Маҕаһыынтан ылбыт малы, бородууктаны хайдах ыраастыахха сөбүй? (СҮБЭ)

Ааптар: 
03.05.2020
Бөлөххө киир:

Коронавирус үгэннээн турар кэмигэр хас биирдии киһи таһырдьаттан киирээт даҕаны илиитин суунарын билэр. Маҕаһыынтан ылбыт малбын, бородууктабын кытта дьиэбэр ыарыы кэлсибэтин туһугар тугу дьаһаныах бэйэбиний диэн толкуйдаан көрбүт буолуохтаах.

edersaas.ru

Исписэлиистэр кэлин илиини көннөрү мыыланан суунары таһынан кэккэ сүбэлэри биэрэллэр. Ол курдук, таһырдьаттан киирэн баран хайаан даҕаны илиини сылаас уунан мыылалаан 20 сөкүүндэ устата суунуҥ дииллэр. Онтон муруну, күөмэйи сайҕанар ирдэнэрин ыйаллар.

Аһылыгы мыылалаан сууйар, дезинфекциялыыр кутталлаах дииллэр. Ол оннугар сылаас ууга сайҕыахха сөп. Оттон хахтаах, тастаах бородуукталары салпыакканан сотуохха эбэтэр атын иһиккэ көһөрүөххэ сөп. Холобур, сымыыты ячейкатыттан ороон атын иһиккэ уурар, эбэтэр үүтү молуоһунньукка кутар кыаллар бөҕө буоллаҕа. Оттон фруктаны уруккуттан даҕаны кичэйэн сууйуҥ, хахтаан сиэҥ дииллэр.

Күннэтэ илиибититтэн араарбакка туһанар төлөпүөммүтүн хайдах сотобут диэн сиэрдээх ыйытыы үөскүүр. Маныаха исписэлиистэр испиирдээх анал салпыакканы туһаныҥ дииллэр. Маҕаһыыннарга атыыланар. Ол суох түгэнигэр антисептическэй сурадаһыны таҥаска тамматала түһэн баран сотуохха сөп. Эбэтэр букатын судургутук мыылалаах таҥаһынан сотон ылар ордугун ыйаллар. Смартфону соторго хлор барбатын ыйаллар.

Ыарыы саҕана атыылаһарга илиинэн таарыйбакка эрэ (бесконтактнай) төлөһөргө сүбэлииллэр. Аныгы кэмҥэ смартфону, смарт-чаһыны, банковскай каартаны туһаныахха сөп. Ол эрээри, каартаны атыыһыкка, курьерга биэрбэккэ төлүүр ордук.

Өскөтүн маҕаһыынтан уу харчынан атыылаһар түгэҥҥэ, дьиэҕэ кэлэн баран илиини кичэйэн суунуллуохтаах. Сэрэххэ анал дезинфицирующай сирэстибэни туһаныааха сөп. Саамай элбэх микроб, вирус харчыга (илииттэн-илиигэ сылдьар буолан) баара уруккуттан биллэр. Онон маныаха сэрэх хаһан даҕаны мэһэйдээбэт. Аны туран, харчыны сорохтор испииринэн сотоллор эбит. Бу сыыһа.

Таһырдьаттан киирэн баран тас таҥаһы хас сырыы аайы сууйар кыаллыбата биллэр. Биирдэ кэтиллэр бэрчээккини, маасканы быраҕыҥ. Онтон элбэхтэ туһаныллар маасканы кичэйэн хаһаайыстыбаннай мыылалаан сууйан баран икки өттүттэн итии өтүүгүнэн өтүүктэниллиэхтээх. Тас таҥаһы салгын охсор сиригэр (таһырдьа, балкоҥҥа) хоннорор, онтон өтүүктүүр ордугун ыйаллар.

Таҥас суумканы, үрүксээги таҥас сууйар массыынаҕа сууйтарыахха сөп. Оттон тирии суумканы, кумааһынньыгы антибактериальнай салпыакканан сотор булгуччу ирдэнэр. Күлүүһү эмиэ салпыакканан сотуохха сөп.

Саамай элбэх бактерия, вирус харчыны сэргэ аан тутааҕар баар. Онон дьиэ аанын күннэтэ уонна таһырдьаттан кэлэн баран мыылаллаах уунан сууйар, испиирдээх антисептигынан эбэтэр хлордаах сурадаһынынан сотор наада.

Оттон дьиэ иһинээҕи малы-салы күннэтэ мыылалаах уунан эбэтэр анал салпыакканан сотуҥ дииллэр. Аһыыр остуолу бытовой химияны туһанан сууйар ордук.

Сэрэхтээх буолуҥ, дьиэҕэ олоруҥ.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0