«Роснедр» тэрилтэтэ билигин да Горнай улууһун сирин-уотун 80 бырыһыанын түҥэтииттэн «сабан» турара хомолтолоох.
Еdersaas.ru
Ону хаһан арыйарын олохтоохтор докумуоннатан ылаары күүтэллэр. Кинилэр «Горнайга сир баайын чинчийэн баран, кэлин сыыйа арыйан иһиэхтээхтэр» үһү. Ол эрэн онтулара олус уһаата, дьон-сэргэ ыксыыр, долгуйар.
Уһук Илиҥҥи гектаары ылыы, сайыҥҥы кэмҥэ араас үлэҕэ үтүрүттэрэн, билигин намырыы сырытта. Мантан антах дьон-сэргэ дьиэҕэ-уокка кэлэн, уоппускаттан тахсан сири ылыыга күүстээхтик туруннахтарына сатанар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятын 5-с ыстатыйатыгар сиргэ сыһыаннаах маннык этиилэр бааллар:
Сир, сир аннын баайа уонна айылҕа атын туһалыыр кыаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун олоҕун хааччыйар уонна тыыннаах буолар төрүтүн быһыытынан туһаныллар уонна харыстаныллар.
Бу ыстатыйа олус дириҥ суолталаах дии санаабаккыт дуо?. Итиннэ олоҕуран биһиги хас биирдиибит сиргэ сыһыаны, сири кытта үлэни «олоҕу хааччыйар уонна тыыннаах буолар төрүт» быһыытынан сыаналыырга үөрэниэхтээхпит, ураты кыһамньыбытын ууруохтаахпыт, сөптөөхтүк туруулаһыахтаахпыт.
Ильин: «Дьоҥҥо быһаара сатыыбыт»
Бүгүн биһиги Горнай улууһун дьаһалтатын баайга-дуолга, сири кытта сыһыаннаһыыга управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Айаал Ильини кытта кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит.
— Айаал Альбертович, бастатан туран, Уһук Илиҥҥи гектаары ылыыга туох сүрүн үлэлэр ыытыллыбыттарын билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.
— «Уһук Илиҥҥи уокурукка биирдии гектары биэрии туһунан» 119-с нүөмэрдээх Федеральнай сокуон үлэҕэ киириитинэн, элбэх үлэ ыытылынна. Ол туһунан хаста да улуус хаһыатын ааҕааччыларыгар сырдатан турабыт. Урут ылыллыбыт сирдэри чуолкайдыыбыт. Ол курдук, аҥардас быйыл уруккуттан бас билиигэ баар эрээри, докумуона суох 548 сир учуокка турда. Ситэ оҥоһулла илик, докумуоннаах сирдэргэ, 1135 уведомление дьонтон хомуллан, Федеральнай иһитиннэрэр ситимӨэ көмүскэннэ.
Инники тутуу барыахтаах сирдэрин нэһилиэктэринэн чуолкайдаан, резервэлээһини ыыттыбыт. Билигин уопсай сүөһү мэччирэҥ сирдэрин докумуоннааһын үлэтэ бара турар. Нэһилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн сылдьан, 34 көрсүһүүнү тэрийдибит, семинардары, араас быһаарар-өйдөтөр үлэлэри ыыталаатыбыт.
Судургутуу
— Сир ылыан баҕалаахтарга докумуоннаһыыны арыый судургутутар, уочараты аҕыйатар туһугар тугу гынныгыт?
— Бэйэбит улууспут иһигэр 13 бигэргэтэр кииннэр, Уһук Илиҥҥи гектаары биэриини судургутутар, дьоҥҥо чугаһатар инниттэн, 10 боломуочуйалаах уорган аһыллан, нэһилиэнньэни кытта быһаччы үлэлии, көмөлөһө олороллор. Онон ити өттүгэр, мин санаабар, улуус дьаһалтата сөптөөх дьаһаллары ылынна. Ким даҕаны “нэһилиэнньэ уһун уочаракка турар”, эбэтэр “табыгаһа суох, эрэйдээх” эҥин диир кыаҕа суох. Бары өттүнэн аан аһылынна, сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ.
Кадаастыр учуота
— Нэһилиэнньэлээх пууннары кадаастырдааһыҥҥа туох үлэ барарый?
— Үс нэһилиэнньэлээх пуун кыраныыссалара кадаастыр учуотугар турдулар. Алта сэлиэнньэ генеральнай былааннарыгар уларытыы оҥоро сылдьаллар. Ону таһынан нэһилиэктэр сирдэрин-уоттарын кыраныыссаларын тардыы (межевание) бырайыагын оҥоттороллор. Билигин сири-уоту чуолкайдааһын, онно көстүбүт сыыһалар, каартаҕа сөп түбэспэт буолууну, кадаастыр үлэтин кэлимник ыытыыга Государственнай программаҕа киллэттэрэр туһугар дьарыктанабыт. 2018 с. программаҕа Бэрдьигэстээх уонна Кировскай нэһилиэктэрин киллэрэргэ сайаапка ыытыбыт.
Горнайга 160 киһи сир ылла
— Онон Уһук Илиҥҥи гектаары ылыыга төһө киһи баҕа санаатын биллэрдэ, хас киһи ылла?
— Атырдьах ыйын 1 күнүннэҕи туругунан, 286 сайабылыанньа киирдэ, 161 схема кадастр учуотугар турда, сири биэрэр туһунан 160 дуогабарга илии баттанна.
Бороҥ сирдэр
— Истэр-билэр тухары сыл саҕаланыаҕыттан сирбит барыта кэриэтэ «бороҥ өҥүнэн (түҥэтиллибэт сирдэр – аапт.) бүрүллэн турар», хаһан да ыраастанара биллибэт, наадалаах сирбитин кыайан ыла иликпит диэччи элбэх…
— Ити чахчы. Сыл саҕаланыытыгар сирбит 87 бырыһыана сабыылаах буоллаҕына, итинтэн билигин 7 бырыһыан курдуга арыллан турар. Федеральнай суолталаах «Роснедр» тэрилтэ сирбитигэр-уоппутугар урут ыытыллыбыт геологическай чинчийиилэри үөрэтэн, билиҥҥи ыыта сылдьар үлэлэригэр олоҕуран быһааран баран, наадалааҕын, туох эрэ сиртэн хостонор баай баар буолуоҕун сөптөөҕүн бэйэтигэр хаалларан баран, сабан турар кыраныыссаларын арыйан, «Росреестргэ» чуолкайдаммыт кыраныыссаларын туттарыахтаах. Биһиэхэ быһааралларынан ити сотору кэминэн буолуо дииллэр.
— Сир ылбыт киһи, саҥа сирэ төһө да ханан баарын, хайдаҕын билбитин иһин, анал үлэһиттэринэн быһаартарыахтаах буоллаҕа дии?
— Кэлин араас мөккүөрдэр тахсыбаттарын туһугар, кадастр инженердэрин ыҥыран уруккулуу эттэххэ, баҕана туруортаран, бэлиэтэтэн кэбиһиэхтээх. Биһиэхэ билиҥҥитэ икки инженердээхпит: Ариан Игорович Степанов уонна Евения Алексеевна Чемезова.
— Кинилэр ыраах нэһилиэктэри барыларын хайдах хабыахтарай, атын специалистар быһаарар кыахтара суох дуо, сыаната төһөнүй?
— Биллэн турар, анал лицензиялаах, көҥүллээх дьон дьарыктанар, сири кытта үлэлиир специалистарга сыһыарыахха сөбүн туһунан этии эмиэ баар. Оннук өҥө сыаната чуолкайдана илик. Дьаһалталар инженердэри эбии куораттан ыҥыттаран, нэһилиэктэригэр үлэлэтиэхтэрин сөп.
Сиргэ үлэлээҥ!
— Түмүккэ тугу баҕарыаҥ этэй?
— Уһук Илиҥҥи гектаар сири ылыыга быһаарыылаах кэмнэр саҕаланан эрэллэр. Судаарыстыба итинник көҥүлү биэрэрин, ким да мүччү тутуо суохтаах дии саныыбын. Төһө кыалларынан, сири кытта үлэлээн, тыа дьоно онтон дохуоттаналларын тэрийсэн, кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар нэһилиэстибэ быһыытынан хаалларар сүрүн баайдарыттан биирдэстэрэ ити буолуохтааҕын таба туһаныахха.
Хаһан баҕарар сирдээх-уоттаах киһи, өлөн-охтон биэрбэт диэн ааттыыллар. Ийэ сир биэрэр быйаӨа, биһигини хаһан да тыа сириттэн тэйитиэ суохтаах. Омукпутунан ааттаммыт өрөспүүбүлүкэбитигэр, сирбитин ким бас билиэхтээҕий? Бэйэбит!
Василий АЛЕКСЕЕВ, «Үлэ күүһэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, кэпсэттэ.
Ааптар уонна Прокопий Бубякин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Горнай, Бэрдьигэстээх.