Кэлиҥҥи сыыппараларга сигэннэххэ, Саха сиригэр бу сыл олунньутугар
27 889 киһи үлэтэ суох быһыытынан учуокка турара биллэр. Ити биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр балачча улахан сыыппара. Дьэ ол иһин, судаарыстыба араас суолу тобуларга сорунар. Олортон биирдэстэрэ – социальнай хантараагынан үөрэх.
Туһалаах бырагыраама
Социальнай хантараак Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2011 сылтан үлэлиир. Быйылгыттан социальнай хантараак бырагырааматыгар уларыйыылар киирбиттэр. Бу иннинээҕи сылларга дьон бэйэтэ ИП, хаһаайыстыба тэринэригэр, араас тэрили атыылаһан дохуот киллэринэригэр көмө көрүллэр эбит буоллаҕына, быйылгыттан үөрэххэ социальнай хантараак киирбит, судаарыстыбаттан утары үбүлээһин бэриллэр буолбут. Бу аата тугуй? Бу аата нэһилиэнньэ социальнай хантараак түһэрсэн босхо үөрэнэр кыахтанна. Ол курдук, кыра дохуоттаах дьону үөрэххэ ыытан үөрэттэрэллэр. Үөрэх уһуна үс ыйтан уһуо суохтаах итиэннэ уопсай суумата 30 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэхтээх диэн ыйаллар.
Балык оннугар – күөгү
Дьиҥэр, нэһилиэнньэ сөпкө этэр – судаарыстыбаттан биир кэмнээх биэстии, уоннуу тыһыынча биэриэхтэрин оннугар, үлэ булан биэрбиттэрэ ыыра ордук. Биир кэмнээх харчы аатыгар даҕаны этиллэринии “биир кэмнээх”. Онтон үлэ – бүтүн дьиэ кэргэн ый аайы дохуот киллэринэр суола. Онон бэлэм балыгы хаптаран биэриэхтээҕэр, күөгүнү биэрэн киһи бэйэтэ балыктаабыта туһалаах. Дьэ ол иһин, судаарыстыба, нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйар сыалтан араас суоллары тобулан үлэлэтэр.
Кимнээх үөрэтэллэрий?
Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай хантараагынан үөрэтиигэ нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоларын туһугар, былырыын тэриллибит СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин (ЦОПП) үөрэх тэрилтэлэрин биир былаһааккаҕа түмэр. Үөрэтии икки хайысханан барар. Ол курдук, бастакытынан, ирдэбилгэ сөп түбэһэр, бу иннинэ идэ ылбатах дьону оробуочай идэлэргэ (профессия рабочего) эбэтэр сулууспалаах дуоһунаһыгар (должности служащего) бэлэмнииллэр.
Иккиһинэн, орто уонна үрдүк үөрэхтээх дьону идэлэрин таһымын үрдэтэллэр итиэннэ саҥалыы бэлэмнииллэр (переподготовка), кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, урут ылбыт үөрэхтэригэр олоҕуран, саҥа сатабылларга үөрэтэллэр.
Хас тэрилтэ?
СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, социальнай хантараагынан, уопсайа, идэҕэ үөрэтэр 26 тэрилтэ (ПОО) уонна Национальнай мэдиссиинэ киинин иһинэн үлэлиир үөрэтэр киин бэлэмнииллэр. Манна өрөспүүбүлүкэҕэ баар орто анал үөрэх тэрилтэлэрин үгүстэрэ хапсаллар. Ол курдук, Дьокуускай куорат уокуругар — 14, Саха сирин соҕуруу өттүгэр – 1, Саха сирин арҕаа өттүгэр – 4, Саха сирин киин улуустарыгар – 7, Саха сирин илин өттүгэр –1, Саха сирин хоту өттүгэр – 1 үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэниэххэ сөп. Өскөтүн Саха сиригэр түөрт уонтан тахса орто үөрэх тэрилтэтэ баар эбит буоллаҕына, итинтэн улахан аҥаара социальнай хантараакка үлэлэһэр. Онон, этэргэ дылы, киһиттэн баҕа санаа эрэ ирдэнэр.
Ханнык идэлэр?
Аны ханнык идэлэргэ үөрэтэллэрий диэн үгүс киһи сэҥээрбит буолуохтаах. СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин саайтыгар ыйылларынан, уопсайа, 450-ча куруус баар. Куурустарга олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) уонна ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэтэллэр. Күннээҕи олоххо ирдэнэр асчыт, сыбаарсык, баттах кырыйааччы, иистэнньэҥ, араас категориялаах суоппар идэтиттэн саҕалаан, хочуолунай операторыгар, хайа оробуочайыгар оннооҕор веб-разработчикка тиийэ баар.
Барыстаах:
— босхо үөрэнэр
— айанын төлөбүрүн уйуналлар
— ыйдааҕы төлөбүр (истипиэндьийэ) көрүллэр
— үлэнэн хааччыллар эбэтэр дохуот киллэринэр кыахтанар
Туох ирдэбил?
Социальнай хантараагынан үөрэххэ киһи барыта хапсыбат. Бу көмөнөн дьиэ кэргэн эбэтэр соҕотох олорор киһи туһанар кыахтаах. Маныаха кэккэ ирдэбиллэрдээх. Бастакытынан, Саха сиригэр олорор, бэлиэтэммит (пропискалаах) буолуохтаах. Иккиһинэн, хамнаһа Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуохтаах. Үсүһүнэн, ИП уонна юридическай сирэй быһыытынан учуокка турбатах буолуохтаах.
СӨ бырабыыталыстыбатын уурааҕар олоҕуран, 2021 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ өрөспүүбүлүкэҕэ 18 368 солкуобайга, бастакы зонаҕа 21 438 солкуобайга, иккис зонаҕа 18 008 солкуобайга тэҥнэһэр.
“Тырааныспар тиэхиньикумугар ыҥырабыт”
Тырааныспар тиэхиньикумун дириэктэрэ Николай ИВАНОВ:
— Билигин социальнай харысхал управлениета ирдэбилгэ сөп түбэһэр туһааннаах араҥаттан (целевой категория) – кыра дохуоттаах дьиэ кэргэнтэн, соҕотох олорор дьонтон сайаапка хомуйар. Хамыыһыйа көрөн хапсалларын дуу, хапсыбаттарын дуу быһаарар, сөбүлэһэр буоллахтарына хантараак түһэрсэллэр. Итиэннэ биһиги үөрэхпит тэрилтэлэригэр бүддьүөт суотугар босхо ыытан үөрэттэриэхтэрин сөп.
Биһиги үөрэхпит тэрилтэтэ – Аллараа Бэстээхтээҕи тырааныспар тиэхиньикума атын кыһалары сэргэ социальнай хантараагынан дьону үөрэтэр. Холобур, сыбаарсык, суоппар, асчыт, кондитер, вагон арыалдьыта (проводник вагона), баттах кырыйааччы, силиэсэр, токарь, иистэнньэҥ, о.д.а. элбэх идэҕэ биир ыйтан үс ыйга диэри болдьохтоох үөрэтэбит, бырагырааматыттан тутулуктаах. Тустаах бырайыакка хапсар дьон тугу да төлөөбөттөр, босхо үөрэнэллэр. Үөрэммит дьон урбаанньыт да быһыытынан үлэлиэхтэрин сөп. Онон биһиги тиэхиньикуммутугар кэлэн үөрэнэргитигэр ыҥырабыт.
Дьону хомуйдубут даҕаны үөрэппитинэн барыахпыт. Мин көрдөхпүнэ, иһитиннэрии нэһилиэнньэҕэ ситэ тиийэ, дьон толору өйдүү илик быһыылаах.
Ханна билсэбит?
Тустаах бырагырааманан үөрэниэн баҕалаах Дьокуускай куорат олохтоохторо олорор сиргит быраабатыгар (Управа), онтон улууска олорор дьон олохтоох дьаһалтаҕа тиийэн билсэҕит. Бырагыраамаҕа хапсар буоллаххытына социальнай харалта управлениета эһигини кытта сөбүлэҥ түһэрсэр уонна үөрэххэ ыытар. Салгыы үөрэх тэрилтэтин кытта дуогабар түһэрсэҕит итиэннэ докуомуоҥҥутун управлениеҕа тиксэрэҕит.
Түмүк
Copp14.ru cаайтка ханнык тэрилтэ, ханнык кууруска үөрэтэрэ барыта ыйылла сылдьар. Интэриэһиргээбит дьон ити саайтка “Соцконтракты” баттаан, киирэн билсиэххитин уонна бүгүҥҥү күҥҥэ ирдэнэр идэлэргэ үөрэнэн үлэ булуоххутун, дохуот киллэриниэххитин сөп.
Социальнай хантараак туһунан сүбэни-аманы
8-800-222-41-40 (эбии.1), 8 (924) 460-22-60 төлөпүөн нүөмэрдэринэн билсиэххитин сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: https://komiinform.ru/news/209779