Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2016 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр илии баттаан бигэргэппит “Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук састаабыгар киирсэр Россия Федерациятын субъектарын сиригэр-уотугар судаарыстыбаннай итиэннэ муниципальнай бас билиигэ баар сир учаастактарын гражданнарга биэрии уратытын уонна Россия Федерациятын сорох сокуоннарын актатыгар уларытыылары киллэрии туһунан” сокуона үс түһүмэҕинэн киллэриллибитэ.
Бастакыта 2016 сыл бэс ыйыттан, иккиһэ алтынньыттан саҕаламмыта. Ити кэм устата Уһук Илин федеральнай уокурук олохтоохторо эрэгийиэннэрин иһигэр сир учаастагын быстаран ылар бырааптаммыттара. Кинилэр ылан бүппүттэрин кэнниттэн, ол эбэтэр 2017 сыл олунньутуттан (сокуону үһүс түһүмэҕэр), “иллэҥ сиртэн” биир гектары дойду хайа баҕарар муннугар олорор дьон ылаллара көҥүллэммитэ.
Уокурук үрдүнэн 105 тыһ. сайабылыанньа
Саха Өрөспүүбүлүкэтин баайга-дуолга, сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтин чахчытынан, 2017 сыл сэтинньи 17 күнүнээҕи туругунан, Уһук Илин федеральнай уокурук үрдүнэн “босхо гектары” ылыыга барыта 105 тыһ. 841 сайабылыанньа киирбит. Итинтэн 24 тыһ. 836-тын дьон төттөрү ылбыт, 7 тыһ. 66 сайабылыанньа көрүүгэ сылдьар, 33 тыһ. 648 сайаапкаҕа аккаас бэриллибит, 8 тыһ. 16 сайаапкаҕа сири биэрэр туһунан быһаарыы саҥа тахсыбыт, 32 тыһ. 176 сайаапкаҕа дуогабар оҥоһуллубут, уоннааҕыларга дуогабар оҥоһулла сылдьар эбит.
Эрэгийиэннэринэн көрдөххө, Приморье кыраайыгар — 41 тыһ. 872, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр — 18 тыһ. 515, Хабаровскай кыраайга – 16 тыһ. 94, Сахалиҥҥа – 13 тыһ. 156, Амур уобалаһыгар 7 тыһ. 355, Камчаткаҕа – 3 тыһ. 938, Еврей автономнай уобалаһыгар – 2 тыһ. 179, Магадаҥҥа – 1 тыһ. 876, Чукоткаҕа 351 сайабылыанньа киирбит.
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр
18 тыһ. 515 сайабылыанньа киирбититтэн 3 тыһ. 219-һун төттөрү ылбыттар, 7 тыһ. 856 сайаапка көрүллэн, сир учаастагын биэрэр туһунан быһаарыы ылыллан, 5 тыһ. 216 дуогабар оҥоһуллубут, атыттарга оҥоһулла сылдьар. Бу дьон ылбыт сирдэригэр сайылык туттар, хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын үүннэрэр былааннаах үлэни-хамнаһы саҕалаан эрэллэр.
Ордук элбэх сайабылыанньа Хаҥалас улууһугар (4 тыһ. 132), Аммаҕа (1 тыһ. 526), Намҥа (1 тыһ. 189), Бүлүүгэ (1 тыһ. 4) киирбит, ол эбэтэр дьон киинтэн чугас, өҥ сирдээх-уоттаах, үлэни-хамнаһы тэрийэргэ табыгастаах сирдэригэр талаһар эбит. Ити эрээри, куораты сыттана сытар Жатайга үс эрэ киһи сайабылыанньа биэрбит. Хотугу уонна Арктика улуустарыттан сир учаастагын көрдөөһүн намыһах: Анаабырга, Өлөөҥҥө иккилии, Усуйаанаҕа үс, Аллараа Халымаҕа 17 киһи сир ылыах буолбут.
Атын эрэгийиэннэртэн сир ылыан баҕарааччы суох буолбатах. Сүрүннээн киин уобаластартан (онно төрүт олохтоохтор эбэтэр мантан тиийэн олохсуйбут бэйэбит дьоммут буолаллара чуолкайа биллибэт) Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Дьокуускай, Мииринэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыттан 190 сайаапка киирбититтэн 26 киһи дуогабардаспыт.
“Саха гектара”
“Уһук Илиҥҥи гектары” таһынан “саха гектарын” ылыахха эмиэ сөп. Ил Дархан өссө былырыыҥҥы Анал этиитигэр “саха гектара” — саҥа сирдэри, быраҕыллыбыт бааһыналары, ходуһалары чөлүгэр түһэрии, ыраах учаастактары туһаҕа таһаарыы буоларын бэлиэтээбитэ. Бу бырайыагынан чааһынай ыалларга “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр гражданнар кэтэх хаһаайыстыбаларын туһунан” сокуон чэрчитинэн, 2,5 гектар сир, оттон үлэни-хамнаһы тэринэр бааһынай хаһаайыстыбаларга өрөспүүбүлүкэтээҕи Сир Кодексатын 31-с ыстатыйатын 2-с пуунугар олоҕуран, 20 гектар сир бэриллэр. “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрү оҥорор элбэх функциялаах киин” аптаныамынай тэрилтэҕэ ”саха гектарынан” 153 киһи сүбэ-ама ылбыт, 20 киһи сайабылыанньа биэрбититтэн иккитэ аккаастаммыт, атыттар сөбүлэһиигэ сылдьаллар.
Аккаас төрүөтэ-төбөтө
Барыта 18 тыһ. 515 сайабылыанньа киирбититтэн 7 тыһ. 226 сайаапкаҕа аккаас бэриллибит. Бу сүрүн төрүөтүнэн Биир кэлим судаарыстыбаннай реестр (Росреестр) хаартата элбэх араастаһыылааҕа, сыыһалааҕа-халтылааҕа итиэннэ федеральнай иһитиннэрэр ситим (ФИС) хаартатыгар эрдэ учуоттаммыт сир учаастага ойуур сирин кытары ханан быысаһара биллибэтэ, 2015 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри бигэргэммит учаастактар ойуулара да, территорияларын былааннааһыннара да суоҕа буолбут. (Өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата “НаДальнийВосток.рф” ФИС бырагырааматыгар маннык чахчылары элбэҕи булбут). Хаартаҕа сир ньуура көстүбэт буолан, сорохтор баҕалаах учаастактарын сыыр, мыраан быарыгар “уруһуйдаан” баран, кэлин сайабылыанньаларыттан аккаастанар эбиттэр.
Бу туһунан кэпсэтии сэтинньи 21 күнүгэр Ил Түмэн бырабыыталыстыбаннай чааһыгар «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан итиэннэ Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» Федеральнай сокуону олоххо киллэрии туһунан боппуруоһу дьүүллэһиигэ таҕыста.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru