Босхо дьиэ ылалларыгар үбүлээһин улаатта

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр бэлиитикэни инники күөҥҥэ тутабын диэн эттэ. Муниципальнай тэриллиилэр сэбиэттэрин VIII сийиэһигэр бу хайысханан кэккэ миэрэлэри ылынарын иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ биэстэн элбэх оҕолоох 1760 ыал босхо дьиэ ылар уочаракка турар. Улахан оҕолоро 18 сааһын, үөрэнэр буоллаҕына, 23 сааһын туоллаҕына, оҕо ахсаана көҕүрээн биэрэр. Онон уочараттан тахсан хаалыахтарын сөп.

Урукку сылларга бу бырагырааманан сылга 20-чэ мөл. солк. көрүллэр буолара. Ол эбэтэр, сылга 5-6 эрэ ыал дьиэ ылар кыахтааҕа. Арай, бу сылга 100 мөл. солк. көрүллэн, суума биэс төгүл үрдээбитэ.

Айсен Николаев биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ атыылаһалларын, эбэтэр тутталларын үбүлүүр бырагыраамаҕа 250 мөл. солк. көрүллүөхтээҕин туһунан эттэ. Ону тэҥэ, улахан оҕолоро 23 сааһын туолбутунан, уочараттан тахсыбыт ыаллары хос киллэрэри ирдээтэ.

Ил Дархан ыам ыйын 1 күнүгэр диэри бырабыыталыстыбат бу төлөбүр бэрээдэгин чопчулууругар уураахтаата. Кини этиитин өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрэ олус үөрэ иһиттилэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ”, edersaas.ru

Ыспыраапка

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2018 сыл саҥатыгар 26174 элбэх оҕолоох (сокуоннай саастарын туола илик) дьиэ кэргэн баара бэлиэтэммит. Кинилэртэн биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара – 3023.

2012 сылтан ыла биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара элбээн иһэр. Бу сыл саҥатыттан кинилэри дьиэнэн хааччыйар бырагыраамаҕа номнуо 150 саҥа сайаапка киирбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0