Босхо эмкэ 57,2 мөлүйүөн солкуобай кэлиэҕэ

Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэргэ 5 миллиартан тахса солкуобайы коронавируснай инфекцияны утары босхо эминэн хааччыйыыга ыытыаҕа. Тустаах ыйаахха премьер Михаил Мишустин илии баттаата.

Бу үп бырабыыталыстыба хаһаас пуондатыттан барыаҕа. Онон балтараа мөлүйүөн кэриҥэ киһини босхо эминэн хааччыйар былааннаахтар. Бу эмп ыалдьан баран, дьиэҕэ олорон эмтэнэр дьоҥҥо ананар.

Михаил Мишустин бэлиэтээн эппитинэн, дойдуга эпидемиологическай балаһыанньа уустук, күннэтэ 20 тыһыынчаттан тахса киһи ыалдьа турар. Үгүстэр быраас кэтээн көрүүтүнэн, дьиэлэригэр олорон эмтэнэллэр.

Саха сиригэр 57,2 мөлүйүөн солкуобай кэлэрэ күүтүллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: rg.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0