СӨ Тутуутун министиэристибэтин иһинэн нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлэ суох араҥатын дьиэнэн хааччыйарга судаарыстыбаннай бырагыраамалар бааллар. Ити курдук дьиэ-уот атыылаһарга, эбэтэр туттарга судаарыстыба көмөтө улахан. 2-5 мөлүйүөҥҥэ диэри буор босхо кэлбит үпкэ куоракка кыбартыыра атыылаһыахха, өлүүлэһэн тутууга киириэххэ, эбэтэр дьиэ туттуохха сөп.
Холобур, өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэтэрээннэрин, кинилэргэ киирсэр кырдьаҕастары, төгүрүк тулаайахтары, ийэ-аҕа көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору, биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары, хотугу эргимтэ оройуоннарыттан көһөн барааччылары дьиэнэн хааччыйаллар. Эбэтэр олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар харчынан көмө биэрэллэр.
2018 сыл алтынньытыгар Ил Дархан Айсен Николаев СӨ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын сүрүн хайысхатыгар ыйаах таһааран, кэнники сэттэ сылга хаһан да көрүллүбэтэх улахан үп көрүллэн, сүүстэн тахса элбэх оҕолоох ыал дьиэтин кэҥэттэр кыахтаммыта.
Ол курдук, биэс уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох 117 дьиэ кэргэн былырыын 2-5 мөлүйүөн солкуобайга диэри судаарыстыбаттан көмө харчы ылбыта.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru