Боруоданы тупсарыы — ситиһии төрдө

Ааптар: 
04.10.2017
Бөлөххө киир:

Сүөһүттэн бородууксуйаны ылыы хаһаайыстыбалар үлэни-хамнаһы хайдах тэрийэллэриттэн уонна иитэр сүөһүлэрин боруодатыттан тутулуктаах.

edersaas.ru

Федеральнай ирдэбил кытаанах

2008 с. племенной үлэ сөргүтүллэрин саҕана, федеральнай реестргэ Саха сирин усулуобуйата учуоттаммыта. Россияҕа симменталь ынахтан 3 тыһ. 200, холмогортан 3 тыһ. 600 кг үүтү ыыр ирдэнэр буоллаҕына, бу биһиэхэ 2 тыһ. 200 кг быһыллыбыта. Онон ынах сүөһүгэ 36-ҕа тиийэ хаһаайыстыба племенной буолан, федерацияттан кэлэр үбүнэн туһанар кыахтаммыта. Кэлиҥҥи сылларга Россия Аан дойдутааҕы эргиэн тэрил­тэтигэр киирэринэн, намтатыллыбыт ирдэбил туруоруллара тохтообута, арай, таба, сылгы Уһук Хоту дойдуга норуот селекциятынан ууһатыллыбыт төрүт олохтоох боруода буолаллара учуоттаммыта. Ол түмүгэр, Россия племсибидиэтэлистибэтин ынах сүөһүгэ 2012 с. уон үс, 2014 с. алта эрэ хаһаайыстыба туппута.

Билигин

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Россияттан сибидиэтэлистибэлээх 37 племенной хаһаайыстыба баар: 22 хаһаайыстыба сылгыны үөрдээн иитиигэ, тоҕус хаһаайыстыба ынах сүөһүгэ, түөрт хаһаайыстыба таба салаатыгар, икки хаһаайыстыба сибиинньэҕэ.

Ынах сүөһүгэ Россия таһымнаах племрегистр быһыытынан үлэлиир тоҕус хаһаайыстыбаттан алтата (“Нөмүгү” агрофирма, “Тумул”, “Кириэстээх”, “Танда” кэпэрэтииптэр, “Күндээдэ” АУо, “Хорообут” ХЭУо) сэмэнтээл боруода сүөһүнү, иккитэ («Бөртө» сылгы собуота”, “Кладовая Олекмы” ХЭУо-лар) холмогор боруоданы, биир хаһаайыстыба («Сахаагроплем» генофонда питомнига) саха сүөһүтүн иитэллэр.

Бытааннык эрээри, эрэллээхтик

Саха сүөһүтүн Эбээн-Бытантай улууһа, “Бытантай” генофонда питомнига, Горнайга, Намҥа, Өймөкөөҥҥө, Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа, Дьокуускайга учаастактардаах «Сахаагроплем» уонна биэс бааһынай хаһаайыстыба иитэллэр. Барыларыгар холбоон 1 тыһ. 519 сүөһү, ол иһигэр 638 ынах баар. «Бытантай» сүөһүтүн ахсаана аччыыр буоллаҕына, «Сахаагроплем» кыралаан эбэр. Хаҥалас олохтооҕо Саргылаана Соломонова төрүт сүөһүбүт ахсаана аҕыйаан, уруурҕаһар куттал баарын учуоттаан, искусственнайдык буоһатыынан төрүөҕү тупсарар суолу тутуста.

Туспа тиип быһыытынан билиннэххэ эрэ

Аҕыс племенной хаһаайыстыбаҕа 2017 с. тохсунньу 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн 3 тыһ. 484 племенной сүөһү, ол иһигэр 1 тыһ. 772 ынах баар. Ааспыт 2016 с. устата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир ынахтан ортотунан 2 тыһ. 192 кг үүт ыаммыт буоллаҕына, племенной хаһаайыстыбалар 3 тыһ. 47 кг ыабыттар. Ордук үрдүк көрдөрүүнү хаҥаластар ситиспиттэр: “бөртөлөр” ынах ахсыттан 3 тыһ. 604, “нөмүгүлэр” 3 тыһ. 124 кг ыабыттар. Хаһаайыстыбалар ынахтарын 100 % искусственнайдык сиэмэлииллэр, төрүөҕү 90-92 % ылаллар. Ходуһаны эрэ манаабакка, үүнүүнү бааһынаттан ыларга үлэлиир, элбэх сыллаах оту ыһар, сиилэстиир, сенажтыыр, быһата сүөһү аһылыгын базатын тупсара сатыыр буоллулар. Толору хааччыллыылаах комплекстары туттууга эмиэ күүстээх үлэ ыытыллар. Ол эрээри, сымнаҕас килиимэттээх киин регионнар таһымнарын ситэр манан аҕай дьыала буолбатах, Москуба субсидиятыттан маппыт хаһаайыстыба элбэх.

Ити иһин…

Галина ОСИПОВА, Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин Сүөһүнү иитиигэ уонна племенной дьыалаҕа департаменын сүрүн исписэлииһэ, биологическай наука хандьыдаата:

Биһиги туруорсаммыт, онуоха-маныаха диэри кыччатыллыбыт нуорманы ситиһэн, хаһаайыстыбаларбыт федеральнай племрегистр буоллулар. Билигин ССТХНЧИ учуонайдара саха сүөһүтүн кытары булкуһан ууһатыллыбыт, уруккуттан иитэн кэлбит симменталларбытын, холмогордарбытын туспа тиип быһыытынан бигэргэттэрэргэ үлэлииллэр. Олохсутуллубут боруодаларбыт саха сүөһүтүн тупсарыллыбыт тиибин быһыытынан билиниини ыллахтарына эрэ, федеральнай ирдэбили бэйэбит уратыбытыгар сөп түбэһиннэрэр кыахтаныахпыт.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0