Бороҕоттор ойуур баһаарын умуруоран баран, отторугар түһүннүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһун Бороҕунугар этиҥ чаҕылҕаныттан аҕыс ойуур баһаара күөдьүйэн, олохтоохтору ыксата сырытта.

Ордук 28-с №-дээх уот кыайтарбакка, уоту умуруорууга элбэх күүс түмүллэ сырытта. Билигин бу уоту эргиттилэр, онон уоту кэтээн көрөр уонна уот көрдүгэннэрин умуруорар үлэлэр салгыы бара тураллар.

– Бу уот ойууру сиэбит саҕатынан кэрийэн бардахха, үс көс усталаах сир буолар. Баһаар турбут сирдэрэ муохтаах, торфяниктаах буоланнар, уоту умуруорарга уустуктары көрүстүбүт. Билигин уоту кэтээн көрөр уонна көрдүгэннэри умуруорар үлэлэлэри «Авиалесоохрана» байыастара ыыталлар. Биһиги дьоммут уоттан, дьэ, босхолононнор отторугар бары киирдилэр. Бу иннинэ сэттэ уоту бэйэбит күүспүтүнэн умуруордубут, онон дьоммор махталым улахан. Түмсүүлээх буоламмыт, уоттарбыт кыра эрдэхтэринэ умуруорталаатыбыт, — диир нэһилиэк баһылыга Андрей Иванов.

Билигин Бороҕон дьоно хас алаас аайы оттуу, ким от мунньа, ким кэбиһэ, ким от оҕустара сылдьаллар.

edersaas.ru саайтка анаан Бүлүүттэн Андрей Яковлев-ЧУОС.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0