2019 сылы спорт уонна туһалаах дьарыктаах саҕалыаҕыҥ. Дьокуускай куоракка мантан инньэ хас нэдиэлэ ахсын ханнык баҕарар спорт комплексыгар босхо сылдьыахха сөп.
Олунньу ыйтан Саха сирин Спорка министиэристибэтин бары спортивнай комплекстара (“Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһа, “Чолбон”, “Эллэй Боотур”, “Модун”, “Туймаада”, “Самородок” уо.д.а. хас нэдиэлэ ахсын Аһаҕас аан күнүн хас биирдии дьарыктаныан баҕалаах киһи манежка босхо сүүрэрин, бассейҥҥа харбыырын, эрчиллэр саалаҕа сылдьарын, ону тэҥэ оҕотун спорт араас көрүҥнэригэр секцияҕа суруйтарарын туһугар ыытыахтара!
Биһиги көмөлөһүөхпүт:
— Спорт хайа көрүҥүнэн эн уонна оҕоҥ дьарыктанарыгар;
— иллэҥ бириэмэтин туһалаахтык уонна сэргэхтик атаарарыгар.
Эһиги билиэххит:
— биһиги спорткомплекстарбыт хайдах үлэлииллэрин;
— физкултуура уонна спорт ханнык хайысхаларын сэргиилэрин;
— тириэньэрдэр-инструктордар састааптарын.
Маннык Аһаҕас аан күннэрин ыытыы үтүө үгэһинэн буолуо уонна хас ый ахсын ыытыллыахтара! Ол эбэтэр дьарыктаныан баҕалаахтар хас нэдиэлэ ахсын спорткомплекстарга физическэй култууранан уонна спордунан дьарыктаныахтара.
2019 сыл олунньу ыйыгар Аһаҕас аан күннэрин болдьоҕо (график ый ахсын саҥардыллыаҕа, онон биһиги саайтарбытыгар уонна социальнай тиһиктэргэ сонуннары билсиҥ):
Олунньу 10 уонна 24 күннэрэ, “Чолбон” сөтүөлүүр бассейн
09.00-тан 13.45 диэри, мед ыспыраапкалаах, дьиэ кэргэнинэн сылдьыыга 2 суол
Ыйытар төл: 40-28-12
Олунньу 10 күнэ, Р.М.Дмитриев аат. Олимпийскай эрэл училищетын спортивнай саалата
09.00-тан 18.00 диэри, эрчиллэр саала
Ыйытар төл: 33-22-77
Олунньу 17 күнэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи дуобат-саахымат киинэ
1 этээс, 10.00-тан 16.00 диэри дуобаты уонна саахыматы таптааччылар көҥүл дьарыктаналлар;
2 этээс 10.00-тан саахымакка тэҥинэн оонньооһун сеанса, 14.00-тан дуобакка тэҥинэн оонньооһун сеанса;
3 этээс 10.00-тан саҥа саҕалааччыларга саахымат дьарыга, 14.00-тан дуобакка саҥа саҕалааччыларга дьарыктары ыытыы.
Ыйытар төл.: 89141171626
Олунньу 24 күнэ, “Кыайыы 50 сыла” СД
Остуол тенниһэ: 09.00-10.20, 10.30-11.50, 12.00-13.20;
Волейбол: 09.00-10.20, 10.30-11.50, 12.00-13.20;
Баскетбол: 09.00-10.20, 10.30-11.50, 12.00-13.20;
Футбол: 15.00-15.50, 16.00-16.50, 17.00-17.50.
Эрдэттэн суруйтарыы ыытыллар: 42-04-19
Олунньу 24 күнэ, “Модун” спортивнай саала
Манеж: сарсыардааҥҥы сэрээккэ 06.00-тан 09.00;
Универсальнай саала: волейбол 09.00-тан 13.00;
Универсальнай саала: баскетбол уонна стритбол 14.00-тан 18.00;
Сиэркилэлээх саала: национальнай остуол оонньуулара 09.00-тан 18.00;
Манеж: чэбдигирдэр сүүрүү 09.00-тан 18.00
“Хапсаҕай” тустуу саалата: “хапсаҕай” тустуу 09.00-тан 18.00;
Мас-рестлинг саалата: мас тардыһыы 09.00-тан 18.00 диэри;
Сиэркилэлээх саала: фитнескэ дьарыктаныы 09.00-тан 14.00