Босхо үөрэххэ ыҥыраллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Содействие занятости” федеральнай бырайыак иитинэн Саха сирин олохтоохторун үлэнэн хааччыйар инниттэн араас куурустарга босхо үөрэтэллэр.

edersaas.ru

“Содействие занятости” федеральнай бырайыак Саха сиринээҕи координатора, СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киинин даннайдары салайар дирекциятын аналитига Күннэй Бетюнская:

— “Содействие занятости” бырайыак “Демография” национальнай бырайыак иһинэн 2021-2024 сс. үлэлиир. Бырайыакка быйыл кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, тэрилтэлэрэ ыһыллан дуу, сарбыйыыга түбэһэн дуу үлэлэриттэн уурайаары сылдьар (работники под риском увольнения) үлэ биэрээччиттэн уурайарын туһунан иһитиннэриини  илиилэригэр туппут дьон босхо үөрэниэхтэрин сөп. Итини таһынан, быйылгыттан 35-гэр диэри саастаах ыччаты үлэнэн хааччыйар инниттэн, үөрэххэ хабар эйгэ кэҥээтэ (аармыйаттан кэлбит үлэтэ суох эдэр дьон, үөрэҕин кэнниттэн түөрт ый устата үлэ булбатах дьон, 35-гэр диэри саастаах үлэтиттэн уурайаары сылдьар (работники под риском увольнения) үлэ биэрээччиттэн уурайарын туһунан иһитиннэриини (уведомление) илиилэригэр туппуттар, быйыл үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьааччылар) хапсаллар. Холобур, үлэ биэрээччи эбии үөрэх ирдэнэр диир түгэнигэр быйыл үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьар устудьуоннар (үрдүк, орто үөрэхтэн тутулуга суох) үөрэниэхтэрин сөп.

Кимнээх үөрэниэхтэрин сөбүй?

  1. 35-гэр диэри саастаах ыччат:

— аармыйаттан кэлбит үлэтэ суох эдэр дьон;

— үөрэҕин кэнниттэн түөрт ый устата үлэ булбатах дьон;

— 35-гэр диэри саастаах үлэтиттэн уурайаары сылдьар (работники под риском увольнения) үлэ биэрээччиттэн уурайарын туһунан иһитиннэриини (уведомление) илиитигэр туппуттар;

— быйыл үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьааччылар.

  1. Үһүгэр диэри саастаах оҕолорун көрөн олорор ийэлэр.
  2. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолордоох үлэлээбэт дьахталлар.
  3. 50-тан үөһэ саастаах биэнсийэлээх дьон.
  4. Биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар дьон (предпенсионеры).
  5. Үлэлээх буолуу уорганыгар турбут үлэтэ суох дьон.
  6. Үлэлэриттэн уурайаары сылдьар (работники под риском увольнения) үлэ биэрээччиттэн уурайарын туһунан иһитиннэриини (уведомление) илиитигэр туппут дьон.

Ханнык идэлэр баалларый?

Саха сирин олохтоохторун үлэнэн хааччыйар соруктаах бырайыак буолан, хайысхата киэҥ. Оробуочай идэ, экэниэмикэ, АйТи, о.д.а. хайысха үгүс эбит.

Куурустары, үөрэхтэри Саха сиринээҕи үөрэх тэрилтэлэрэ ыыталлар. Бөлөх туолла даҕаны үөрэтэн саҕалыыллар. Үөрэх хайдах көрүҥүнэн барара (очно, дистанционно), хас чаастааҕа ханнык бырагырааманы талбыттарыттан тутулуктаах. Икки нэдиэлэттэн үс ыйга диэри үөрэнэллэр.

Саамай сүрүнэ диэн, манна үөрэнэр дьон икки уонна үс өрүттээх дуогабары түһэрсэллэр. Үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ үлэнэн хааччыллаллар эбэтэр бэйэлэрэ дьыала арыналлар.

Сайаапканы хайдах биэрэбит?

Сэҥээрбит дьон сайаапкаларын РАБОТАВРОССИИ портал нөҥүө хаһан баҕарар ыытыахтарын сөп. Манна киирэн: Содействие занятости диэни баттаан бырагырааматын талаллар, Судаарыстыбаннай өҥө порталын (Госуслуги) нөҥүө авторизацияланаллар, анкетаҕа ирдэнэри барытын толороллор, сайаапканы ыыталлар.  Сайаапка Үлэлээх буолуу киинигэр тиийэр. Тустаах киин сайаапканы ыыппыт киһи бу категорияҕа чахчы сөп түбэһэрин-түбэспэтин бэрэбиэркэлиир. Салгыы ыйбыт электроннай аадырыстарыгар иһитиннэрии тиийэр. Исписэлиистэр быһаарбыттарынан, сайаапкаларын биэрбит дьон үс күн иһигэр Үлэлээх буолуу киинигэр тиийиэхтээхтэр эбит. “Үс үлэ күнүн иһигэр биллибэтэхтэринэ сайаапкалара бырагырааматтан (автоматически) тахсан хаалар. Иһитиннэрии электроннай буочтаҕа тиийэр буолан, электроннай аадырыстарын сөпкө суруйаллара уонна кэмиттэн-кэмигэр киирэн бэрэбиэркэлииллэрэ ирдэнэр, ким даҕаны төлөпүөннээбэт” – диэн чопчулаан биэрдилэр.

Сиһилии ыйыыны-кэрдиини телеграмҥа ханаалларыгар https://t.me/newsCZ22 киирэн билсиэххитин сөп.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0