Өлүөнэ өрүс уҥа биэрэгин кэрийэ барар кэрискэ быраан быстан ылбыт хотоолун хонноҕугар, билигин Төхтүр бөһүөлэгин миэстэтигэр, Сууллар быраан анныгар кыргыс үйэтигэр өлөрсүү-өһөрсүү, кыа хаан тохтуута буолбута диэтэххэ, билигин ким да итэҕийимиэҕин курдук. Ити туһунан П.П. Кривогорницын-Наҕыл Байбал (1896—1991) кэпсээбит үһүйээнин уларыппакка эрэ кылгатан кэпсиэм, онтон историческай чахчыларга олоҕуран кэҥэтиэм, сорох сабаҕалааһыннары да оҥорон түмүктүөм этэ.
Биир саас билиҥҥи Төхтүр сиригэр тас үөс аттынааҕы Хара Үөт саҕатыгар сүүрбэччэ буор үүтээннээх (холомолоох) дьон баар буола түспүттэр. Балачча сылгы, аҕыйах ынах сүөһүлээх эбиттэр. Бу дьон сайын от-мас сар кутуруга буолуута, анды оҕото түөрт харахтаныыта оттууллар. Отторун илиилэринэн үргээн, түүтэхтии баайа-баайа, сүөһү сиэбэт сиригэр ыйаан иһэллэр. Бу сиргэ саас уонна күһүн бырдахтан куотан, таба сүөһүлээх эбээннэр киирэн быстахтык олоро түһэн ааһаллар. Олору кытта атааннаспакка, үчүгэйдик олорбуттар. Баһылыктарын аата Бодойон Дьанады диэн эбитэ үһү. Сайынын балыктаан, кустаан, күһүнүн уонна кыһынын куобахтаан аһылык эбинэр үгэстээхтэр. Сүөһүлэрин этинэн эмсэхтэнэн, үүтүнэн уонна кымыһынан утахтанан, быһыннахтарына от-мас аһылыктанан олорбуттар. Тоһоҕо маска талаҕы хатыйа өрөн, үүтээннэрин оҥостоллор. Быһаҕаһыгар диэри буорунан көмөллөр, үөһэ өттүн буорунан сыбыыллар. Сайынын чарт, кыһынын муус түннүктэнэн сырдатыналлар. Ынах уонна сылгы тириитэ таҥастаахтар эбит. Олохтоох дойдулара Баай Күөл диэн эбит, хайа эрэ омук сэриититтэн атах балай куотан, Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүстэри батыһан кэлбиттэр. Бэйэлэрин саха омук бииһин ууһабыт дэнэллэр. Оччолорго сири-уоту, баайы-дуолу былдьаһан, бэйэлэрин эсиһэн кэбиһэр идэлээхтэрэ. Ити кэми кыргыс үйэтэ диэн ааттыыллар.
Бодойон Дьанады бэйэтин үйэтигэр сэриитэ-айдаана суох олордоҕуна, арай, биир сайыҥҥы сарсыарда Сууллар Быраан үрдүгэр уот бөҕө оттуллан, буруо-тараа унаарыйан тахсыбыт. Элбэх аттаах сэрии дьоно кэлбиттэрэ биллибит. Бу кэмҥэ Бодойон Дьанады сааһыран, кырдьа барбыт киһи эбит. Биллэр-көстөр оҕото диэн, икки орон устата тыылыы тэбэн сытар улахан унуохтаах Босхоҥ Боруохал диэн кыайан хаампат уоллаах. Онтуката үчүгэйдик кыайан саҥарбат, айаҕар ас кутан биэрдэххэ эрэ аһыыр, түөрт уончалаах киһи. Ол да буоллар, бэйэтигэр холоонноох сэрии сэбин-сэбиргэлин үрдүгэр истиэнэҕэ ыйаан туруораллара үһү. Сэрии буолаары гыммытыгар, дьон хорсун өттө сэриилэһэрдии тэринэллэр. Дьон дьодьоҕон өттө хара үөттэрин быыһыгар саһардыы санана олордохторуна, биир аттаах киһи бырааны таҥнары сүүрдэн түспүт. Ол түһэн, олохтоох дьон баһылыктара Бодойон Дьанады дьиэтин чаампытын батыйа иэдэһинэн таһыйан бачыгыраппыт. Дьиэлээх оҕонньор сэриитин таҥаһын таҥнан, сэбин-сэбиргэлин илиитигэр тутан тахсан кэлбит. Онуоха аттаах киһи: «Мин тойонум Мөҥүрүөн Бөҕө итэҕэллээх киһитэ, сорукка сылдьар суорумньута буолабын. Биһигини Най Хара сэриитэ киһибитин-сүөһүбүтүн кырган, баайбытын- дуолбутун былдьаан, сирбититтэн-дойдубутуттан үүрдэ. Ол иһин, өрүс эҥээрдээх үтүө дойдуга үөскээбит Бодойон Дьанады төрүт Төхтүрүн киһитин-сүөһүтүн төбө тыырар аҥаарын биэрэр буоллаҕына, ыаллыы буолан ыксалаһан, өлөр-хаалар күҥҥэ өрүһүйсэ олоруохпут. Оттон көҥүл өттүнэн биэрбэт буоллаҕына, хара хаанын тоҕон, халыҥ тириитин хайытан, дьонун-сэргэтин сэймэктээн ылыам диэн илдьит ыытар. Онон эйэтин дуу, көнчүтүн дуу этэ оҕус», — диэн хаһыытыы былаастаан эппит.
Бодойон Дьанады киил мас курдук кэдэччи тартаран, хатыҥ мас курдук ханарыччы тартаран, хаһыы аҥаардаах харда биэрбит: «Мин даҕаны Одун Хаантан оҥоһуулаах, Чыҥыс Хаантан ыйаахтаах Омоҕой Баай удьуорабын, Эллэй Боотур сиэнэбин. Мөҥүрүөн Бөҕө от курдук охсуом, мас курдук кэрдиэм диэн баттыгаһынан өттөйбөтүн. Сарсын сарсыарда күлүмнүүр күн ойуур баһыгар ойон тахсыыта күүспүтүн холоһуохпут. Хара санаалаахтар Суола халдьаайы өттүгэр, олохтоохтор бэтэрээ өттүгэр утарыйдахпыт».
Ол түүн олохтоохтор хас да сылгыны сүүрдэ сылдьан сүнньүлэрин анньан, хаамтара сылдьан хааннарын таһааран өлөрбүттэр. «Өлөр кэриэс аспытын аһаатахпыт», — диэн ким төһөнү кыайарынан үөлэн-үтэн аһаабыттар-сиэбиттэр. Сарсыарда эрдэ хоһууннарын хомуйан, бэртэрин бэрийэн, Сууллар Быраан аннынааҕы ырааһыйаҕа тиийбиттэр. Мөҥүрүөн Бөҕө сэриитэ өһөхтөөх өлөрсөр сэптэрин өрө тутан кэтэһэн тураллара үһү. Үгүстэрэ да үлүгэр эбит.
Сэрии ытыалаһыыттан саҕаламмыт. Анараа дьон сэриигэ үөрүйэх буолан, оххо олох таптарбаттар, ыталлара да ордук курдук буолан барбыт. Ол саҕана, ытыстарын ортотугар ынах сүөһү муоһун баайан, оҕу онно түһэрэн ылар албастаахтара үһү. Күн тэмтэйэ ойуор диэри ытыаласпыттар, онтон икки өттүттэн сөбүлэһэн, аһаан кэлэргэ кэпсэппиттэр. Олохтоохтор куула хонууга тахсан бэрэбиэркэлэнэн көрбүттэрэ, икки-үс киһи өлбүт, бааһырбыттар балачча элбээбиттэр эбит. Онон кыайтарар куттал сибикитэ биллибит.
Ити кэмҥэ оҕо-дьахтар аймах малларын-салларын сыыһын, сүөһүлэрин-астарын ыт мунна баппат хара үөттэрин иһигэр кистээбиттэр. Дьиэҕэ соҕотох Босхоҥ Боруохал хаалбытыгар ийэтэ эмээхсин атыыр оҕуһу көлүйэн кэлэн, аан айаҕар туора тартарбыт. Дьиэтигэр киирэн уолун көтөҕө сатаан көрбүт даҕаны кыайбатах. Онтон ытаан-ытамньыйан: «Мөҥүрүөн Баай сэриитэ кэлэн бар дьоммутун кырган-кыдыйан эрэр. Атын эбитэ буоллар, абыраатаргын эн абырыаҥ этэ. Онтукайбыт, саатар, бэйэтин тыынын тэскилэтэр кыаҕа суох киһи, туох иннигэр төрөөбүтүҥ буолуой…», — диэн суламмыт-суҥхаммыт. Онуоха уола оронугар олоро туспут: «Дьуо-дьаа… сэрии даа… », — диэбит. Итиэннэ икки илиитин сутуруктуу тута сылдьарын тобугар бигээн тарбахтарын көннөрбүт, онуоха үрүҥ иһэгэй хаан бөлүөҕэ таммалаабыт. Ол икки ардыгар өрө ыстанан сэриитин сэбин харбаан ылбыт да, ийэтин дьөлө түһэн кэбиспит уонна таһырдьа ат буолан тахсан иһэн, атыыр оҕуһун үҥүүтүнэн дьөлө анньан ылан дьиэтин үрдүгэр элиппит. Уонна түөрт атах буолан сүүрэ турбут… Ону Бодойон Дьанады дьоно көрөн: «Тойоммут дьиэтиттэн холорук турда, куһаҕан бит», — дэспиттэр. Дьон хараҕа онтон арахпатах. Сотору сорохтор: «Ыҥыырын өрөҕөтүгэр түһэриммит ат сүүрэн иһэр», — диэбиттэр. Арай кэлин тойонноро: «Киһи ээ, киһи… били мин босхоҥ уолум ат буолан сүүрэн иһэр…» — диэбит.
Ити кэмҥэ Мөҥүрүөн Бөҕө сэриитэ, аһаан баран тоҕо анньан киирэн, үрэх аттыгар тоһуйа туралларыгар Босхоҥ Боруохал ууну ортотунан утары сүүрэн тахсыбыт. Ытар охторун ытыһынан сабыта охсуталаан испит. Үҥүүнэн түһэн, өлөр сирин булларбатахтар, батыйанан охсон, кыһыл хаанын таһаарбатахтар. Оттон Босхоҥ Боруохал өстөөхтөрүн, үгүрүөлүү-үгүрүөлүү үлтү сыспыт, кус оҕолорун курдук кумалаабыт. Мөҥүрүөн Бөҕө сэриитэ куоппут. Ону эккирэтэ сылдьан умса-төннө түһэрэн эрдэҕинэ, аҕата ааттаһан тохтоппут: «Сэттээх-сэлээннээх буолуо, куоппуту өлөрүмэ, барбыты эккирэтимэ», — диэн. Онно эрэ тохтообут.
Кэлин өлбүт дьоннорун хомуйа сылдьан, биир Боҕуулай диэн киһи дулҕа быыһыгар умса түһэн саһа сытарын булан ылбыттар. Өлөрбөтөхтөр, бэйэлэригэр холбообуттар. Мэлдьэхси нэһилиэгэ тэриллиитигэр Мөҥүрүөн диэн аҕа ууһун баһылыгынан анаабыттар. Ол аҕа ууһа кэлин 200-чэкэ киһилэммит.
Босхоҥ Боруохал бас-көс буолан олордоҕуна, нууччалар кэлбиттэр, «ыраахтааҕы умнатын» биэримээри дьаһаах хомуйааччылары өлөртөөн баран куотан, Скрябин- Чалҕааттан II Мөҥүрүөҥҥэ тахсар Ньундугуйа үрэҕэр баар Одур Булгунньахха саһан олоро сылдьыбыт. Кэлин булан кыайан буруйдаабатахтар, нууччалар кыргыһы тохтоппуттар.
Үһүйээн салгыытын Идэлги «Мэҥэ бэртэрэ» кинигэтигэр сэргии ааҕыҥ!
Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.