уонна таба биир сиртэн уулаабаттар, – диэбитэ Гиззатулла кини ыйыппыттыы көрбүтүгэр.

Инньэ диэбитэ эрээри ити күнтэн ыла кинини кэмсинии уонна абарыы-сатарыы ааспат, арахпат санаата тууйа туппута. Убайга күүһүнэн өттөйүү дьиҥнээх эр киһи быһыыта буолбатах дии саныыра. Ол эрээри кини атаҕастабылы тулу­йар кыаҕа суоҕа, убайын ойоҕо аҕаларын алааһыттан үүрэ сатаан Матифаны үөҕэрэ, ытатара-соҥоторо сөп үһү дуо? Ама, Аргылла ойоҕун буойара сатаммат этэ дуо? Гиззатулла онто суох алаас саппыйатыгар көһөн дьиэ туттубута эбээт.

Кини хаһан даҕаны кыраны-кыамматы атаҕастаабатаҕа. Ааттаах атаһа, саха бөҕөһө Бараммат Байбалы кытары:

– Олохпут тухары кырдьык иһин охсуһуохпут, – диэн андаҕайбыттарын бу баардыы өйдүүр.

Гиззатулла киниттэн арыый аҕа саастаах, дуулаҕа күүстээх Байбал хас биирдии тылын, быһыытын-майгытын ис сүрэҕиттэн ылынара.

– Уонна туох да хом санаата суох кырдьыктаах дьыала иһин төбөбүтүн толук ууруохпут!

– Оннук, Эллэ! – Бараммат Гиззатулланы саха төрүтэ буолбут Эллэй Боотурга майгыннатан итинник ааттыыра. – Бу биһиги ытык андаҕарбыт!

– Ытык тылбыт! – Гиззатулла доҕорун этиитин чиҥэппитэ.

Хас да күн кини ыар санааҕа баттатан сылдьыбыта, онтон дьонун олоҕор барбыта. Ыраахтан балаҕан аана аҥайан турарын көрөн хаамыытын эбэн биэрбитэ. Дьиэ уорааннаах тымныынан аҥылыйа көрсүбүтэ.

…Бүгүҥҥү өрөгөйдөөх кыайыы кэнниттэн кини тоҕо ити бөрүкүтэ суох түгэни өйдөөн кэллэ. Аттыгар үөрүүгүн үллэстэр чугас дьонуҥ суох буоллахтарына, олох туох да ис хоһооно суох буолар быһыы­лаах. Ыар санааҕа баттатан олорон кини дьигис гынан ылла. Аттыгар Бараммат Байбал кэлэн турар эбит.

– Эҕэрдэлиибин! – диэтэ кини ис сүрэҕиттэн.

– Эйигин эмиэ, – Гиззатулла илиитин уунна.

– Бүгүн эн тоҕо эрэ соҥуорбут курдуккун ээ?

– Убайдарым, аймахтарым аттыбар суохтар. Ким да суох…

– Эн курдук халыҥ аймахтаах киһи суох, Боссоойко! – Бараммат сөбүлэспэтэ. – Хас биирдии саха киһитэ эн аймаҕыҥ, биир дойдулааҕыҥ…

Биирдэрэ таас көтөҕүүтүгэр, биирдэрэ тустууга кыайбыт икки бөҕөс аттарыгар бардылар. Күрэхтэһии күүрээниттэн өссө да уоскуйа илик дьон кинилэри атаараары үмүөрүстэ.

– Эһиил Бараммат таас көтөҕүүтүгэр киирсэр ини…

– Оттон Боссоойко тустууга…

– Кинилэр хаһан даҕаны утарыта күөн көрсүөхпүт суоҕа диэн тылларын бэрсибиттэр үһү ээ…

(Салгыыта бэчээттэниэ).

Татаардыыттан

Наиль Ишмухаметов,

нууччалыыттан Данил Макеев тылбаастаатылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0