Босхо Wi-Fi нөҥүө дьон харчытын уоруохтарын сөп

13.12.2019
Бөлөххө киир:

Уопсастыбаннай миэстэҕэ – аэропуорка, атыы-эргиэн кииннэригэр, тырааныспарга, кафеларга, гостиницаларга о.д.а. босхо Wi-Fi баар ситимигэр холбонор аны сэрэхтээх буолбутун туһунан иһитиннэрдилэр. IT-технологияны баһылаабыт түөкүттэр дьон дааннайын устан ылан, баан каартатыттан харчыларын уоруохтарын сөп.   

edersaas.ru

Ол туһунан ESET хампаанньа “Яндекс сонуннарыгар” сэрэттэ https://versia.ru/rossiyan-predupredili-ob-opasnosti-pri-podklyuchenii-k-besplatnomu-wi-fi . Күн бүгүн нэһилиэнньэ улахан аҥаара босхо Wi-Fi туһанар уонна маннык куттал баарын туһунан ситэ билбэт. Түөкүттэр илиилэригэр киирэн биэрбэт туһугар смартфоҥҥа хайаан да антивирус туруорар наадалааҕын уонна бэрэбиэркэлэммит эрэллээх Wi-Fi туһанарга ыҥыраллар.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0