БОРУУЛААХ НЭҺИЛИЭГИН ҮҺҮЙЭЭННЭРЭ

Ааптар: 
25.07.2018
Бөлөххө киир:

Олорбуттара эбитэ үһү биир сиргэ тоҕус быраат байдылар. Улахан убайдара Нэмирэ тойон баатыр. Оттон Чуоҕур үрэх төрдүгэр Эҥэҕэ хоролор олорбуттар.

Нэмирэ хоролортон кийиит кэпсэппит. Кийиит кыыс убайа баатыр Нэмирэни кытта иирсиэн баҕарар эрээри, аҕатыттан куттанар эбит. Нэмирэ хоролорго ыалдьыттыыр кэмигэр, кийиит убайа биллэрбэккэ Байды нэһилиэгэр кэлэн, күтүөтүн бырааттарыгар киирбэккэ эрэ, ураһа таһыгар баар хамначчыты, тас үлэһиттэри өлөртөөн, Нэмирэ тойон таҥаратын – саадьаҕай буулуур биэтин уоран барбыт.

Кини бу уоран-талаан кэлиэн иннинэ хоролор тойонноро дьик гыммыт. «Эт татай, оҕолоор! Саадьаҕай буулуур биэ хаанынан ытаатаҕа үһү. Илбис тураары гынна эбээт!» Инньэ диэтин кытта, уола биэлээх тиийэн кэлбит.

– Дьэ, нохоо, эн улахан аньыыны, сааты-сууту оҥордуҥ. Альдархайы, аньыыны оҥорбокко ити биэни ыытан кэбис! – диэбит аҕата уолугар.

Уол тахсан сэргэҕэ бааллан турар биэни төбөтүн быһа охсубут, биэ төбөтө хатыс быаҕа намылыйа ыйаммыт уонна хаанынан ытаабыт, харахтарыттан хаан тохтубут.

Күтүөттэрэ кини таҥара оҥостон үҥэр биэтин өлөрбүттэрин билэн, улаханнык өһүргэммит-кыбдьырыммыт. Өһүргэнэн иһин тоҕо түһэ сыспыт. Кистэлэҥинэн атын туттарбыт уонна кэргэнигэр эппит: «Сарсыарда бэйэлэрэ билиэхтэригэр диэри мин барбыппын кимиэхэ да этимэ».

Түүн айаҥҥа туруммут, ол баран иһэн Ат Хайатын таһыгар бырааттарын ахсыаннарын утары көрсүбүт. Бырааттара биэни өлөрбүт киһини суоллаан иһэллэр эбит. Хараҥата бэрт буолан убайдарын билбэтэхтэр.

— Хайа киһи иһэрий? – диэн ордоотообуттар.

– Тохтооҥ, тохтооҥ, доҕоттоор, – диэбит Нэмирэ.

– Хайа киһиний? Илиигин-атаххын мээнэ хамсатыма! Эн хааҥҥынан үҥүүлэрбитин аһатан баран салгыы айанныахпыт, дэспиттэр онуоха бырааттара.

– Тохтооҥ, тохтооҥ, доҕоттоор, – дии-дии Нэмирэ күнү утары кинилэри эргийбит.

Бырааттара, дьэ, онно тохтообуттар. Кыргыһыыга кэтэр таҥаһын илдьэ кэлбиттэрин биэрбиттэр. Нэмирэ куйаҕын кэппитин кэннэ кутаа оттубуттар: «Хоро тойонун хаанын тобукпутугар диэри кэһиэхпит дуо? Илбис иччитин, Уот иччитин арыынан аһата-аһата, тохсуон үҥүүлэрин өрө ууна-ууна алҕаабыттар: «Илбиспит иччитэ күүрэн кулу эрэ. Хорсун-хоодуот буоларбытыгар күүстэ биэр!» Инньэ диэттэрин кытары, үҥүүлэрин тула кыһыл уоттар эриллибиттэр. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн бырааттыылар айаҥҥа туруммуттар. Хороҕо түүн кэлбиттэр. Дьахталлар туйах тыаһын истэн баран:

– Ээ, Оһохтоох күөлэ тааһын тыаһа баар эбээт, – дэспиттэр.

Хоролор тойоннорун ураһатын дьиэтин түөрт муннугар чуолҕаннардаах эбит. Ол чуолҕаннарынан бардахха ыраах куотуохха сөп эбит. Нэмирэ чуолҕаннары билэр буолан тахсар ааннарыгар хастыы да киһини туруортаабыт. Бырааттыылары кытта Байды нэһилиэгиттэн бэрт элбэх киһи кэлсибит. Ураһа түннүктэрин, ааннарын, турбатын тоҕо сынньыбыттар, оту симэн баран уот аспыттар уонна Хоро тойонугар: «Убайбыт кэргэнин биһиэхэ аҕал», – диэбиттэр. Хоролор кийиити таҥыннаран, киэргэтэн таһаарбыттарын кэнниттэн байдылар дьиэни уоттаан кэбиспиттэр. Хоролор чуолҕаннарынан куотаары гыммыттарын тоһуйа сытан байдылар барыларын кыргыбыттар.

Ол кэнниттэн байдылар кийииттэрин илдьэ төннүбүттэр, ол эрээри кийииттэрэ содур дьахтар буолан, бырааттарыыларга бэйэ-бэйэлэригэр төттөрү-таары хобулаан, дэлби иирсиһиннэртээбит. Онтон сылтаан бырааттара убайдарыгар кыыһырбыттар уонна хайдах кинини өлөрөрү толкуйдуу сатаабыттар.

Үлдьү саба түһүөхтэрин саллаллар, убайдара улахан күүстээх киһи эбит. Онон убайдарын дьиэтигэр от симэн баран уоттаабыттар. Нэмирэ чуолҕанынан куотаары гыммытын тоһуйан турбут быраата быһаҕынан иһин тыыра тардан кэбиспит. Нэмирэ иһин илиитинэн өйүү тутан ураһатыгар киирэн уотун утары олорбут: «Бу содур дьахтартан сылтаан миигин өлөрдүгүт», – диэн баран үҥүүтүн ылбыт уонна үҥүүтүнэн дьахтарын дьиэтиттэн үтэн таһаарбыт. Ол кэнниттэн бырааттарын кыраабыт: «Эһиилги дьылга соҕуруу дойдуттан харыс бытыктаах, хаххыра харахтаах, хонтойбут муруннаах нуучча омук кэлиэх тустаах, халлаантан ол курдук биллэрбиттэрэ миэхэ. Онуоха мин халыҥ хахха, суон сүллүгэс буолуом дии санаабытым. Ону миигин кутаалаах уоту кытта көтүттүгүт. Кинилэр кэлэннэр эһигини суох гыныахтара. Байды ааттаах сэттэ атыыры ииттэххитинэ сэттээх буоллун, сэттэ уоҥҥутугар тиийбэт буолуҥ, өлүҥ, сэттэ уол оҕону төрөттөххүтүнэ сэттээх буоллун! Айыыһыт аттыгар уоттуйбут сиэллээх, куйахалаабыт кутуруктаах үөр атыыра сылгы буоламмын туора түллүөм. Бэрт сэти, кээнчэни оҥордугут. Бу мин кыраабыт кырыыһым тоҕус үйэ тухары барыаҕа, тоҕус үйэттэн уурайыахтын!»

Ол кэнниттэн Нэмирэ өлбүт. Кини өлбүтүн кэнниттэн аҕыс бырааттыылар ый буолан баран убайдарын аһыйан, харыһыйан ытаспыттар-соҥоспуттар, убайдарын ойоҕор кыыһырбыттар: «Эйигиттэн, содур дьахтартан сылтаан, убайбытын өлөрбүппүт!»

Үөрбэ маһы уһуктаан баран дьахтары ол үрдүгэр олордубуттар. Икки бырааттыылар икки ойоҕосторугар үҥүүлэрин аспыттар, үҥүүлэрин сулбу тардан ылбыттарыгар, дьахтар бааһырбыт сирдэриттэн кытархай кырынаастар сырсыбыттар (кыһыл сиэр кырынаас содур майгы бэлиэтэ). Дьахтар өлөн хаалбыт. Икки эр бэртэрэ кырынаастары эккирэтэн көрбүттэр да, сиппэтэхтэр.

Убайдара Нэмирэ бастакы кэргэниттэн биир уол оҕолоох эбит, ол уол оҕо таайдарыгар иитиллэн олорбут. Биирдэ кини куобахтыы бараатын кытта, нууччалар кэлбиттэр. Аҕыс бырааттыылар кинилэри кытта сэриилэһэ тахсыбыттар. Көрдөхтөрүнэ нууччалар тайах атаҕар майгынныыр сэптэринэн кыҥаан баран ыттахтарына, «балк» гынар тыас иһиллээтин кытары, киһи сууллан түһэр. Байдылар куттаммыттар, ураһаларыгар төннөн киирбиттэр. Нууччалар ураһалары таһыттан уоттаабыттар, быкпыт киһини ытыалаан иһэллэр эбит. Дьиэ кэннигэр байдылар саамай бэртэрэ сытар эбит. Өһүө сууллар кэмигэр кини уһун үҥүүттэн тирэнэн, истиэнэ нөҥүө ыстаммыт уонна оҥхойго тиийэн түспүт, нууччалар кинини ытыалаабыттар. Кини ох саанан ытан үс нууччаны өлөрбүт, ол кэнниттэн кинини бэйэтин өлөрбүттэр.

Байдылары барыларын кырган баран, нууччалар урусхалламмыт дьиэҕэ киирэн ньэҥньийбиттэр. Көрбүттэрэ: биллэриккэ үүс саҕынньах сытар эбит. Биир саллаат арыйа баттаабытыгар, саҕынньах анныттан тоҕус саастаах кус сыгынньах оҕо ойон тахсыбыт, дьоннор быыстарынан, атахтарын икки ардыларынан куоппут. Биир саллаат эккирэтэн көрбүт да, сиппэтэх. Саабылатынан кэнниттэн бырахпытыгар уол өрө ыстаммыт, саабыла атаҕын икки ардынан ааспыт уонна сиргэ батары киирбит. Уол саабыланы туура тардан ылаат, тыаҕа куоппут. Нууччалар кинини салгыы эккирэтэ барбатахтар. Хотоҥҥо саспыт уол эмиэ куоппут.

Бу сааскы кэмҥэ буолбут. Арай, Нэмирэ тойон уола бултаан испит, дьиэҕэ чугаһаан иһэн толкуйга түспүт: «Сааскы тыалтан хараҕым салгылаатаҕа дуу?» Хараҕын сотто-сотто көрбүт. Атынан хаамтаран кэлбитэ, араас элбэх саҥа иһиллэр, бэрт элбэх билбэт дьоно бааллар. Саллааттар аттарыгар олоро түһээт, кинини эккирэппиттэр. Нэмирэ тойон уола атын эргилиннэри тардаат, муҥ тыынынан кинилэртэн куоппут. Бу Быраҥаатталаах күөлүн таһыгар этэ. Икки саллаат кинини ситэн кэлбиттэр. Биирдэстэрэ хонноҕун икки ардынан үҥүүнэн аспыт, иккиһэ саабыланан оройго биэрбит да, куйаҕа эрэ тыаһаабыт. Биир нуучча ситэн кэлбит, көрдөҕүнэ барыта тимир, арай харахтара эрэ чаҕылыһаллар, тимири быһыта сынньа сатаабыт, харахтарын тэһэ анньаары гыммытыгар, саха саабыланы туура тардан ылан тосту тутан кэбиспит.

—Оо, абааһы! – дэспиттэр нууччалар. – Таас ытык Сэльбик буор баттах баар!» Саха дьиэ сэмнэҕэр төннөн кэлбит, икки куоппут уолу суоллаан булбут. Ол кэнниттэн кимнээх буолалларын эппэккэ эрэ нууччалары кытта билсиспиттэр, кыралаан нууччалыы тыллары өйдүүр буолбуттар уонна түһээни саамай үчүгэй хаачыстыбалаах күндү түүлээҕинэн ат төһөнү кыайарынан эбэтэр оҕус төһөнү соһорунан төлөөбүттэр. Саха аата Бадай Сэльбик диэн эбит, киниттэн Байды аҕа ууһа тарҕаммыт.

Ылдьаана эмээхсин

Ылдьаана эмээхсин туһунан дьон араастаан кэпсиир. Кини Сохсолооххо олорбута үһү. Божедонов Петр Дмитриевич Ылдьаана төрүттэрэ эбит.

Бу удаҕан да, көрбүөччү эҥин да буолбатах. Сулустар сир киһитигэр, истэр кулгаахтаах киһиэхэ тугу сипсийэллэрин дьоҥҥо тиэрдэр, ол аата астролог. Ылдьаана эмээхсин буола да илигинэ мэнээк түбэһиэх айахха киирбиччэ тыллаах курдук буолан, кини тугу этэрин бастаан утаа дьон кэрэхсээбэт эбит.

Эдэр сылдьан «Кэнээртэн кинээс төрүөҕэ, Кууһуматтан кулуба төрүөҕэ» диэн тыллаах эбит. Кэнээр уонна Кууһума диэн ыаллартан уол оҕолор төрөөбүттэр. Сыллар-күннэр ааһан испиттэр. Уолаттар улаатан эр дьон буолбуттар. Кэнээр уола кинээс буолбут, Кууһума уола кулуба буолбут. Ынахсыт уонна Сохсолоох икки ардыгар Кууһума Отуулааҕа диэн алаас баар. Бука, Кууһума диэн киһини кытта ити алаас аата сибээстээҕэ буолуо. Дьэ, ити эрэ кэнниттэн дьоннор Ылдьаана эмээхсин тылын кэрэхсээн истэр буолбуттар.

Ылдьаана эмээхсин сорох астрологическай бэлиэтээһиннэрэ манныктар:

  1. Хампа алааһын тула өттүнээҕи ойуур тииҥ кутуругун курдук тэбис-тэҥ буола лэглэйэ үүнүүтүн саҕана, саалаах дьон сааларын туппутунан тобуктарын үрдүгэр утуйан туруохтара.
  2. Хорообуйа бэргэһэлээх саалаах дьоннор сэриилэрэ кыайыаҕа. Убай быраатын, быраат убайын өлөрөр сэриитэ буолуоҕа.
  3. Тимирдээх этэрбэстэниэххит, баскытыттан атаххытыгар диэри солко таҥастаныаххыт.
  4. Соҕурууттан тиэллэн кэлбит күн сирин эгэлгэ аһынан аһылыктаныаххыт. Ол аскыт үйэҕитин кылгатар ыарыылаах ас буолуоҕа.
  5. Торулуур тоҥ нуучча доҕордонуоххут.
  6. Бас киһи атах, атах киһи бас буолуоҕа. Үптээх үбэ үрэллиэҕэ, баайдаах баайа былдьаныаҕа. Баай үйэтэ бүтүөҕэ, атын үйэ кэлиэҕэ.
  7. Арҕааттан аан дойду алдьархайдаах сэриитэ буолуоҕа. Ону кытта бииргэ умайар уот кураан сатыылыаҕа. Дьаҥ-дьаһах элбиэҕэ, өлүү-сүтүү үксүөҕэ.
  8. Сыарҕа муҥунан аһы тиэйэ сылдьан харгыйан өлүөххүт. Ол аскыт суут-хааһына аһа буолуоҕа.
  9. Ыт буута сүүрбэ биэс солкуобай кыһыл көмүс буолуоҕа. Харчыны сүгэ сылдьан харгыйан өлүөххүт. Сордоох-муҥнаах тоҥ киһи уҥуоҕун тоҥсуйуоҕа.
  10. Ынахпыт үүтэ эрэ дии-дии ытаһыаххыт.

Дьэ бу кэнниттэн олох көнөн, үчүгэй буолуохтааҕын туһунан эмиэ эппит. Ону кыра оҕо сылдьан эһэлээх эбэм кэпсэтэллэрэ. Билигин күннэр-дьыллар халыҥ былыттарынан сабыллан, Ылдьаана эмээхсин билгэлээһиннэрэ сүтэн-оһон оччолоох туох да хаалбата.

Хос быһаарыылар:

  1. Ылдьаана эмээхсин уҥуоҕа Хадаар хонуутугар Кылыс Күрүө диэн сиргэ баар.
  2. Хампаҕа саалаах дьон хаһан да хоммотохтор.
  3. Ылдьаана эмээхсин төрүттэрэ Божедонов Петр Дмитриевич (секретарь Бүөтүр).
  4. Кэтириис дьиэтиттэн аллара Торопуун өтөҕө диэн сиргэ баар.
  5. Итииктээх куор диэн ыарыы баар, ол ыарыы туран, ыарыйдаххытына, мамонт уостаах бэргэһэни кэтээриҥ диирэ үһү. Кэтэллэрэ да, туһалааҕа биллибэт үһү.
  6. Ыт буута сүүрбэ биэс солкуобай кыһыл көмүс диэн тылы кэлин дьоннор уларытан кэпсээбит буолуохтаахтар, сэрии саҕана көннөрү сүүрбэ биэс солкуобай буола сылдьыбыт.
  7. Колхоз холбоһуктааһынын туһунан эмиэ эппит.
  8. Хаайыылаах дуу, кулаак дуу саҕана харгыйан өлөөрү эрэйи көрбүт киһи кур уҥуоҕун, баҕар тоҥсуйбута буолуо.

Мавра Неустроева,

1919 с.т., икки кылаас үөрэхтээх, үлэ уонна тыыл бэтэрээнин ахтыытыттан сурулунна.

Боруулаах нэһилиэгэ.

«Бичик» кинигэ кыһатыгар «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо» сиэрийэнэн 2007 с. тахсыбыт, Е.Н. Потапова хомуйан оҥорбут «Дьааҥы үһүйээннэрэ» диэн кинигэттэн ылылынна. М.П. Баишева уруһуйдара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0